Киир

Киир

“Дыгын оонньууларын” биир тутаах кыттааччыта, бар дьон тапталлаах бөҕөһө, Тааттаттан төрүттээх Николай Матаннанов быйылгы Оонньуу финалыгар кыттыбат буолла. Спортсмен ыһыахтар бу ыган кэлбиттэрин кэннэ эчэйбит диэн суруйаллар. Ол туһунан “Спорт Якутии” иһитиннэрэр.

Николай Матаннановы Орто Халыматтан төрүттээх Алексей Созонов диэн эдэр бөҕөс солбуйуо. Ол туһунан СӨ Национальнай многоборьеҕа федерацията иһитиннэрэр.

Санатар эбит буоллахха, Алексей Созонов “Дыгын оонньууларын” түмүктүүр сүүмэрдиир түһүмэҕэр бэһис миэстэ буолбута. Кини хотугу многоборьеҕа СӨ уонна Арассыыйа успуордун маастара. Успуорт ити көрүҥэр өрөспүүбүлүкэ рекордсмена, Арассыыйа алта төгүллээх муҥутуур чөмпүйүөнэ.

big 0863d75f4934f69bbc791e98a4ef1ea2 1607997634

Быйыл “Дыгын оонньуулара” бэс ыйын 29 – 30 күннэригэр Туймаада ыһыаҕын кэмигэр Үс Хатыҥҥа буолуохтаах. Аҕыйах хонуктааҕыта тэрийээччилэр суйбуттарынан, күрэхтэһии икки күн киин түһүлгэҕэ ыытыллыахтаах.

“Спорт Якутии” матырыйаалынан бэй.кэр.