Киир

Киир

Пхенчханнааҕы олимпиадаҕа биһиги спортсменнарбыт ынырыктаах бобуу-хаайыы, ыгыы-түүрүү усулуобуйатыгар кытта сылдьалларын билэбит. Ол гынан баран, син “киһилии” дьон спорду бэлиитикэҕэ кубулуппаттар. Биһиги тылбаасчыппыт Александр Пахомов омук СМИлэрин анаан сыныйан баран, спортсменнарбытын тас дойду суруналыыстара туох дииллэрин биллэ.

18 саастаах хаҥкыһыт Евгения Медведева хамаанданан күрэх кылгас бырагырааматыгар аан дойду рекордун олохтообутун кэннэ, омук СМИлэрэ “Медведева “клиническэй өлүү” таһымыгар сылдьан рекорд олохтоото” диэн сөхпүттэр. CNN суруйарынан, Медведева бырагырааматыгар “бүүс-бүтүннүү бэйэтин биэрэн, ис сүрэҕиттэн хаҥкылыыр буолан, мууска хаҕа эрэ сылдьар, оттон дууһата  сир-халлаан икки ардыгар көтөр, ол “клиническэй өлүүгэ тэҥнээх” үһү. Дьэ, чахчы сөхпүт дьон хайҕала.

Бу олимпиадаҕа салаасканан сырылааһыҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт АХШ спортсмена Крис Маздзер, мэтээли тутттарыы үөрүүлээх түгэнин кэннэ, суруналыыстарга Арассыыйа спортсмена бэйэтин салааскатын уларсыбытын уйадыйа кэпсээбит. Кини Оонньуулар иннинэ Латвияҕа эрчиллэ сылдьыбыт. Маныаха олимпиадаттан туораабыт, кимэ чуолкай биллибэт, Арассыыйа спортсмена Маздзер салааската алдьаммытын көрөн “мин салааскабынан эрчиллэн көр, куһаҕана суох” диэбит. Бэркиһиэх иһин, бу салааска быйыл саҥа оҥоһуллубут, киһи аһыйар сыаналаах тэрилэ эбит. Маздзер “спортсменнар хаһан баҕарар киһилии сыһыаны сүтэриэ суохтаахтар” диэн этиитин түмүктээбит.