Киир

Киир

Мин саныырбынан, Дьокуускайга уонна да атын Саха сирин арыычча бѳдѳҥ куораттарыгар биир улахан социальнай кыһалҕа баар. Бу олорор дьиэтэ-уота, үлэтэ суох уулусса дьоно буолаллар. Олох эҥин-араас күчүмэҕэйигэр түбэһэн, таһырдьа уулуссаҕа быраҕыллыбыттар тѳһѳлөөх эрэйи-муҥу кѳрѳн, ытаан-соҥоон сылдьалларын ким даҕаны барытын билбэтэ буолуо дии саныыбын.

Манна даҕатан, 2022 сыл от ыйын 14 күнүгэр Лена Афанасьева «Каждый третий бомж – женщина». Социальный репортаж о жизни бомжей в Якутске» диэн ыстатыйата интэриниэккэ тахсыбытын санатабын. Онно итинник дьон кыһалҕата барыта ырытыллыбыт этэ.

Күһүн тымныы түстэҕинэ ити дьонтон сорохторо, куоракка бастакы тутуллубут 4-түү этээстээх дьиэлэри булан, техническэй этээстэргэ кыстыыллар. Элбэх этээстээх саҥа дьиэлэр анныларыгар олохсуйарга элбэх мэһэй баар. Холобура, дьуһуурунай консьержкалар. Оттон эргэ дьиэлэргэ ханан баҕарар киириэххэ сѳп.

Дьэ, оччоҕуна биһиги, эргэ дьиэ бастакы этээһигэр олорооччулар, улахан эрэйгэ киирэбит. Сарсыарда, киэһэ, түүн дьиэбит иһэ ол-бу табаах, арыгы уонна да атын куһаҕан сытынан-сымарынан туолар. Хас да сыллааҕыта баата матараас умайан буруоҕа тумнаста сыспыппыт. Быйыл, балаҕан ыйыгар быһыылаах, эмискэ сытыйбыт эт сыта киирэн хас да суукка аҥкылыйан сордообута. Онтон ол «эти» таһаарбыттар уонна ѳлүк сытын суох гынаары туох эрэ күүстээх сириэстибэни туһаннылар быһылааҕа. Дьэ, онно улаханнык эрэйдэммиппит. Хата, сылаас буолан, түннүктэри аһан, салгылатан, бэттэх кэлбиппит.

Бу кыһалҕа туһунан араас инстанцияларга ирдэбил суруйа сылдьыбыппыт (Госуслуги, Одноклассники, ол кэннэ ыксаан норуодунай фронҥа). Ол тугу да туһалаабатаҕа. Бэйэ-бэйэлэригэр утаарсары эрэ сатыыллар эбит. Эгэ, боппуруос хайдах быһаарыллыбытын бэрибиэркэлиэхтэрэ дуо? Быһыыта, туохха да  эппиэтинэс сүкпэттэр.

Быралгы дьонунан Дьокуускайга «Тирэх» социальнай адаптация салаата дьарыктанар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай өҥөнү оҥоруу киинин дириэктэрэ Елена Григорьева этэринэн, Киһи быраабын кѳмүскүүр тэрилтэ боломуочунайа Сардаана Гурьева  Ис дьыала министиэристибэтин кытта 9 түһүмэхтээх аахсыйаны саҕалаабыттар. Онно барыта 700 киһини хаппыттарыттан 98 эрэ киһи реабилитацияны ааһарга сѳбүлэспит. Боломуочунай этэринэн, маннык түмүк кинилэртэн аймахтара, чугас дьонноро аккаастаналларыттан тахсар.

«Бу кыһалҕаны быһаарарга судаарыстыбаннай мэхэньиисим наада. Ол иһин биһиги Ил Түмэҥҥэ «О разработке проекта закона, направленного на профилактику бродяжничества, попрошайничества и реабилитации, ресоциализации лиц, освободившихся из мест лишения свободы» диэн этии киллэрбиппит», - диэн Сардана Гурьева этэр. Ону мин толору сөбүлэһэбин.

Бу сыл бэс ыйын 27 күнүгэр exo-ykt.ru порталга   Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев: «Бу кыһалҕаны үлэ лааҕырдарын арыйан быһаарыахха сѳп», - диэбитэ. Кини этэринэн: «Бу гражданнар үлэлиир кыахтаахтар, ол эрээри үлэлиир оннугар итириктииллэр, уопсастыбаннай миэстэлэри киртитэллэр».

Мин   саныырбынан, улуус баһылыктара бу кыһалҕаны быһаарыыга туох да кыттыыны ылбаттар. Онон, маннык этиилээхпин:

1. Аан маҥнай суһаллык манна сыһыаннаах Саха сирин бырабыытыластыбатын сокуонун ылынар ирдэнэр.

2. Куораттарга баар быралгылары барыларын учуокка туруоруллуохтаах.

3. «Тирэх» ыытар бары кѳмѳтүн оҥорон баран, хас биирдиилэрин улуус дьаһалтатын көрүүтүгэр-истиитигэр туттарыахха.

4. Сокуону кэһэн иккистээн куораттарга киирэн тутуллар буоллахтарына, административнай миэрэни туттуохха уонна улуус салалтатыгар ыйыы биэриэххэ.

5. Онтон үһүстээн сокуону кэһэр түгэнигэр суут нѳҥүѳ үлэ лааҕырыгар ыытыахха.

6. ИДьМ күүһүнэн дьиэлэр подвалларын, техническэй этээстэрин сылга хаста да кэрийэн кѳрүѳххэ.

А.Д. Гуринова. Докуускай куорат.

Хаартыска: EХО-YKT