Киир

Киир

Олунньу 25 күнүгэр А.И. Федотов кэриэһигэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы бокса күрэхтэһиитигэр  75 киилэҕэ Роман Обудов 1 миэстэни ылан Арассыыйа маастарын нуорматын толордо.

 

Кини Тааттатан уһаарыллан тахсыбыт бастакы маастар буолла. Рома тириэньэрэ – СӨ туйгуна Николай Бысыин. Улахан кыайыы эмискэ халлаантан түһэн кэлбэт, туох барыта силистээх-мутуктаах. Бу кыайыы улуус боксаҕа федерациятын, тириэньэрдэрин өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Аны туран, бу кыайыы Саха сиригэр боксаны төрүттээбит, биир дойдулаахпыт Арсений Арсеньевич Петров 90 cааһын туолар сылыгар түбэспитэ ордук суолталаах. Арсений Петров аҕата сымыйа балыырга түбэһэн, Арсен 4 саастааҕар ийэтинээн Уолбаттан сатыы Дьокуускайга көһөн киирбитэ. Арсений Саха АССР, РСФСР үтүөлээх тренерэ буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ боксаны Таатта киһитэ төрүттээбитэ. Ол эрээри Тааттаҕа бокса сайдыбатаҕа. Ол төрүөтүнэн 1952, 1954 сс обком уураахтара буолбуттара. Бу уураахтарынан улууһу бүтүннүүтүн бандьыыттарынан ааттааннар 80-с сылларга дылы Таатта оҕолоро үрдүк үөрэххэ киирэллэрэ кытары бобуллубута. Ону таһынан, Тааттаҕа боксанан дьарыктаныы эмиэ кыккыраччы бобуллубута. 1955 сыллаахха Москва үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар Саха Сириттэн 384 устудьуон үөрэнэрэ. Ол иһигэр 1 эрэ Дьокуускайга орто үөрэҕи ылбыт Таатта оҕото баара. Уларыта тутуу сылларыгар дылы улууска биирдиилээн дьон уора-көстө боксаҕа эрчийбиттэрэ. 1980-с сыллар ортолоругар Хаҥаластан төрүттээх улуус сүрүн бырааһа Иван Трофимов бэйэтин кыаҕынан бокседарга көмөлөспүтэ.

1999 c. Андрей Неустроев уонна Леонид Васильев туруорсууларынан, улууска аан бастаан бокса федерациятын тэрийбиппит. Федерация үлэтин ис тэрээһинин уруккута СГУ боксаҕа сүүмэрдэммит хамаандатын капитана А.И.Неустроев тэрийбитэ. Бокса федерациятын билиҥҥи президенинэн, урукку өттүгэр улуус спордун салайбыт, билигин Дьокуускай аэропордун салайааччыта Николай Местников таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Олимпийскай эрэл училищетын тренерэ Владимир Павлов түбүктээх үлэтиттэн быыс булан, Таатта эдэр боксердарыгар куруук наадалаах сүбэлэри биэрэр.

        Быйыл сайын Аммаҕа ыытыллар саха олимпиадатыгар боксердарбыт кыттар быраап ылан, 10 киһилээх толору хамаанда туруоралларыгар үлэ бара турар.

         Николай Николаевич уолаттары үлэҕэ үөрэтиигэ уонна эр киһи быһыытынан бэйэлэрин эрэллээхтик сананалларыгар өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээтэ, үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини түбүктээх, үтүө түмүктэрдээх үлэтэ сөптөөх сыанабылы ылара буоллар. Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренердэрэ улууска ыытыллар үлэни хайҕаатылар. Кини холобуругар сигэнэн, улуус таһымыгар да эрчийэн боксаҕа спорт маастарын бэлэмнииллэригэр сүбэлээтилэр. Ити сүрүн тириэньэр Н.Н. Бысыин уонна эдэр, элбэҕи эрэннэрэр тириэньэрдэр – Айсен Прокопьев, Айтал Семенов тириэньэр быһыытынан таһымнара үрдүгүн көрдөрөр.    Тааттаҕа бокса баар, салгыы сайдыаҕа диэн эрэнэбит.

Таатта улууһун боксаҕа федерациятын бастакы президенэ, өрөспүүбүлүкэҕэ “Бокса сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” анал бэлиэ хаһаайына Иван Неустроев .

Turnir 

Хаартыскаҕа хаҥаста уҥа: Павлов Александр Афанасьевич, Бысыин Николай Николаевич, Обудов Роман Романович, Явловскай Георгий Романович, Неустроев Иван Гаврильевич, Альберт Александрович Корякин