Киир

Киир

Муома улууһугар “Байанай-2019” диэн булчуттар күрэстэригэр алта хамаанда күүстэрин-уохтарын, бултуур албастарын тургутан көрдүлэр. Тыҥааһыннаах күрэстэһии түмүгүнэн Хонуу нэһилиэгиттэн “Модун күүс” хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста.

Күрэс сэттэ түһүмэхтээх буолла. Манна кыттааччылар бултуур албастарын, сатабылларын көрдөрдүлэр. Ол курдук, ойбон аллардылар, чэй өрдүлэр, оҕунан ыттылар, эстафетаҕа сүүрдүлэр, бураны состулар, кус чуучулаларын туруордулар уонна ханаат тардыстылар.

Түһүмэхтэр кыайыылаахтара бары наҕараадаланнылар. 18 очукуону ылан Хонуу нэһилиэгиттэн “Модун күүс” хамаанда бастаата. Кинилэр кыайыы кубогын уонна МР-155 саа ыларга 38 тыһ солк суумалаах сэртипикээти уонна сылаас атах таҥастарын бэлэх туттулар. Икки баалынан хаалан “Байанай” хамаанда иккис буолла. Муоматааҕы булт инспекциятыттан тайаҕы бултуур сэртипикээтинэн уонна балаакканан наҕараадаланнылар. Оттон үһүс миэстэни “ИСОШ” хамаанда ылла. Кинилэргэ чубукуну бултуур сэртипикээт уонна рюкзактары туттардылар.