Быйыл кыһыл ахсынньыга ыытыллыахтаах мас тардыһыытыгар Дьобуруопа чөмпүйэнээтэ уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэһэ 2025 сылга көстө. Туһааннаах быһаарыыны Мас тардыһыытын норуоттар икки ардыларынааҕы федерацията таһаарбыт. Ити туһунан СИА иһитиннэрэр.
Быйыл мас тардыһыытыгар эр дьон, дьахталлар уонна бэрээтээннэр Дьобуруопатааҕы чөмпүйэнээттэрэ, ону тэҥэ 18-гар диэри саастаах ыччат дьон биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэрэ ахсынньы 12 – 16 күннэригэр Грузия Цхалтубо куоратыгар ыытыллыахтааҕа. Ол гынан баран, тэрээһини 2025 сыл муус устарыгар көһөрдүлэр. Дьаһалы Мас тардыһыытын норуоттар икки ардыларынааҕы федерациятын бэрэсидьиэнэ Александр Акимов таһаарбыт.
Эбэн эттэххэ, Мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйээнэтэ уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэһэ, былааннаммытын курдук, сэтинньи 29 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри Бишкек куоракка буолуохтаах. Ити чааһыгар туох да уларыйыы киирбэтэх.