От ыйын 3 күнүгэр Амма улууһун кииниттэн 3 км тэйиччи сытар Чапчылҕан нэһилиэгэр, “Моя Якутия в ХХI веке” диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө санаа бырагыраамматынан саҥа успуорт саалатын үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Чапчылҕан нэһилиэгин баһылыгар Гаврил Бродниковка саҥа саала бэлиэ күлүүһүн “Сардана-строй” салайааччыта Петр Петров туттарда. СӨ физическэй култуура уонна успуорт миниистирэ Иннокентий Григорьев, бу сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 10, 2024 сылга диэри 40 успуорт эбийиэгэ үлэҕэ киириэхтээхтэрин кэпсээтэ. Тутууга 600 мөл солк көрүллүөҕэ. Үп “Демография” национальнай бырайыак иһинэн федеральнай бүддьүөттэн тыырыллыа. Ол быһыытынан нэһилиэнньэ 55% успуордунан дьарыктанар буолуохтаах. Урут көхтөөх дьон күүһүнэн арочнай саал тутуллубут. Ону бэйэлэрин тиэхиньикэлэрин, тыраанспардарын көмөлөһүннэрэн үлэҕэ киллэрбиттэр. Миниистир уонна улуус дьаһалтата “Сардана-строй” тутааччыларыгар, суол үлэһиттэригэр, олохтоохторго махтал суруктары уонна бэлэхтэри туттардылар.
Чапчылҕан нэһилиэгэ улуус кииниттэн 1993 сыллаахха арахсыбата. Билигин манна 800 киһи олорор, оттон Аммаҕа – 6595 киһи. Мантан Расторгуевтар династиялара төрүттээх. Аҕалара Василий Васильевич Расторгуев биллиилээх баартыйалаах деятель этэ. Волейболга уонна ыстаныыга күрэстэһэрэ. Кини уола Сергей Расторгуев Саха циркэтин тэрийбитэ. Иккис уола Владимир Расторгуев тутуу министиэристибэтин миниистирин солбуйааччынан үлэлээбитэ.
Кырааска сыттаах саҥа саалга Нам уонна Уус-Майя хамаандаларын кэрэ аҥаардара баскетболга күрэстэстилэр. Сарсын, от ыйын 4 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгэр адаптивнай успуорт көрүҥнэригэр аналлаах успуорт саалатын аһыллыыта буолар.
Sportyakutia.ru