Ааспыт нэдиэлэҕэ айар-суруйар эйгэ олоҕор улахан суолталаах түгэн буолан ааста. Сийэскэ быһаччы кыттыылаах быһыытынан, бу түгэни бэйэм ситиммэр сырдаппакка хаалар кыаҕым суох.
Улахан дойду ыһыллыытын күөнүгэр "ССРС суруйааччыларын Сойууһа бэлиитикэттэн тутулуга суох бииргэ буоллун" диэн санаанан салайтаран, урукку ССРС суруйааччыларын Сойууһун оннугар хаалбыт МСПС (Международное Сообщество писательских Союзов) тэрилтэҕэ быһаччы киирэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун 7-с сийиэһэ буолан ааста. Сийиэс былырыын буолуохтааҕа хамсык хаайбытынан көһөрүллэн, биир сыл хойутаан тэрилиннэ.
Бу Сойуус, дьиҥэ, олус күүстээх ис кыахтаах. Саха аныгы прозатын, поэзиятын инники күөнүгэр сылдьар, ааҕааччы билиниитин дьиҥнээх айымньыларынан ылбыт ааптардар; саха литературатын бастыҥ кириитиктэрэ, анаарааччылара, тыл үөрэҕин түсчүттэрэ; хаһыат, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ биллэр-көстөр суруналыыстара, хаһыаты, сурунаалы тэрийэн таһаарааччылар; саҥа жанрдары баһылааччылар, чулуу тылбаасчыттар, төрөөбүт тыл туһугар туруулаһар күүстээх уопсастыбанньыктар бары манна бааллар, бу Сойууһу тыынныллар. Онон, биирдиилээн чилиэннэр бэйэлэрин үлэлэрин түмүгүнэн ситиспиттэрэ элбэх уонна чаҕылхай. Арай түмсүү быһыытынан уота-күөһэ суох хараҥаҕа дьиэҕэ булумахтаһар дьон курдукпут. Көмүлүөкпүт баар, маспыт баар, арай онно уот анньыахтаах, кэмиттэн кэмигэр күөдьүтэн иһиэхтээх салалтабыт -- эбэтэр бэйэтэ умайан бүппүт, эбэтэр Сойуус олоҕун, кэскилин соруйан хараҥаҕа тутар курдук.
Сойуус бэрэссэдээтэлинэн быйыл үһүс төгүлүн хаалбыт Уйбаан Мигалкин Егор Неймохов эмискэ суох буолбутун кэннэ ыытыллыбыт сийиэскэ аан бастаан талыллан турар. Салайбыт бастакы биэс сылыгар бэрэссэдээтэлбит туох да күттүөннээҕи оҥорор, үлэлиир кыаҕа суоҕа хайыы сахха көстүбүтэ. Ол иһин кэлэр сийиэскэ мин кандидатурабын туруорбуттарыгар сөбүлэнэн, Сойуус үлэтин өрө көтөҕөргө өйбүн-санаабын долгутан, үлэ биэс сыллаах Чэрчитин оҥорон көрбүттээҕим. Бу сийиэс бэлэмнэнэр кэмигэр эмискэ олус элбэх киһини Сойууска ылыы хамсааһына буолбута соһуччу, урукку өттүгэр суруйааччы билиэтин тутуохтаах киһи туспа тургутууну ааһан киирэригэр үөрэммит дьоҥҥо сөҕүмэр уонна өйдөммөт этэ. Ити түгэн айар эйгэҕэ анекдот буолан тарҕаммытын истэ-билэ сылдьабыт. Инньэ гынан, субу саҥа киирэн "буруолуу" сылдьар дьон отчуоту сыаналыыр уонна бэрэссэдээтэли талар кыахтана охсубута. Мунньах саҕаланыан иннинэ миэхэ сааһырбыт, урут түбэһэн алтыспатах дьонум чугаһаан кэлэн үкчү биир ис хоһоонноохтук (маннык диэриҥ диэн сорудахтаммыттара тута таайыллара): "Мигалкин ыалдьан арыычча сылдьаахтыыр. Улаханнык ыалдьар киһилиин киирсэ сатыаҥ суоҕа этэ. Кини бу үлэлээх эрэ буолан тутуһан сылдьар" - диэбиттэрэ. Мин тус бэйэм бу солоҕо тардыспакка, Сойуус үлэтэ сэргэхсийээрэй диэн ылсыбыт буоламмын уонна отчуокка "ситэ үлэлээбэтибит" диэн билинии баарын иһин, дьэ хамсаан-имсээн барар инилэр диэн эрэлтэн, быыбар иннинэ кандидатурабын устуммутум. Онон Мигалкин иккиһин солотугар хаалбыта.
Кэлэр сийиэскэ диэри эмиэ элбэх, сорохторо уус-уран ханнык айымньылаахтара биллибэт дьон Сойууска киирдилэр. Барыта 145 чилиэннээх, Өрөспүүбүлүкэҕэ Суруналыыстар Сойуустарын кэнниттэн ахсааммытынан иккис миэстэлээх Сойуус буоллубут. Арай түмсүүлээх үлэбит ахсааммытыгар тэҥэ суох сэмэй. Мигалкин бэрэссэдээтэлбэр салгыы турабын диэбитигэр, салалтаҕа саҥа сүүрээн киирэригэр баҕалаах дьон, Афанасий Гуриновы-Арчыланы туруордубут. Арчылан бырабылыанньа чилиэнэ буолан, ааспыт биэс сылга Сойуус салалтатын үлэтин соҕотоҕун кэриэтэ сосуһан кэлбитин саҥа киирбит чилиэннэртэн уратылар билэбит. Онон, бу сырыыга киирсии сытыы буолуох кэриҥнээҕэ көстүбүтэ. Ону тулуйбакка, бэрэссэдээтэлбит солбуйааччыта Владислав Доллонов дьону маннык диэн аһаҕастык дьарыйда: "Сойууска киирэ сатыыргыт саҕана атыннык илэ-сала үөрэн-көтөн дьиримнэһэр этигит. Сорохторгут дьиҥэ соччо суруйааччыга эппиэттэспэтэргит да өйөбүл ылан, аат ылан, атахха турбут курдук кэмҥитигэр төттөрү түһэн... өйөбүл киһигитин түргэнник киэр илгээри санаммыккыт..."
САЙА