Кулун тутар 6 күнүгэр Саха тыйаатырын сыанатыгар, “Сулус буолан умайдын” диэн көҥүл тустууга Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев туһунан испэктээги көрдөрүөхтэрэ.
Санатар буоллахха, испэктээк сүрэхтэниитэ ааспыт сылга Роман Михайлович дойдутугар Жиганскайга, уус-уран самодеятельность көмөтүнэн буолбута. Пьеса ааптара Айсен Дойду, режиссер Михаил Апросимов. Киириитэ босхо.