Британия сорох бөдөҥ көрдөрөр-иһитиннэрэр таһаарыылара “Англия хамаандата бу сайын Арассыыйаҕа ыытыллыахтаах Футбол чөмпүйэнээтин бойкуоттуон сөп” диэн сабаҕалыыллар. Бу сабаҕалааһын төрүөтэ – Великобритания МИДин салайааччы Борис Джонсон парламент иннигэр эппит тыллара.
Джонсон Солсбери диэн Великобритания куоратыгар 66 саастаах, уруккута Арассыыйа разведчига Сергей Скрипаль диэн киһи уонна кини кыыһа сүһүрбүттэрин туһунан иһитиннэриини бигэргэппит. Бу дьон билигин ыарахан туруктаах балыыһаҕа сыталлар, туохтан сүһүрбүттэрин быһаарар силиэстийэ ыытыллар. Бэлиэтээн эттэххэ, Сергей Скрипаль Арассыыйаҕа судаарыстыбаны таҥнарыыга буруйдаммыт эбит.
Джонсон манна Арассыыйа кыттыгастаах буоллаҕына, “Великобритания бэрэстэбиитэллэрэ хайдах быһыыга-майгыга Аан дойдутааҕы Футбол чөмпүйэнээтигэр кытталлара биллибэт” диир. Чунуобунньук этиитигэр олоҕуран Mirror «Борис Джонсон грозит бойкотом ЧМ-2018 и новыми санкциями, если будет доказана причастность России к отравлению бывшего шпиона Сергея Скрипаля» диэн матырыйаалы таһаарда. Маннык ис хоһоонноох ыстатыйалар The Sun, Metro, Daily Express уо.д.а. Британия СМИлэригэр тахсыбыттар.