Саха сириттэн ДНР-га тиийбит дьон аан маҥнай Новоазовскайга, Саха сирин Кэлим сүрүннүүр киинин (КСК) тирэх пуунун таарыйбакка ааспаттар. Мин бу сырыыбар быгыһын Кировскай куоракка сылдьан билсибит П.И. Лебедевпин көрүстүм. Пётр Иннокентьевич – манна тирэх пуун салайааччытын солбуйааччы, элбэх кэпсээннээх, саҥалаах-иҥэлээх саха сайаҕас киһитэ.
– Кировскайга үлэбитин түмүктээбиппит кэннэ, миигин тута манна ыыппыттара. Муус устар саҥатыттан баарбыт. Сыл буолан эрэбин. Пууҥҥа ахсыабыт, Муоматтан, Ньурбаттан улуус бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Бүгүн Өлүөхүмэттэн биир уол икки ый үлэлии кэллэ уонна куорат тэрилтэлэриттэн бааллар. Суоппар уолаттар Дьокуускайтан кэлэн үлэлииллэр. Кировскай тирэх пууна бу күннэргэ сабыллан, ЛНР-га көспүттэрэ.
– Кыһыҥҥытааҕар таһаҕас, көмө кэлиитэ лаппа элбээбитин көрөбүн...
– Саха КСК саха буойуннарыгар көмөлөһөр үлэтэ оннун булла. Үлэ хайдах хайысхаланан барара үөһэттэн биллэр. Ил Дархаммыт, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата улахан көмөнү оҥороллор. Буойуннарыгар биһиги курдук күүскэ тэринэн көмө оҥорор субъект суох диэн чуолкайдык этэбин. Биһиэхэ ыйга иккитэ хайаан да “гуманитарка” кэлэр. Олору саллааттарга тиэрдэр эбээһинэстээхпит. “Гуманитарканы” ыытыыга Саха сирин уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ, улуустар сүҥкэн көмөлөөхтөр. Билигин үксүн маскировка сиэккэтэ олус наада. Улуус аайы оҥорон ыыталлара хайҕаллаах. Уолаттар бары оннукка баҕараллар. Кэнникинэн биирдиилээн баһыылка кэлэрэ элбээтэ. Ол барыта тустаах саллаакка тиэрдиллэн иһэр. Бастаан кэлэрбэр наһаа оннук элбэх буолбат этэ. Баһыылканы Дьокуускайга Г.С. Куркутов салалтатынан үлэлиир суһал ыстаапка туттараллар. Тирэх пууммут уолаттара этэҥҥэлэр, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлиибит.
– Көмөнү байыастар хайдах ылалларый?
– Саха саллааттара биһиэхэ чаастарын командованиетын нөҥүө сайаапка биэрэллэр. Онон үлэлиибит. Постпредство, КСК саллааттары, хас биирдии төрөппүтү, дьоннорун, кэргэннэрин кытары ыкса үлэлэһэр, элбэх үлэ барар. Уоппускаҕа барар-кэлэр саллааттары барыларын көрсөн, билиэттэрин буруонньалаан, атааран биэрэллэр. Кэнникинэн ирдэһии (обращение) күүскэ үлэлээн эрэр. Сүтүктээх дьон, сибээскэ тахсыбатаҕа ырааппыт, бааһырбыт уолаттарын көрдүүллэр. Сүрдээх күүстээх үлэ барар. Биһиги эмиэ кыттабыт, чаастарга тиийэн ыйыталаһан, билэн баран КСК тиэрдэбит. Ону ESET бырагырааманан суруйан дьонноругар тиэрдэллэр. Ити бырагыраама киирбитэ үчүгэй. Урут барыта төлөпүөнүнэн быһаарсар буоллахха, билигин биир ситиминэн үчүгэйдик барар.
Постпред А.С. Федотов салалтатынан КСК күүстээх үлэни ыытта. Маннааҕы салайааччыбыт Юстас элбэх байыаннай чаас салалталарын кытта билистэ. Онон үлэлииргэ чэпчэки буолла. Урут тугу да билбэт буоллахпытына, боппуруос быһаарыытыгар улахан хамандыырдарга Юстас нөҥүө тахсабыт. Информацияны барытын ылабыт.
Сэрии туһунан эттэххэ, саллааттарбыт сүрдээх хорсуннук киирсэ сылдьаллар. Саха аатын, дойдуларын чиэһин түһэн биэрбэккэ, Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьалларынан киэн туттабыт. Быһайын украиналар бэс ыйынааҕы “контрнаступтарыгар” (кимэн киириилэригэр) арҕаа 24 судаарыстыба биһигини утары сэриилэстэ. Бастаан СВО саҕаланыытыгар судургу курдук саныыр этибит. Онтон манна сылдьар киһи хараҕынан көрдөҕүнэ, арҕаалар Арассыыйаны утары күүскэ турунан, сүрдээх өһүөмньүлээх санаалаах киирбиттэрэ көстөр. Олору утары бэйэбит уолаттарбыт Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин дьонуттан итэҕэһэ суох сырыттылар.
Ил Дархаммыт салалтатынан буойуннарга көмөҕө күүстээх үлэ бара турарыттан үөрэбит. Сир аайы сырыттахпытына, “бачча ыраах кэлэҥҥит, көмөҕүт наһаа улахан эбит” дииллэр. Хайа да дэриэбинэҕэ, куоракка киирдэхпитинэ, биһигини сөҕө-махтайа көрөллөр. Маннык элбэх көмөнү сэриилэһэр дьонноругар ханнык да субъект оҥоро илик. Мин уопуттаах харахпынан көрдөхпүнэ оннук. Сэрии кытыытыгар киирдэххэ, атын субъект уолаттара ымсыыра көрөллөр. Сорохтор харахтара ууланар, ымсыыраахтыыллар. Бастаан СВО саҕаланыытыгар уолаттар “миэхэ кэлбит көмө, ас миэнэ” диэн көрөллөр этэ. “Контрнастубу” тохтотуу кэннэ уолаттарга араас омук дьоно түмсэн, убайдыы-бырааттыы курдук өйдөһүү уолаттарга үөскээтэ. “Атын омуккун, атын субъеккын” диэбэккэ, кэлбит баһыылканы бары тэҥҥэ үллэстэллэр, тепловизоры, электрогенераторы уолаттарбыт уопсайдарыгар ыла сатыыллар.
– Биһиги уолаттарбыт хайдах сэриилэһэллэр диэн сыаналыыгын?
– Саха эр киһитэ хорсун, сатабыллаах буойун буоларын СВО сиригэр бары биллилэр. Онон киһи сахатынан киэн туттар. Ханна да сырыттахха, сахалары сүрдээх хорсуннар дииллэр. Хамандыырдар бары “эһиги тыйыс усулуобуйаҕа хатарыллан, олоххо күүскэ тардыһыылаах дьоҥҥут” дииллэр. Донецкайга быһаас биир кэпсэтиигэ Алексей Журавлев диэн Госдуума оборуонаҕа кэмитиэтин 1-кы солбуйааччыта, “Родина” баартыйа салайааччыта, биһиэхэ: “Саха буойуннара атын сир арбанар буойуннарынааҕар биир төбөнөн үрдүк тураҕыт. Ол эрээри эһиги сэмэйдэргит, кыайан “пиардаммаккыт””, – диэбитин истэн, соһуйан турабын. Онон уолаттарбытынан, чахчы, киэн туттабыт. Кэнники санаатахха, биһиги өспүт хоһоонноро норуоппут майгытын сөпкө да биэрэллэр эбит. Холобур, “саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой” дииллэрэ сэрии хонуутугар көстөр. Хамандыырдар “10 киһиттэн аҕыһа чугуйбутун кэннэ хаалбыт икки байыас саха буолаллар, эһигини айылҕаҕыт хаһан да төттөрү барбат гына ииппит эбит” дииллэр.
– Тирэх пууҥҥа туох саҥа киирэрий?
– Саха сирин көмөтүн атын субъектар, чаастар билбиттэр. Субъектартан, араас чаастартан кэлэн көрөн, уопут ылан бараллар. Харахтара арыллан, “сахалар, наһаа да маладьыас дьон эбиккит, эһиги салалтаҕыт буойуннарыгар дойдуларын суохтаппат гына олус да күүскэ көмөлөһөр эбит” диэн ымсыыра көрөөхтүүллэр. Билигин көмө барыта командование нөҥүө барар гына бэрээдэктэннэ, 1С бырагыраама киирбитэ. Барыта учуоттанан-отчуоттанан туох киирбитэ, ханна барбыта көстөн турар. Мин атырдьах ыйыгар диэри түүннэри-күнүстэри илиинэн суруйан, толорон ыытар этим. Манна үлэлиир уолаттар бары маладьыастар. Элбэх дьону кытта үлэлээтим. Тирэх пууҥҥа иккилии ый оннугар үстүү ый үлэлии кэлиэхтэрин наада. Саҥа хамаанда кэллэҕинэ үөрэтэҕин, саҥа үөрэнэн иһэн, икки ыйдара туолан бараллар. Онтон эмиэ саҥа састаап кэлэр. Ол иһин инники үлэлээбит уолаттар үстүү ый буола-буола солбуһалларын олохтуур кэпсэтии барар. Оччоҕо логистика, саллааттары, хамандыырдары кытта хантаак ыһыллыбат.
– Билигин туох таһаҕас, көмө кэлэрий?
– КСК салалтатынан атыылаһыы буолар. Билигин кыһыҥҥы пуорма кэллэ. Аҕыйах да, кэлин өссө элбиэ диэн эрэнэбит. Саллааттар таҥастара сүрдээх түргэнник тырыттар. Биир бойобуой сорудахха киирдэхтэринэ, таҥастара суох кэриэтэ тахсаллар. Ону биһиги салалтабыт кэмигэр таба көрөн, эбии пуорма ылбыта бэҕэһээ кэллэ. Ол иннинэ сайыҥҥы 1 тыһ. пуорма кэлбитин түҥэппиппит. Оруобуна “контрнастубу” төттөрү охсуу кэмигэр кэлэн абыраабыта. “Контрнаступ” бэс ыйын 4 күнүгэр саҕаламмыта. Олох хойут күһүҥҥэ диэри буолла. Сүрүн сэриилэрэ икки ый курдук буолла. Биһиги сэриилэрбит ити кэм устата оборуонаны тутан олордулар. Билигин биһиэннэрэ бэйэлэрэ кимэн киирэллэр. Уопсайынан, Арассыыйа сэбилэниитэ, аармыйата сүрдээх күүстээх, арҕаа дойдулары утары соҕотоҕун сэриилэһэр.
– Тирэх пууннар, бааһырбыт, кыргыһыы хонуутугар охтубут буойуннарга тугу оҥороҕутуй?
– Биһиги сүппүт уолаттары булууга, информация хомуйууга үлэлэһэбит. Гуоспуталга ирдэһии киирдэҕинэ, баран үлэлэһэбит. Биһиэхэ гуоспуталга – В.П. Душкевич, дьоруойдуу охтубут буойуннары атаарыыга эмиэ сүрдээх уопуттаах А.С. Бочкарева үлэлэһэллэр. Душкевич Ростов гуоспуталыгар үлэлиир көмөлөһөөччүлэрдээх. Онно улахан тулуур, эниэргийэ наада. А.С. Бочкарева киһи тулуйбат үлэтин дьахтар киһи буолан тулуйар дии саныыбын. Эр киһи икки-үс ый тулуйбата буолуо. Вера Петровнаны “саллааттар ийэлэрэ” диэн ааттыыллар, бары билэллэр. Ростовка гуоспуталга киирдилэр да, биһиэннэригэр барыларыгар “гуоспутал нобуорун”: саҥа таҥас, суунар тэрил биэрэллэр. Уолаттар онтон олус астыналлар. Атын эрэгийиэннэр тырыттыбыт таҥастаах кэлэн киирэллэр.
Былырыын үлэбит ыарахан этэ, билигин тэрээһин түргэнник ситэн, үлэ сааһыланна. Уолаттар ханна, кимиэхэ тахсары барытын билэллэр.
Биһиги манна үлэбитигэр тулуур наада, элбэх кыһалҕа, ирдэһии киирэрин барытын сааһылаан, байыаннайдар салалталарын кытта быһаарсан, боппуруос барыта быһаарыллан иһиэхтээх. Итиниэхэ постпред А.С. Федотов, Саха сирин салалтата сүрдээх үчүгэй систиэмэни туттулар. Салайааччыбыт Юстас курдук улахан байыаннай уокуруктары булан, командованиеларын кытта кэпсэппит киһи, арааһа, аҕыйаҕа буолуо.
***
Бу курдук, СӨ тэрийбит Новоазовскайдааҕы тирэх пуунун үлэһиттэрэ өрөбүлэ суох, түүнү-күнүһү аахсыбакка, саха саллааттарыгар дойдуларын суохтаппат гынарга кыһаллан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Хаартыскаҕа, инники эрээккэ хаҥастан уҥа: Петр Лебедев, Виталий Слепцов, Прокопий Соркомов, Николай Соловьев, Арзу Керимова, Константин Захаров, Игорь Попов, Владимир Укоев
Иккис эрээккэ: Антон Алсаев, Алексей Михайлов, Алексей Гадибиров, Евгений Савельев
Кэрэ аҥаардар “лиэнтэ” уҥуор
Тирэх пууҥҥа Саха сириттэн икки кэрэ аҥаары көрсөн кэпсэттим. Арзу Керимова (үөһээ фото көр.) Горнайтан төрүттээх биир дойдулааҕым. Аҕата азербайджанец, ийэтэ саха. Манна СӨ Үбүн министиэристибэтиттэн хомондьуруопкаҕа алтынньы 10 күнүттэн кэлэн суот, учуот, отчуот бэрээдэгин көмпүүтэргэ киллэрэ, сааһылыы, дьону үөрэтэ сылдьар. Хорсун кыыс дии санаатым, дьиэбэр бара оҕустарбын диэбэт, “төһө наада буолар да, оччо сылдьыам” диир.
Иккис, былырыын В.Путины кытта саллааттар ийэлэрин көрсүһүүлэригэр сылдьыбыт Марина Бахилина:
– Мин кулун тутар 25-гэр кэлбитим. Тирэх пуун үлэһиттэрин аһатар эбээһинэстээхпин. Элбэх байыастар араас наадаҕа кэлэн бараллар, ким эрэ уоппускаҕа, ким эрэ төннөр. Олору барыларын аһатабыт, таҥыннарабыт.
– Бэйэҥ уолаттаргын көрсөҕүн дуо?
– Улахан уолуммантан 600 км сиргэ баар. Кинини аймаамаары барбаппын. Салайааччыбыт күүһүнэн биирдэ ыыппытыгар махтанабын. Орто уолум разведчик, ханан сылдьара кистэлэҥ, кыра уолбун Авдонин «ийэҕэр хаал» диэн ылбатаҕа. Ону Нижнэй Новгородка баран киирдэ,баҕатынан дрону салайарга үөрэнэ сылдьар. Уолаттарым 40-чалаахтар, олоҕу көрбүт, билбит дьон, өстөөҕү үлтүрүтүһэ сылдьаллара сөп. Тирэх пуун үлэтэ сааһыламмыт бэрээдэгинэн барар. КСК, маннааҕы хамаанда олус үчүгэйдик үлэлииллэрин хайгыыбын. А.С. Николаев маладьыас, барытын сөпкө оҥорор.
***
Манна Бахилинаны «Маама Марыына» диэн ааттыыллар. Аһа-үөлэ дэлэйэ, минньигэһэ сүрдээх. Уолаттар кэрэ аҥаардары сүрдээҕин убаастыыллар, харыстыыллар. Этэҥҥэ буолуҥ!
Владимир Степанов.
Дьокуускай–Донбасс–Дьокуускай.