Киир

Киир

“Солуотунньук кыра да күндү” диэн өс хоһоонун кытта бу матырыйаал дьоруойа Лидия Аргунованы дьүөрэлии тутуохха сөп. Кини кыра уҥуохтаах, дьарамай көрүҥнээх эрээри – олус эрчимнээх, бэрт сыыдам туттуулаах-хаптыылаах. 

Лидия Аргунова – өрөспүүбүлүкэ хайыһарга спордун маастара, Саха сирин 8 төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС Универсиадатын призёра, Арассыыйа доруобуйатын харыстабылын туйгуна. Үйэтин тухары мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлээн кэллэ. Ол курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа анестезиолог-реаниматолог бырааһынан, Муома улууһун кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ. Лидия Егоровна билигин успуорка Үрдүкү маастарыстыба оскуолатын бырааһа, чуолаан көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын кытта үлэлиир.

Кини доруобуйаны чэбдигирдэр систиэмэлэргэ бэрт сонун көрүүлэрдээх. Сорох санаата, олохсуйбут көрүүлэртэн төһө да кыратык халыйдар, хайыһарга спорт маастара, хаалыктаах хаамыынан быһаччы дьарыктана сылдьар. Быраас идэлээх киһи тылын-өһүн киһи ордук ылынар. Лидия Егоровна бу тиэмэҕэ төһөнү баҕарар кэпсээтэр кэпсээн бара туруох курдук. Маннык уурбут-туппут курдук тыллаах-өстөөх, сонун санаалаах дьон биһиэхэ, суруналыыстарга, күндү булумньуга тэҥнээхтэр. Кинилиин кэпсэтиибитин санаа кэрчиктэрин курдук сааһылаатыбыт.  

manch1

 

Лидия Аргунова хаҥастан бастакы

Хаалыктаах хаамыы

Хаалыктаах хаамыы дьоҥҥо барытыгар (сааһыттан тутулуга суох) туһалаах. Бу доруобуйаны лаппа тупсарар көрүҥүнэн Финляндия, Швеция, Германия курдук дойдуларга элбэх киһи дьарыктанар. Биһиги кинилэр таһымнарыгар ырааҕынан тиийэ иликпит.

Биһиэхэ, Саха сиригэр, нэһилиэнньэ 10 бырыһыана дьарыктанар курдук көрөбүн. Дьарыктанааччылар баһыйар үгүстэрэ сөпкө туттан-хаптан хаампаттар. Ол эрээри хамсаныы-имсэнии, хайдах баҕарар туттан хаамыы доруобуйаҕа туһаттан атыны аҕалбат. Ыраас салгыҥҥа хаамыы туох буортулаах буолуой?! Оттон сөпкө туттан-хаптан, хамсанан-имсэнэн хаамыы доруобуйаҕа өссө ордук көдьүүстээх.

Биһиги 15-20 мүнүүтэ да дьарыктанар буоллахпытына, сөпкө хамсана-имсэнэ сатыахтаахпыт. Үгүс киһи наһаа кэтэмэҕэйдиир. “Хаалыктаах хаамыы тиэхиньикэтин үчүгэйдик билбэппин” диэн куоһурданан хаампакка сылдьааччы олус элбэх. Хаалыгы тутаат да, хаампытынан барыахха сөп диибин. Саамай сүрүнэ – хаалыгынан анньынаргар илииҥ, тоҕоноҕуҥ көнөн иһиэхтээх. Итинник гымматаххына, дьарык туһата кыра.

Маһы ыл да дьарыктан

Сис тоноҕоһо диэни бары билэбит. Киһи сиһэ 29 тоноҕостоох, олор бары үлэлиэхтээхтэр. Сис быччыҥнара, ньиэрбэлэрэ сөпкө хамсаныыттан уһукталлар, тымырдарынан, хорук тымырдарынан хаан хачайданара, эргийэрэ күүһүрэр. Хаалыктаах хааман иһэн анньынаргар тоноҕосторуҥ эргичиҥнэһэллэр, ол аата сөпкө үлэлииллэр. Тоноҕос икки ардыгар баар ньиэрбэлэр үлэлэрэ эмиэ күүһүрэр. Ол дьайыыта сүрэххэр, эккэр-сииҥҥэр – барытыгар тарҕанар.

Анал хаалыгым суох диэн баран, быар куустан олорунан кэбиһэр сатаммат. Ханнык баҕарар ойуур иһигэр охто сытар хаппыт мас эрэ дэлэй. Хаалык курдук буолуон сөптөөх маһы бэрт түргэнник булунаҕын уонна ыллык устун хаампытынан бараҕын. Куорат пааркатыгар да хаппыт маһы кэбэҕэстик булуохха сөп. Онон доруобуйатын туһугар дьарыктаныан баҕарар киһиэхэ мас хаалык да барсар. Онтон иҥэн-тоҥон дьарыктанан бардаҕына, анал хаалык да көстүө буоллаҕа.

“Харан” хаалбат туһугар

Бастаан саҕалыыр киһи харса суох түһүнүө суохтаах. Харса суох түһүнэн баран, аҕыйах күнүнэн сэниэтэ быстыан, наһаа сылайыан, онтон сылтаан мах бэрдэриэн, “харан” хаалыан сөп. Онон сыыйа-баайа, нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ хаамартан саҕалыыр сөп. 10 мүнүүтэ устата хаамыыттан саҕалаан баран, сыыйа эптэр эбэн иһиэххэ. Илиигэр баар хорук тымырыҥ (пульсуҥ) мүнүүтэҕэ 60-80 төгүл тэбэрэ – үчүгэй көрдөрүү. Оттон 80-90 төгүл тэбэр буоллаҕына, бырааска көрдөрө, сүбэлэтэ барар ордук. Итинник сарсыарда уонна киэһэ кэмнэнэн көрөр ордук.

Ити курдук бэйэҕин кэтээн көрө сылдьан, дьарыккын сыыйа эптэр эбэн иһиэхтээххин. Бэйэҥ хайдах туруктааххыттан көрөн, нэдиэлэҕэ иккитэ, онтон үстэ дьарыктанар буолан барыахха наада. Ити тухары “ноҕуруусканы төһө тулуйар эбиппиний?” диэн кэтэнэ сылдьыахтааххын. Төһөнөн сыыйа-баайа саҕалыыгын да, соччонон үчүгэй. Оттон нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктаныыны холкутук тулуйар буоллаххына – сөптөөх турукка тиийбиккин. Итинник хабааннаахтык дьарыктанан бара туруохха наада.

Аһаҕастар уонна бүтэйдэр

Илиигэр баар хорук тымырыҥ (пульсуҥ) мүнүүтэҕэ хас төгүл тэбэрин хайаан да кэтээн көрө сылдьыахха наада. Мин дьону аһаҕас уонна бүтэй эттээхтэр диэннэргэ араарабын. Аһаҕас эттээхтэр кыра да тэппини билэллэр, эттэрэ-сииннэрэ олох гитара кылын курдук тыҥкыныы түһэр. Оттон бүтэй эттээх киһи санаатын күүһүгэр оҕустаран, хорук тымырын тэбиитэ мүнүүтэҕэ 120 да буолбутун сэрэйбэт. Маннык дьон хара өлүөхтэригэр диэри улахан ноҕуруусканы ылбыттарын, сүрэхтэрин үлэтэ кэһиллибитин, сэниэлэрэ, күүстэрэ-күдэхтэрэ быстыбытын билбэттэр, өйдөөбөттөр. Ол иһин хорук тымырыҥ мүнүүтэҕэ хас төгүл тэбэрин кэтээн көрө сылдьар үчүгэй.

Олох диэн хамсаныы. Киһи доруобуйатыгар лимфа систиэмэтэ олус улахан оруоллаах. Лимфа диэн киһи этин-сиинин бары килиэккэлэрин толорор, сайгыыр дьэҥкир убаҕас. Лимфа уонна киһи иммуннай систиэмэтэ биир кэлимсэ сибээстээхтэр. Лимфа систиэмэтэ хааны бытааннык хачайдыыр буоллаҕына харгытааһын, хаан баттааһына үрдээһинэ, хаан туруута үөскүүр. Итинник кыһалҕа үөскээтэ да ыарыы ыпсары ылбытынан барар. Ханнык баҕарар ыарыы биир ис тутуллаах. Ол иһин киһи наар сүүрэ-көтө, хаама-сиимэ сылдьыахтаах.

Киһи дьиҥнээх сааһын туһунан

Мин хаалыктаах хаамыынан 2013 сылтан ыла дьарыктанабын. Киһи доруобуйатын туруга хайдаҕын көрдөрөр “Омега-М” диэн бэртээхэй аппараат баар. 2013 сыллаахха мин 51 саастааҕым, ону ити аппараат “эн биологическай сааһыҥ – 60” диэн көрдөрөн соһутара. Ол иһин, “дьэ бабат!” диэн, дьарыктанан киирэн бардаҕым дии. Ити иннинэ наар үлэ-хамнас, наар күн эккирэтиитэ. Онтон билигин, 55 сааспар, ити аппараат “эн 40 саастааххын” диэн көрдөрөр. Хаалыктаах хаамыы туһатын туһунан итинтэн ордук тугу этиэҥий.

Мин билигин икки үлэҕэ үлэлиибин, ол иһин, этэргэ дылы, хаалыктаах хаамыынан дьарыктана “оонньуур” солом суох. Сарсыарда кэргэним эбэтэр күтүөтүм массыынанан үлэбэр аҕалан биэрэллэр. “Триумф” спорт дыбарыаһыттан дьиэбэр диэри 4 килэмиэтир кэриҥэ. Онно үлэлиир сирбиттэн дьиэбэр диэри лоп курдук 40 мүнүүтэ устата хаалыктаах хааман тиийэбин. Бастаан нэдиэлэҕэ биирдэ хаамар этим. Ити курдук биир ыйы быһа хаампытым. Онтон сыыйа эптэр эбэн, нэдиэлэҕэ биэстэ хаамар буоллум. Биир да күнү көтүппэппин, тоҕо диэтэххэ, быыстала суох, биир күдьүс эрэ дьарыкка күүс, кыах эбиллэр. Онон түөрт сыллааҕыта үөскүү сылдьыбыт “сүрэх тэбиитин тэтимин кэһиллиитэ” диэн кыһалҕам төрдүттэн суох оҥоһулунна. Саҥа саҕалыыр киһи итинник бэрт кыраттан саҕалыахтаах.

Тыынарга эрчиллии

Доруобуйаҕа өссө биир улахан туһалаах ньыма – тыынарга эрчиллии. Тыынарга эрчиллии ньыматын аан бастаан кытайдар айбыттара. Кытайдар да, сахалар да хаптаҕай муруннаахтарга киирсэр дьон буоллахпыт. Хаптаҕай муруннаах Азия норуоттара улахан муруннаах омуктартан тыынар сабардаммыт быдан кыра. Холобур, ити Дагестан омуктарыттан эҥин. Итини билиниэххэ наада. Ол иһин биһиги тыыныы ньыматынан хайаан да эрчиллэ сылдьыахтаахпыт. 15 мүнүүтэ устата тыыныы ньыматынан дьарыктаныы 10 килэмиэтири сүүрэн кэлбиккэ тэҥнээх. Ити сүрдээх көдьүүстээх йога, цигун диэн доруобуйаҕа аһара туһалаах систиэмэлэргэ эрчиллии ньымата аһара элбэх.

Эҕирийии, хаайыы, тыыныы       

                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                      manch2                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                   Холобура, искэр биэскэ диэри ааҕарыҥ устатыгар салгыны эҕирийэҕин, онтон эмиэ итиччэ кэм устата тыыҥҥын хаайаҕын, ол кэнниттэн эҕирийбит салгыҥҥын тыынан таһаараҕын. Ити барыта – биэс ахсааҥҥа диэри ааҕарыҥ устатыгар. Итинник тыынар кэмҥин 5 ахсаантан 8 ахсааҥҥа диэри улаатыннарыахха наада. Дьэ, итиннэ аһара туттумуохха, сөптөөх сүнньүн булуохха. Итинник тыыныыга хаан эргиирэ уонна лимфа систиэмэтин үлэтэ күүһүрэр.

Дьэ, оччоҕо гармония үөскүүр, киһи доруобуйата чөлүгэр түһэр. Сүрэх үлэтин кэһиллиитэ, хаан баттааһына үрдээһинэ – итинник тыыныы ньымаларынан эмтэнэр ыарыылар. Быраас киһи буолан этэбин – туох баар ыарыы 70 бырыһыанын кыайа-хото тутуу киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.

Саха уонна хайыһар

Киһи этин-сиинин биир тэҥник эрчийэр, доруобуйаны биллэ тупсарар успуорт көрүҥүнэн хайыһарынан сүүрүү буолар диэн, билим былыр үйэҕэ дакаастаан турар. Манна, бастатан туран, сүрэх уонна тыҥа үлэтэ лаппа тупсар. Онно туох да мөккүөр суох. Киһини массыынаны кытта тэҥнии тутар буоллахха: сүрэх диэн мотуор, оттон тыҥа – көрбүрээтэр. Мотуор уонна көрбүрээтэр тигинэччи үлэлииллэрэ массыынаҕа быһаарар суолталанар, ол тэҥэ сүрэх уонна тыҥа үчүгэйдик үлэлээтэхтэринэ, киһи айара-тутара лаппа күүһүрэр.

Хайыһардыыргар, саамай сүрүнэ – сыыһа туттунумуоххун наада. Билиҥҥи хайыһардьыттар анал таҥастара үчүгэй хаачыстыбалаах, тыалы-кууһу өтүппэт. Хайыһарга киһи эчэйбэт. Сыыры дабайыы, түһүү анаан эрчиллибит киһиэхэ улахан мэһэй курдук көрүллүбэт. Сахалар сүрүн хаачыстыбалара, тыйыс айылҕабыт да дьайыытынан буоллаҕа буолуо – тулуур уонна дьулуур. Ити хаачыстыбалар хайыһарынан сүүрүүгэ аһара туһалыыллар. Биһиги, сахалар, хайыһар успуордун күүскэ сайыннаран, нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыыга туһаныахпытын наада.

Кэпсэттэ Федор РАХЛЕЕВ.