Киир

Киир

Хаҥалас улууһун бэрэстэбиитэлэ – Егор Филиппов, Дыгын оонньууларын кыайылааҕын үрдүк аатын ылла, икки күн устата ааспыт тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгэр.

Күрэх бүтэһик түһүмэҕэр – таас көтөҕүүгэ – Дьулустаан Ноговицын кыайда, кини тааһы 250 миэтэрэҕэ таста – бу саҥа рекорд. Егор Филиппов иккис миэстэҕэ тигистэ, кини тааһы 182, 65 миэтэрэҕэ тиэртэ. Үһүс миэстэни ылла Николай Матаннанов, кини тааһы 174,28 миэтэрэҕэ диэри аҕалла.

Бары түһүмэхтэргэ уопсай ахсаан ааҕыытынан кыайда – Егор Филиппов. Санатар эбит буоллахха, кини мас-рестлинг күрэҕэр атаҕын эчэппитэ. Ол да буоллар Хаҥалас Хотойо сымыһаҕын быһа ытыран, кыайыыга дьулуурдааҕын көрдөрөн, бу да сырыыга үрдүк мэҥэ халлааҥҥа кыайыы кынаттаах өрө көтөн таҕыста!