Киир

Киир

“Кыым” хаһыат алтынньы 12 күнүнээҕи нүөмэригэр Үүнэр көлүөнэ паарката хайдах тутуллуон сөбүн дьүүллэһиини аан маҥнай көрөн, ааҕан баран бэркэ хомойдум. “Ол туохтан?” диэтэргит, сахалар сиимбэлбит кумаар-бырдах буоларын курдук, куорат хаба ортотугар пааркаҕа көрдөрүүгэ туруо үһү. Дьэ, бу тугуй? Онтон атын сахаҕа туох да үчүгэй суох үһү дуо?

Бу боппуруоһу хаттаан көрөр сөп. Норуоттан тоҕо ыйыппаттар? Макар Яковлевы, Валерий Луковцевы, Андрей Саввиновы кытта мин 100 бырыһыан сөбүлэһэбин. Этэргэ дылы, бырдах күнү-ыйы бүөлээн туруо суохтаах.

Мин санаабар, сахаларга баар национальнай дьоруойдартан талан пааматынньык туруорар ордук буолуох этэ. Холобур, биһигини, сахалары, эстииттэн босхолоон, бу хоту дойдуну булларбыт Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур дьоруой буолбатахтар үһү дуо?

Биһиги, билиҥҥи дьон, кэлэр кэс­килбит, ыччаппыт туһунан толкуйдуох тустаахпыт. Биһиги кэннибититтэн кэлэр дьон бырдаҕы (үөнү) сиимбэл курдук көрө сылдьан туох дии саныахтарай? Сахаларга Омоҕойдоох Эллэй хаһан да уостан түспэт сиимбэл-дьоруойдар буолалларын умнумуоҕуҥ диэн тус санаабын кылгастык эттэҕим буоллун.

Хаартыскаҕа: Усинскай к. турбут 2 миэтэрэлээх бырдах скульптурата.

Николай Горохов