Хаҥалас хотойо Егор Филиппов быйылгы “Дыгын оонньууларыгар” төрдүс төгүлүн тэҥнээҕин булбата.
Бастакы күн түмүгүнэн Намтан сылдьар Артем Варданян бастакы күөҥҥэ сылдьыбыта. Ол эрэн оҕунан ытыыга баара-суоҕа тохсус миэстэни ылан балаһыанньата уустугурбута. Оттон Амма бөҕөһө Леонид Филиппов оҕунан ытыыга биир да сыыһата суох ытан инники күөҥҥэ тахсыбыта. 400 м сүүрүүгэ Чурапчы быһыйа Петр Старостин барыларын ырааҕынан хааллартаан, бу көрүҥҥэ бастыҥ буоларын өссө төгүл бигэргэттэ. Оттон хапсаҕайга Егор Филиппов бастаан инники күөҥҥэ тахсыбыта. Инньэ гынан, тааһы көтөҕүүгэ бүтэһик барар чиэскэ тиксибитэ. Урукку сылларга 109 кг ыйааһыннаах тааһы Горнай уола Дьулустан Ноговицын 200 тахса миэтэрэни илдьэн рекорд олохтообута. Бу көрүҥҥэ Егор төрдүс миэстэни ылан “Дыгын оонньууларын” түөрт төгүллээх чөмпүйүөнүн аатын ылла. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ Артем Варданян таҕыста. Оттон үһүс миэстэни Леонид Филиппов ылла.
Урукку сылларга “Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕа массыына бэлэх тутар эбит буоллаҕына, быйыл 1 мөл солк суумалаах сэртипикээти туттардылар. Ил Дархан Айсен Николаев ҮсХатыҥ сиригэр “Дыгын оонньууларыгар” аналлаах арена тутулларыгар куорат баһылыгар Сардаана Авксентьеваҕа эрэллээҕин эттэ.
Мария Васильева хаартыската ysia.ru