Киир

Киир

Туймаада ыһыаҕын иккис күнүгэр ыытыллыбыт Дыгын оонньууларын кыайыылааҕынан Алексей Уваровскай буолла. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ оонньууларга хаһыс даҕаны төгүлүн кыттар Николай Матаннанов тигистэ. Үһүс миэстэни Дьулустаан Ноговицын ылла.

Уваровскай 3

Быйыл, Дыгын Оонньууларын биэс төгүл кыайыылааҕа Егор Филиппов эчэйиилээх буолан, кыайан кыттыбатаҕын иһин, 12 боотуртан хайалара чөмпүйүөн үрдүк аатын сүгэрэ биллибэт этэ. Ол эрээри, үгүс дьон уруккуттан кыттар күүстээх бухатыырдартан Вячеслав Дьяконов, Дьулустаан Ноговицын, Николай Матаннанов эбэтэр кэскиллээх спортсмен Айсен Ботуев кыайыа дии санаабыттара.

Дьэ, түмүккэ дьону барытын соһутан, Кэбээйиттэн төрүттээх күүстээх бөҕөс Алексей Уваровскай муҥутуур кыайыылааҕынан буолан таҕыста. Эдэркээн кыттааччы бары 7 көрүҥтэн 26 очкону ылла, Николай Матаннанов киниттэн 4 эрэ очконан хаалан иккис миэстэ буолла. Ол эрээри, манна Тааттаттан төрүттээх уопуттаах боотурбут кыайыылааҕы кытта тэҥҥэ кимэн киирсэн испитэ. Кини оҕунан ытыыга эрэ мөлтөөн биэрбитэ. Өскөтүн тааһы көтөҕүүгэ Уваровскай тохсус миэстэни, оттон Матаннанов иккис миэстэни ылбыта буоллар, Николай муҥутуур кыайыылаҕынан тахсыан сөп этэ. Ол эрээри, Кэбээйи боотура 117 киилэ ыйааһыннаах тааһы 107 миэтэрэ илдьэн, төрдүс миэстэҕэ тахсаат, чөмпүйүөн аатын сүгэр чиэскэ тиксибитэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, кини ыстаныыга бүтэһик боруобаланыытыгар бастакы миэстэни ылбыта, оттон тутум эргииргэ Вячеслав Дьяконов саҥа рекорду олохтообутун иһин иккис буолбута. Маны сэргэ, Уваровскай мас тардыһыытыгар сэттис, оҕунан ытыыга, 400 км сүүрүүгэ уонна хапсаҕайга төрдүс миэстэлэри ылбыта. Онтон хапсаҕайга кэлэн, күрэхтэһии ааттаах-суоллаах бөҕөстөрүн кыайбыта.

Дьулустан Ноговицын эмиэ Дыгын Оонньууларын кыайыылааҕынан буолар кыахтаах этэ. Ол эрээри, кини хапсаҕайыгар көрдөрүүтэ мөлтөөн хаалбыта. Дьиҥинэн, Горнайтан сылдьар боотурбут хапсаҕай күрэхтэһиилэригэр үрдүк көрдөрүүлэрдээх этэ. Оттон манна кини тохсус миэстэҕэ тиксэн, чөмпүйүөн буолуон сөптөөх түмүктэн ыраатан хаалбыта. Дыгын Оонньууларын кэскиллээх бөҕөстөрө Вячеслав Дьяконов уонна Айсен Ботуев эмиэ син үчүгэй көрдөрүүлээхтэр - төрдүс уонна бэһис миэстэлэргэ тиксибиттэрэ.

Муҥутуур кыайыылаахха 1 мөл. солкуобай, иккис миэстэҕэ квадроцикл, үһүскэ матаһыыкыл бириистэри туттартаатылар.

Уваровскай 2

Андрей Сорокин хаартыскалара

Санааҕын суруй