«Мин быйыл саас хайаан да туруоруммут сыалбар тиийэр санаалаахпын, эһиил кыһыҥҥыга көһөрбөккө”, - диир Лоренце Бароне.
Күннээх Италия уола экстремал-турист Лоренце Бароне саамай хотугу трасса суолун баһылаан, ыраах Уһук Хоту сытар Анаабыр улууһугар, Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр тиийэр санаатын адьас ыһыктыбат. Санатар эбит буоллахха кини ыраах айан суолугар бу иннинэ үс төгүл туруммута, үс төгүл төттөрү эргиллэргэ күһэллибитэ.
Ахсынньыга, алдьархайдаах мэһэйинэн оччотооҕу аам-даам 50 кыраадыска тиийэ тымныы халлаан буолбута. Оттон олунньуга өлүү түбэлтэлээх өһөс уол тобугун эчэппитэ.
«Ол балааккабар бүтэһик түүнүм этэ. Түүн ортото утуйар мөһөөччүкпэр абытайдаах ыарыытыттан уһукта биэрбитим, бу иннинэ тобугум көннөрү икки күн иһэн эрэ баран сылдьыбыта, онно кыһамматаҕым, онтон бу сырыыга уот курдук сытыытык киирбитигэр тулуйар кыахпыттан ааспытым.
Балааккаттан тахсаары атахпын токуруппутум, бачыыҥкабын кэтээри, ол син биир аһаҕас бааска уот испиири ыспыт кэриэтэ этэ. Ол да буоллар сымыһахпын быһа ытыраат оҥоруохтаахпын оҥорбутум, ол кэннэ хас бэтээлбин үктээтэҕим ахсын ыарыыбыттан харахпыттан уу тахса-тахса чугастыы 50 килэмиэтир тэйиччи сытар нэһилиэккэ тиийбитим.
Мин курдук экстремал айанньыт буоларга туһунан кут-сүр туруга наада быһыылаах, ол аата эн туруоруммут суолгар, сыалгар тулхадыйбат тулуурдаах-дьулуурдаах буолуохтааххын, мин кимтэн эрэ чорбойо, күүстээх буола, киһиргии сатаабаппын. Көннөрү, эн кимнээҕэр да эт хаан иилистиитин, дууһан кыаҕын бу айаҥҥар биэрэргэ бэлэм буолуохтааххын. Оттон таах сылаас дьиэҕэ-уокка сытан эрэ: «Ээ, мин да итинниги ааһан иһэн сатыам этэ» - диир “дьыбаан байыастарын” мин сатаан ылыммаппын.
Тобугум арыый да бэтэрээнэн кэлэн, үтүөрэн эрэр, ол иһин аны биир нэдиэлэ кэриҥинэн айаммын салҕыыр санаалаахпын. Дьолго күн-дьыл да туран биэрдэ, түүнүн 35-40 кыраадыс тымныы буолара миэхэ тоҥ өрүһү туоруурга олус табыгастаах. Быйыл саас хайаан да туруоруммут сыалбар тиийэр санаалаахпын, эһиил кыһыҥҥыга көһөрбөккө» - диэн бэйэтин социальнай ситимигэр суруйар Лоренцо – lorenzbarone
Дьокуускайтан – Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар диэри 2770 килэмиэтир. Бу иннинэ итальянец маршрутун икки ый иһигэр кыайан, муус устар ыйга сэлиэнньэҕэ тиийэр санаалааҕа. Ол эрээри тобугун эчэтиитэ айаҥҥа кэккэ уларытыылары киллэрдэ. Тиийиэ дуо Лоренцо, бэйэтин ыра санаатын ситэн? Кыһыҥҥы муус суола сабыллара кылгас кэм хаалла.
Алексей Громов
Хаартыскалар Лоренцо Бароне социальнай ситимиттэн