Киир

Киир

От ыйын бастакы күнүгэр Дьокуускайга “Дохсун” успуорт комплексыгар 16 миэтэрэ үрдүктээх скаладрому арыйдылар. Аан күҥҥэ онно “Азия оҕолоро” оонньуулар “хайаҕа ыттыы” көрүҥэ ыытылынна.
 
 
Скаладрому Оонньууларга анаан норуоттар икки ардыларынааҕы ирдэбилинэн туппуттара. Эбийиэк үс сиэктэргэ арахсар.
 
VMS 9815
 
 
“Арассыыйа Олимпиада кыттыылаахтарын өйүүр пуондатын уонна РФ Хайаҕа ыттыыга федерациятын көмөлөрүнэн, аан дойду ирдэбиллэригэр эппиэттиир саҥа скаладромнанныбыт. Саха сиригэр хайаҕа ыттарын (скалолазание) сөбүлүүр элбэх киһи баар. Онон, успуорт бу көрүҥэ сайдыытыгар улахан кылаат оҥоһулунна. Мантан антах “Дохсуҥҥа” элбэх күрэхтэһии ыытыллыа”, – диэн СӨ Эт-хаан култууратыгар уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эттэ.
 
Саха сирин хайаҕа ыттыыга сүүмэрдэммит хамаандатыгар алта оҕо киирэн турар – үс кыыс уонна үс уол. Кинилэр Кыргыстаан, Казахстаан, Азербайджан уонна Арассыыйа биэс эрэгийиэнин сүүмэрдэммит хамаандаларын кытта күрэхтэһиэхтээхтэр.
 
“Норуоттар икки ардыларынааҕы ирдэбилгэ эппиэттиир скаладрому тутар туһунан быһаарыы бэрт кылгас кэм иһигэр ылыныллыбыта. Ол барыта Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһинэн олоххо киирдэ. Кини идиэйэни өйөөтүн кытта, Арассыыйатааҕы Олимпиада кыттыылаахтарын өйүүр пуонданы кытта үлэ саҕаламмыта. “Азия оҕолоро” сулустары уматар” диэн биһиги мэлдьи этэбит. Онон аан дойду таһымнаах сулустары, аан дойду рекордсменнары көрүөхпүт диэн эрэнэбит”, – диэн “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов эҕэрдэлээтэ, ыччаттарбытыгар эрэнэрин биллэрдэ.
 
Санатар эбит буоллахха, “Азия оҕолоро” оонньуу от ыйын 7 күнүгэр түмүктэнэр. Оонньуулар АЛРОСА АХ өйөбүллэринэн ыытыллар. 
 
Бэй.кэр.
Хаартыска: Мария Васильева / СИА.       

Бүтэһик сонуннар