Эһиил ыытыллар Дыгын оонньууларыгар бастакы сүүмэрдээһин хаһан буолара билиннэ. Ол курдук, национальнай дэгит күрэс (многоборье) федерациятын толорор кэмитиэтэ быһаарбытынан, бастакы сүүмэрдээһин Дьокуускайга сэтинньи 28 уонна 29 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Бастакы сүүмэрдиир түһүмэххэ Дыгын оонньууларын финалыгар киирсэргэ 3 путевканы оонньотуохтара.
Тэрийээччилэр чуолкайдыылларынан, сүүмэрдээһин систиэмэтэ уларыйбат. Хас биирдии сүүмэрдиир түһүмэххэ спортсменнар үс лиссиэнсийэ иһин илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Финалга киирсэргэ үс сүүмэрдиир түһүмэх түмүгүнэн алта миэстэни боотурдар эриэйтин систиэмэтинэн ылыахтара.
Эбэн эттэххэ, быйылгы Дыгын ооньууларын кыайыылааҕа Артем Дьяконов 2027 сыл оонньууларыгар быһалыы кыттар бырааптаах.
Хаартыска: sportyakutia.ru/
