Билигин Арассыыйаҕа футбол аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ буола турар. Онно анаан дойду 11 куоратыгар 12 улахан стадиону туппуттара. Биллэн турар, онтубут эмиэ харчы уоран сиэһиннээх, кэккэ айдаан доҕуһуоллаах барбыта.
Аан дойдутааҕы Fitch диэн эриэйтин ааҕыныстыбата сылыктыырынан, Арассыыйа сорох эрэгийиэннэрэ, өр сыллаах болдьоххо, бу бачча улахан стадионнары, успуорт эбийиэктэрин кыайан көрөр-харайар кыахтара суох, мантан сылтаан бэйэлэрин онто да суох кэмчи бүддьүөттэрэ улахан охсууну ылыан сөп.
Даҕатан эттэххэ, успуорт эбийиэктэрин тутууга эрэгийиэннэр улахан иэскэ киирбэтэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, тутуу үбүлээһинин баһыйар үгүс чааһын федеральнай бырабыыталыстыба уонна чааһынай инвестордар уйуммуттара. Ол эрээри, чөмпүйэнээт кэнниттэн бу баараҕай эбийиэктэри көрүү-харайыы, үлэлэтии эрэгийиэннэргэ бэйэлэригэр сүктэриллэр. Холобур, Москуба, Санкт-Петербург курдук улахан куораттарга ол улахан таһаҕас буолбатах эбит буоллаҕына, сылга 35-85 млрд солк. бүддьүөттээх эрэгийиэннэр сылын аайы онно анаан 400-түү мөл. солк. ороскуоттууллара – ыарахан.