От ыйын 15—18 күннэригэр Монголияҕа эр дьоҥҥо мас тардыһыытыгар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буолуоҕа. Бириис бүттүүн сыаната – 30 тыһыынча дуоллар (2,2 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ).
“Монголия Мас тардыһыытыгар федерацията турниры Архангай аймагар ыытыахтаах. Былырыын ити аймагка аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх суумалаах бириис олохтонуо – 30 тыһыынча дуоллар. Эр дьон биэс ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ. Онон хас биирдии кыайыылаах 2500 дуолларынан бириэмийэлэниэ (190 тыһ. солк. курдук)”, – диэн Монголия Мас тардыһыытыгар федерацията СИА-ҕа кэпсээбит.
Күрэхтэһии Мас тардыһыытын норуоттар икки ардыларынааҕы федерациятын сөбүлэҥинэн ыытыллар. Тэрийээччилэр мадьынылары Улаан Баатартан Архангайга диэри босхо тиэрдэн биэриэхтэрэ. Күрэхтэһээччилэр аһылыктара, түһэр-хонор сирдэрэ эмиэ босхо буолуоҕа.
65, 75, 90, 125 уонна 125 кг ыарахан ыйааһыннаах мадьынылар түөрт күн устата илин-кэлин түсүһүөхтэрэ. Кыайыылаах 2500 дуоллар, иккис буолбут – 1500, үһүс – 1000 дуоллар бириэмийэлэниэ. Хас биирдии дойдуттан биир ыйааһыҥҥа биир спорстмен кыттыаҕа. Арай тэрийээччи буоларын быһыытынан, монгуоллартан ыйааһыҥҥа иккилии киһи киирсиэҕэ.
