Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Чурапчыга, “Маҕаайы” алаас спортивнай аренатыгар “Кыыдаала оонньуулара” диэн национальнай многобрьеҕа күрэстэһии буолуоҕа.
Улуус күүстээх спортсменнарын күрэстэһиитэ СӨ Ил Дарханынан үлэлээбит, билигин РФ федеральнай мунньаҕын федерация сэбиэтин чилиэнэ Егор Афанасьевич Борисов 65 сааһыгар ананар. Күрэстэһии тэрийээччилэринэн Чурапчы улууһун уонна Төлөй нэһилиэгин дьаһалталара, ону таһынан, улуустааҕы физкултуура уонна успуорт салалтата буолаллар.
“Буолаары турар күрэстии биир сүрүн уратыта диэн, Чурапчы улууһуттан төрүттээх эбэтэр Чурпчыга олорор, үлэлиир-хамсыыр спорсменнар эрэ кытталлар”, – диэн “Спорт Якутии” хаһыакка анаан улуустааҕы физкултуура уонна успуорт салалтатын начаалынньыга Иван Оконешников кэпсээтэ.
Балаһыанньа быһыытынан күрэстэһиигэ 18-35 диэри саастаах эр бэртэрэ кыттыахтара. Бырагырааммаҕа биэс көрүҥ киирдэ: хапсаҕай, сыарҕа соhуута (60 м), тутум эргиирэ, бэрэбинэни ыраахха илдьии уонна кыыс эккирэтиитэ (400 м сүүрүү).
“Кыыдаала оонньуулара” турнир кыайыылааҕа 300 000 солк наҕараадаланыа. Иккис миэстэлээх 200 000 солк, оттон үһүс – 100 000 солк.
Sportyakutia.ru