Киир

Киир

Сомоҕолоһуу сылыгар анаммыт “Аҕа күрэҕэ” XX өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс түмүктэннэ. Муус устар 9-10 күнүгэр улуустааҕы күрэстэр кыайыылаахатара Чурапчы улууһун Харбала нэһилиэгэр түмүктүүр түһүлгэҕэ муһуннулар. Манна Амма, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускайтан, Нерюнгриттан 16 хамаанда кытынна.

Күрэстэһии бастакы күнүгэр “ГТО” нуорматын туттардылар, өркөн өйдөрүн тургутан көрдүлэр уонна эстафетаҕа илин-кэлин түстүлэр. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Онтон биатлонҥа, бэрэбинэни эрбээһиҥҥэ, остуолбаҕа ыттыыга, оттук маһы бэлэмнээһиҥҥэ, ойбон алларыытыгар күрэстэстилэр.

Икки күннээх тыҥааһыннаах күрэстэһии түмүгүнэн Мэҥэ Хаҥаластан Вячеслав, Сокол  Соколовтар бастаатылар уонна снегоход бэлэх туттулар. Иккис миэстэни  Чурапчы улууһуттан Владимир, Алгыстан  Верховцевтар ыллылар, матасыыкылынан наҕараадаланнылар. Үһүс Амматтан Николай, Альберт Новиковтар буоллулар. Кинилэр дизельнэй электрическэй ыстаансыйаны бэлэх туттулар. Атыттар дьоһун бириистэринэн бэлиэтэннилэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар