2023 с. саҕаланыаҕыттан эрэгийиэннээҕи 122 нүөмэрдээх “итии лииньийэҕэ” 26,2 тыһ. эрийдилэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киирии, хааччыллыы, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэрин өйөөһүн, байыаннай сулууспалаахтары кытта сибээс, ону тэҥэ уоппуска көрүллүүтүн уонна федеральнай төлөбүрдэр туһунан ыйытыылар элбэхтик киирдилэр.
Бу туһунан нэдиэлэтээҕи брифиҥҥэ эрэгийиэннээҥи 122 нүөмэрдээх сулууспа салайааччыта Мария Винокурова иһитиннэрдэ.
“Кэлиҥҥи кэмҥэ хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириэн баҕалаах омук граждана элбээтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр байыаннай сулууспаҕа хантараагы РФ олохтоохторо эбэтэр 18-тарыттан үөһээ саастаах, сүрүн уопсай үөрэхтээх уонна доруобуйаларынан хааччаҕа суох омук дьоно түһэрсэр кыахтаахтар. Байыаннай сулууспаҕа сылдьар омук гражданнарыгар да, Арассыыйа олохтоохторугар да тэҥ социальнай гарантия бэриллэр”, – диэн сулууспа салайааччыта кэпсээтэ.
Кини байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибит уонна бойобуой дьайыыларга кыттыбыт омук гражданнара судургутук, о.э. олохсуйуу докумуона суох (вид на жительство), Арассыыйа Федерациятын гражданствотын ылар бырааптаныахтара диэн бэлиэтээтэ.
“Омук гражданинын кытта байыаннай сулууспаны барыыга биир сыллаах хантараак түһэрсиллэр. Анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр биир сылга байыаннай сулууспаны барар туһунан хантараак түһэрсибит омук граждана хаһан баҕар Арассыыйа гражданствотын көрдүүр кыахтаах”, – диир Мария Винокурова.
122 сулууспа салайааччыта бу быраап омук гражданинын кэргэнигэр, оҕолоругар (иитийэх да буоллун), төрөппүттэригэр эмиэ тарҕанарын эбэн эттэ.
Хантараак түһэрсибит омук дьоно Арассыыйа ИДьМ хайа баҕарар салаатыгар докумуоннарын киллэриэхтэрин сөп.
Байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибит омук дьоно уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ Арассыыйа Федерациятын гражданствотын ыларга маннык докумуоннары биэрэллэрэ ирдэнэр:
- гражданство биэрэргэ сайабылыанньа;
- личноһы бигэргэтэр докумуон;
- РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр сулууспалыыр туһунан хантараак туоһуламмыт куоппуйата;
- оҕолор төрөөбүт сибидиэтэлистибэлэрэ;
- 14–18 диэри саастаах хас биирдии оҕо гражданство ыларга сөбүлэҥэ;
- иитэ ылыы туһунан сибидиэтэлистибэ;
- ыал буолуу сибидиэтэлистибэтэ;
- тулалыыр дьоҥҥо кутталлаах ыарыы (наркомания уонна инфекционнай ыарыылар) суоҕун бигэргэтэр докумуоннар, ВИЧ-импиэксийэ суоҕун туһунан сэртипикээт;
- РФ-ҕа сокуоннайдык сылдьары бигэргэтэр докумуон.
Сайабылыанньа бэриллибит күнүттэн үс ыйынан көрүллэр.
Омук гражданина быстах кэмнээх олоруута хантараак түһэрсиллибит кэмигэр уһуур. Бу болдьоҕу уһатарга олохтоох миграция уорганыгар тиийиэххэ наада.
Мария Винокурова омук гражданина сулууспата ааһар сиригэр регистрацияланыан сөбүн бэлиэтээтэ. Ол инниттэн байыаннай чааһын хамандыырын аатыгар суругунан сайабылыанньа суруйуон наада. Оччоҕо РФ ИДьМ миграция учуотун уорганыгар туттарыллыахтаах тустаах докумуоннар хомуллаллар.
“РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр киирэргэ Белоруссия, Казахстан, Таджикистан, Узбекистан, Молдавия уонна Соҕуруу Осетия олохтоохторо бэйэлэрин байыаннай сыбаанньаларын сөргүтүөхтэрин сөп”, – диир Мария Винокурова.
Арассыыйаҕа хантараагынан сулууспалыан баҕалаах омук гражданнарыгар тус байыаннай чаастар уонна дуоһунастар көрүллэллэр.
Сиһилии информацияны хантараагынан сулууспаҕа ылар Кэлим киинтэн 09:00-тан 18:00 диэри билсиэххэ сөп, өрөбүлэ суох үлэлииллэр. Баҕалаахтар «Абырал» сонотуоруйга, о.э. Дьокуускай к., Сэргэлээх шоссетын 11 км, 1 корпуһугар кэлиэхтэрин сөп. «Абырал» тохтобула, 7-с №-дээх оптуобус, төл.: 8(4112) 32‒10‒40.
Байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өйөбүл туһунан билсиэххэ сөп:
1. Түүннэри-күнүстэри үлэлиир 122 “итии лииньийэҕэ” эрийэн баран, 3 уонна 4 сыыппараны эбии баттыыгыт (атын эрэгийиэннэр 8(4112)510-122 төлөпүөннүүллэр).
2. info.sakha.gov.ru саайка мобилизацияламмыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өйөбүл ыйынньын көрөн
3. e-yakutia.ru саайка “Забота” өйөбүлү көмөлөһүннэрэн
4. @Yakutia_mobiliZacia_bot телеграм-буотун көмөтүнэн.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата