Киир

Киир

Саха бөҕөһө, Белоруссия хамаандатын легионера Арыйаан Тютрин Бакуга буолан ааспыт көҥүл тустуу сүүмэрдиир турнирын финалын аҥаарыгар болгар Георгий Вангеловы 7:3 ахсаанынан кыайан, тустуук эрэ барыта баҕалаах Олимпиадаҕа барар путевкатын тутта.

Биллэрин курдук, Уус Алдан ыччата 57 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө Олимпиада норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин ирдэбилин быһыытынан, “индивидуальнай нейтральнай атлет” диэн ыстаатыстаах кыттыбыта.

Хомойуох иһин, ити турнирга Хотугу Македония аатыттан тустубут биһиги ыччаппыт Владимир Егоров Алиаббас Рзазаде диэн азербайджан бөҕөһүгэр бэрт кыһыылаахтык, 3:4 ахсаанынан, кыайтаран, путевкаҕа тиксибэтэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: аһаҕас источниктан  

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар