Судургу ыйытыы курдук. Ол эрээри, ырытан, ырыҥалаан бардахха, иһэ истээх ыйытыы.
Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар маннык омос өйдүүргэ эмиэ судургу курдук быһаарыы бэриллэр: «Уус-уран литература айымньытын суруйар киhи».
Ол эбэтэр, уран сурук айымньытын суруйар киһини барытын «суруйааччы» диэн өйдүөхпүтүн сөп.
Нуучча тылын быһаарыылаах тылдьыттарыгар эмиэ итиннэ холоонноох быһаарыы бэриллэр: «Человек, который занимается литературным трудом, пишет художественные литературные произведения» (С.И. Ожегов тылдьыта).
Быйыл «Кыымҥа» (29.02.2024) суруналыыс Нина Герасимова оҥорбут ыйытыга «Суруйааччы диэн кимий?» диэн төбөлөөх тахсыбыта. Онно маннык хоруйдаабытым.
«Саха бастакы суруйааччылара – бастакы үөрэхтээхтэрбит. Бары араҥаҕа улаханнык ытыктанар мааны дьон. Онтон сэбиэскэй кэмҥэ үөрэх тэнийэн, хоһоонньут-кэпсээнньит дэлэйэн «суруйааччы» диэн өйдөбүл эмиэ уларыйан барар. Суруксут идэлээх уонна суруйар илбискэ, сорох ардыгар дьаллыкка даҕаны ылларбыт дьону итинник өйдүүр, этэр буолаллар. Ити – киэҥник ыллахха. Оттон дьиҥ таһымҥа ыллахха, сэбиэскэй тутул муҥутаабыт кэмигэр «суруйааччы» диэн өйдөбүл Суруйааччы сойууһугар ылыллыбыт дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах буолар. Оннук сыһыан салҕанан, бэл диэтэр, 2000 сыллаахха (хайыы үйэ сэбиэскэй тутул суох буолбутун кэннэ) тахсыбыт «Писатели Земли Олонхо» ыйынньыкка, холобур, Дмитрий Дыдаев (1935–1974), Альберт Бүлүүйүскэй (1943–1979), Варвара Потапова (1946–1979) курдук суруйааччылар киллэриллибэтэхтэр. Ити итэҕэс 2019 сыллаахха тахсыбыт ыйынньыкка туоратыллыбыта хайҕаллаах. Билигин «суруйааччы» диэн хоһоон-кэпсээн суруйбут, кинигэ таһаартарбыт киһини барытын этиэххэ сөп курдук. Куһаҕана диэн, «Суруйааччы сойууһугар киирэн суруйааччы буолабын» диэн саныыр дьон элбээтэ. Бу дьон Суруйааччы сойууһугар дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн, дорҕоонноохтук «суруйааччы!» дэтэр уус-уран айымньыны айан-суруйан баран киириэхтээхтэрин, сойууска киирии уопсастыбаннай тэрилтэ кыттыылааҕа буолууну эрэ мэктиэлиирин өйдөөбөттөр эбэтэр баардылаабаттар. Ити өттүнэн билигин «суруйааччы» диэн өйдөбүл биллэ өлбөөрдө. Ол сүрүн төрүөтүнэн баар сойуустар уонна кинигэ таһаарар кыһалар өттүлэриттэн уус-уран айымньыга ирдэбил мөлтөөбүтэ буолар».
Үгүс киһи, чахчы, «суруйааччы» диэн өйдөбүлү Суруйааччы сойууһугар чилиэн быһыытынан киириини кытта ситимниирэ баар суол. Онно, ыйытыкка хоруйдаан эппитим курдук, сэбиэскэй кэм өйдөбүлэ күүстээх сабыдыалы оҥорор. Сэбиэскэй былаас суруйааччыга сыһыана оннук ураты этэ. Ол быһыытынан «Суруйааччы сойууһа» диэн ааттанар уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтэ эмиэ ураты болҕомтоҕо тутуллара. Дойду үрдүнэн биир «ССӨС Суруйааччыларын сойууһа» диэн тэрилтэ баара. Хомуньууһум тутулун уонна айар-суруйар үлэҕэ социалистическай реализмы сүрүн ньыма быһыытынан туругурдар соруктаах тэрилтэ. Кытаанах устааптаах, чиҥ ирдэбиллэрдээх тэрилтэ.
Ол быһыытынан сэбиэскэй кэмҥэ оннук тэрилтэ чилиэнэ буолбут киһиэхэ дьон да, былаас да сыһыана дьоһуннаах буолара.
Итиэннэ, төрүкү, хайа даҕаны омукка «суруйааччы» диэн өйдөбүлү үрдүктүк тутуу баар. Ол «Төрүт Тыл», «Уран», «Кырдьык» диэн курдук үрдүк өйдөбүллэртэн төрүттээх. Хайа да омук бэйэтин суруйааччытын төрүт өйүн-санаатын кырдьыгын, тылын туругурдар ухханнаах, дьайааннаах чулуу киһитин быһыытынан өйдүүр. Оннук да буолан, холобур, саха дьоно Күлүмнүүр, Алампа, Ойуунускай диэн суруйааччылардааҕын хайа даҕаны кэмҥэ умнубатаҕа. Ити кинилэр эрэпириэссийэҕэ түбэспит кэмнэригэр, кинилэр ааттарын-суолларын көлбөҕүрдүү кэмигэр диэн этэбин.
Суруйааччыларга сыһыаннаах омсолоох бэлиитикэ дьон өйүгэр-санаатыгар суола-ииһэ, содула, соттуга суох хаалбат.
Ол курдук, уонча сыллааҕыта Саха гимназиятыгар сырыттым. Саха тылыгар аналлаах анал хос оҥорбуттар, бастакы түөрт суруйааччыларбыт мэтириэттэрин ыйаабыттар – Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Николай Неустроев, Ойуунускай. Хайҕаатым уонна: «Бу үлэҕит «биэс» сыанаҕа оҥоһуллубут диэхпин, Күлүмнүүр мэтириэтэ суох эбит, кини эмиэ саха уран суругун төрдүгэр турбут суруйааччыбыт», – диэтим. Онтон, эһиилигэр дуу, эмиэ сырыттым. Күлүмнүүр мэтириэтин ыйаабыттар. Ол эрээри, хаҥастан – бэһис. Ону: «Дьэ, «биэс» сыанаҕа син биир тиийбэтэххит, Күлүмнүүр мэтириэтэ, урут күн сирин көрбүтүнэн даҕаны, бастакы буолуохтаах», – диэбиппэр саҥарбатылар. Саарбахтаатылар. Хата, ол соторутугар Национальнай бибилэтиэкэҕэ сылдьан суруйааччыларбыт мэтириэттэрэ ыйанан турарыгар Күлүмнүүр киэнэ бастакы ыйаммытын өйдөөн көрөн, гимназияларга ону хаартыскаҕа түһэрэн ыыттым. Ол кэннэ мэтириэттэри бибилэтиэкэ киэнин курдук наарынан ыйаабыттар этэ.
Суруйааччыга сыһыаннаах омсолоох бэлиитикэ содула итинник. Дьоҥҥо утуму-ситими өйдөөбөт быһыы-майгы үөскүүр. Сэбиэскэй кэмҥэ Күлүмнүүр туһунан киэҥ кэпсэтии, суруйуу суох буоллаҕа. Үтүө аата 1992 сыллаахха эрэ чөлүгэр түһэриллибитэ. Онон ол иннинэ киэҥ бэчээккэ кини туһунан «саха батталлаах баайа», «саха омугумсук тойоно», «сэбиэскэй былаас өстөөҕө» диэн курдук эрэ этиллэр. Эгэ, суруйуута, айымньыта, тылбааһа бэчээттэниэ дуо? Дьон утумнаах өйдөбүлэ кэһилиннэҕэ ол.
Күлүмнүүрү ахтыбычча, маннык баар.
Дьон «Пушкин бибилэтиэкэтэ», «Пушкиҥҥа» диирин балай эмэ истэбин. Ардыгар суруйаллар даҕаны. Ол – урукку үөрүйэх көстүүтэ. Улахан бибилэтиэкэбит 1954 сылтан 1990 сыллаахха диэри А.С. Пушкин аатын сүкпүтэ. Ол иһин суолталаах түгэннэргэ: «Билигин Национальнай бибилэтиэкэ диэн баар, Пушкин бибилэтиэкэтэ диэн суох», – диэн көннөрөөччүбүн, быһаарааччыбын.
Онтум баара, үнүрүүн көрбүтүм: туһааннаах тохтобул аата «Пушкин библиотеката» диэн суруллан турар эбит. Оптуобуска саҥаралларыгар эмиэ оннук биллэрэллэр.
Бу тугуй? Уҥа илии тугу гынарын хаҥас илии билбэт дуо?
Мунааран «урукку аатын төннөрбүттэрин билбэккэ сырыттаҕым дуу...» диэбитим, оннук дьаһал-уураах суох. Оччотугар?
Куорат дьаһалтата манна быһаарыы биэрдэҕинэ сатанар.
Аны туран, итинник ааттары суруйууга таба суруйуу тылдьытын тутуһуу булгуччулаах буолуохтааҕа. Ол курдук, СӨ Бырабыыталыстыбата 2015 сыл ахсынньы 22 күнүнээҕи уурааҕынан бигэргэппит быраабылаларыгар олоҕуран бэлэмнэммит тылдьыкка туһааннаах тыл «бибилэтиэкэ» диэн суруллар, ол эбэтэр «библиотека» диэн суруллуо суохтаах этэ.
Эмиэ бу күннэргэ «Айар» национальнай кыһа дириэктэрин солбуйааччы В.Н. Луковцев-Дьурустаан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Күлүмнүүр аатын иҥэрэри туруорсалларын туһунан кэпсээтэ. Ону бэрт сөптөөх уонна утумнаах туруорсуу диибин. Ол курдук, 2009 сылтан Национальнай бибилэтиэкэ төрүт дьиэтин эркинигэр Күлүмнүүргэ анаммыт өйдөбүнньүк дуоска ыйанан турар. Аны туран, кини – Саха сиригэр босхо туһаныллар бастакы норуодунай бибилэтиэкэлэри тэрийээччи. Уонна «Саха сирэ» диэн өйдөбүл дьон өйүгэр-санаатыгар баарын тухары Күлүмнүүр аатыгар сүгүрүйүү мэлдьи баар буолуо турдаҕа.
Күлүмнүүр – ханнык даҕаны суруйааччы сойууһугар киирбэтэх суруйааччы. Өксөкүлээх Өлөксөй, Николай Неустроев эмиэ. Олорбут үйэлэрэ, дьылҕалара оннук. Оттон Алампа ССӨС Суруйааччыларын сойууһугар хандьыдаат эрэ буолбута, сойууска тута ылбатахтара.
Дьэ, ол иһин Нина Герасимова ыйытыгар хоруйдаабыт бэтэрээн учуутал Мария Сивцева-Оконешникова: «Суруйааччы диэн дьылҕа ээ», – диэтэҕэ буолуо.
Сэбиэскэй кэмҥэ Суруйааччы сойууһа диэн чопчу идеологияҕа үлэлиир күүстээх уопсастыбаннай тэрилтэ этэ диэтибит.
Онтон 1991 сыллаахха дойду үрэллэр. ССӨС Суруйааччыларын сойууһа эмиэ. Сүрүн утумнааччытынан МСПС (Международное Сообщество писательских союзов) буолар. Бу тэрилтэ бастакы салайааччылара: Тимур Пулатов (1992–2000), Сергей Михалков (2000–2008). Арассыыйа иһигэр АСФСӨ Суруйааччыларын сойууһа икки аҥыы арахсар: СПР (Союз писателей России – бэрэссэдээтэл Юрий Бондарев), СРП (Союз российских писателей – Дмитрий Лихачёв, Виктор Астафьев, Евгений Евтушенко, Фазиль Искандер, Белла Ахмадуллина уо.д.а).
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа итинник быһыыга-майгыга эмиэ икки аҥыы арахсыбыта.
«Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа» диэн ааты тутан хаалбыт сойууһу Софрон Данилов салгыы салайбыта. Бу сойуус Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун (СПР) иһинэн буолбута. Билигин бу тэрилтэни «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов салайар.
Иккис сойуус «СӨ Суруйааччыларын сойууһа» диэн ааттаммыта. Бэрэссэдээтэлинэн Моисей Ефимов талыллыбыта. Бу сойуус ССӨС Суруйааччыларын сойууһун сүрүн утумнааччытынан буолбут МСПС биир тэрийээччитинэн буолбута. Син биир Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун (СПР) курдук.
МСПС билигин аатыгар эрэ баар курдук да буоллар, итинник тэриллии утума уларыйа илик. Ол эбэтэр «Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа» уонна «СӨ Суруйааччыларын сойууһа» диэн ааттанар сойуустар чилиэннэрэ биир МСПС диэн тэрилтэҕэ сыһыаннаахтар. Оттон кэлин үөскээбит суруйааччылар атын тэрилтэлэрэ МСПСка сыһыана суохтар – чопчулаатахха, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация уонна «“Айар кут” СӨ поэттарын уонна прозаиктарын сойууһа» диэн ааттаах тэрилтэ.
Онон, лаппыйан эттэххэ, Саха сиригэр 1991 сыллаахха икки сойуус үөскээбит сүрүн төрүөтэ – Сэбиэскэй Сойуус үрэллиитэ уонна ону кытта ситимнээх дойду олоҕор-дьаһаҕар буолбут уларыйыы. Аҥаардас суруйааччылар бэйэ-бэйэлэрин кытта сатаспатахтарын, сананыыларын уодьуганнаабатахтарын, «киин улуустарга» уонна «Бүлүү эҥээрдэргэ» арахсыбыттарын түмүгэ буолбатах. Биллэн турар, урут да, билигин да итинник «улуустаһыы», «аакка-суолга сананыы» диэн курдук өйдөбүллэри күүркэтэн суруйааччылары утарыта туруоруу баар суол – этэргэ дылы, «араартаа уонна баһылаа» диэн буоллаҕа.
Оттон, дьиҥэр, «Бүлүү эҥээрдэр» диэн буолбут СӨ Суруйааччыларын сойууһун бастакы бэрэссэдээтэлэ – Моисей Ефимов (Дьааҥы). Кини кэнниттэн талыллыбыт Егор Неймохов – Томпо. Онтон бэрэссэдээтэл буолбут Иван Мигалкин – Уус Алдан. Ону сэргэ бу сойууска бааллара: Иннокентий Артамонов – Уус Алдан, Рафаэль Баҕатаайыскай – Мэҥэ Хаҥалас, Николай Босиков – Уус Алдан, Василий Бочкарёв – Уус Алдан, Семён Горохов – Аллайыаха, Егор Лаптев – Орто Халыма, Николай Литвинцев – Уус Алдан, Борис Попов-Барылҕан (Чурапчы), Василий Саввин – Уус Алдан, Степан Юмшанов – Дьааҥы. Эбэтэр Пётр Тобуруокап, Сэмэн Руфов, Николай Тобуруокап, Василий Сивцев, Степан Дадаскинов, Василий Титов аҥаардас Үөһээ Бүлүүлэрин ыырынан муҥурдаммыттара буолуо дуо? Оттон Иван Гоголев-Кындыл? Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн? Миитэрэй Зверев? Николай Харитонов-Чуор?
Быһата, «СӨ Суруйааччыларын сойууһа» диэн эмиэ ССӨС Суруйааччыларын сойууһун биир утумнааччыта буолар дьоһуннаах тэрилтэ үөскээбитэ.
Оттон бүгүн Сахабыт сирин үтүө-мааны дьоно, ааттаах-суоллаах суруйааччылара тэрийбит уонна чилиэн буолбут сойуустара хайдах-туох туруктааҕый?
Бүгүҥҥү турук хайдаҕый?
Сойуус бүгүн хайдах-туох туруктааҕый? Бу ыйытыы дьону-сэргэни күүскэ долгутар. Кэпсэтиилэргэ, бассаапка, хаһыакка суруйууларга олоҕуран итинник этэбин.
Ону холобурдаан биир ааҕааччы (үчүгэй хоһоонньут быһыытынан билэбин) бассаапка бэйэбэр суруйбутун кылгатан, мүлүрүтэн, дьон аатын ыйбакка таһаарабын. Манна диэн эттэххэ, бу кыһалҕа туһунан К. эрдэ эмиэ ыйытар этэ.
13.12.2023. Бу К. суруйан эрэбин, өйдөөбөтөхпүн ыйытаары. Бука диэн, хардара сатааҥ. Биһиги бөлөхтөн (айар-суруйар дьон бассаап бөлөхтөрүн этэр. – А.) Р. уонна Н. Союзка (бу маннык улахан буукубаттан уонна «сэбиэскэйдии» «союзка» диэн суруйуу дьон суруйааччы сойууһугар сыһыанын көрдөрөр түгэн диэххэ сөп. – А.) киирэргэ сайабылыанньа биэрбиттэр этэ да, хайалара да ааспатахтар, иккиэн да ааһыахтарын сөптөөх курдуктар этэ. «Докумуоннара итэҕэс» диэбиттэр үһү – ол сылтан ордук ону көрбөккө сылдьыбыттар, саҥа билбиттэр дуу, хайдах дуу?.. Ити киирбит дьоҥҥо мөлтөхтөр да баарга дылылар, мин бэйэм санаабар, баҕар, сыыһарым буолуо. Син биир туох да уларыйыы барбатах эбит Союзка, син элбэхтэ саҥарылыннылар, кириитикэлэннилэр да. Итини кимиэхэ этиниэххэ сөбүй?
17.12.2023. Ол эрэн, ити биир Ц-га бүтүн сойуус кыайтарбытын өйбөр батарбаппын. «Үөрэхтээх, билиилээх, биллиилээх суруйааччы баардыҥы, тоҕо да көрбүтүнэн олорон биэрдигит, биир этиини наардаабат Ц-ны тойон-хотун оҥордугут, сойуускутун күлүүгэ-элэккэ ыыттыгыт, Убайдаргыт үлэлэрин сиргэ-буорга тэбистигит?» диэн ыйытыахпын баҕарабын.
06. 02. 2024. Эмиэ мунаарар ыйытыкпар харда биэриэ дуу диэн суруйан эрэбин. Ц. дьон бөҕөтүн сойууска киллэрээри ыҥыртаан эрэр. «Түөрт кинигэлээх, үс рекомендациялаах буоллугут да киирэҕит», – диир үһү дии. Ол аата, мин «ааттаах-суоллаах, корочкалаах суруйааччы, бэйиэт» буоларбар баара эрэ аҕыйах кинигэ (билигин харчылаах киһи сүүһү да таһаартарыан сөп) уонна билсиинэн киирбит (сорохторо этиини да кыайан сааһылаабат) сойуустаахтартан сурук ыллым да, бүтэр эбит дии. Хайдах суруйарбар, айымньыбар, дьоҕурбар, билиибэр ким да кыһаллыбат эбит. Киһи сөҕөн да төһөнү сөҕүөй? Ц. бэйэтин тэҥинэн дьону мунньар, ордуктары тоҕо да киллэриэй?.. Ама, Р., Н. киниэхэ тиийбэттэр үһү дуо?.. Хаһааҥҥа диэри хаарыан Сойууспутун итинник нэгэй дьоҥҥо көҥүл айбардатаҕыт, тоҕо ким да ити үөскээбит сааттаах балаһыанньаны көннөрө сатаабат?
Санаабар кэтэһэ саныыбын ээ...
«Суруйааччы сойууһа кимҥэ да, туохха да кыайтара илик» диэбиккит иһин туох эмит хамсааһын бараарай диэн кэтэһэн көрдүм да, уу чуумпу.
06.03.2024. Биир Ц. бэйэтэ сөбүлүүр эрэ дьонун хомуйара диэн хайдах да сиэргэ баппат быһыы. Чааһынай тэрилтэтин курдук...
Сойууска бааллар бары ити барбах көстүүгэ кыттыгастаахтар диэн санаа миэхэ үөскүүр: биһирииллэр эбэтэр утарсыбаттар. Утарсыбаттар, туора турааччылар саҥата суох сөбүлэҥнэринэн барыта оҥоһуллар диэн, ол – өссө куһаҕан. Хайаан да бу хобдох, сааттаах быһыы-майгы көнүөн, Сойуус үтүө аата төннүөх тустаах. Ону эһиги, Сойуустар, бэйэҕит эрэ көннөрөр кыахтааххыт, көннөрүөх тустааххыт.
Дьэ, итинник...
Үөскээбит хобдох быһыыны-майгыны сойуус бэйэтин иһигэр дьыала быһыытынан быһаарар туһуттан былырыын бары чилиэннэргэ туһуламмыт «Ыҥырыы сурук» суруллан уонна туһааннаах дьоҥҥо тиэрдиллэн турар.
Онно этиллэр кыһалҕа быһаарыллыбата, быһыы-майгы көммөтө. Төттөрүтүн, эбии уустугурда. Устаабын быһыытынан талыллыбыт бэрэссэдээтэлэ, толорор сүбэтэ суох олорор сойууска, ити К. суруйбутун курдук, «саҥа чилиэннэри» ылбыт аатырдыбыт. Ол эбэтэр: итини бэрэлээн тэрийбит бөлөх дьон сойуус Устааба диэни төрүт да билбэттэр эбэтэр онно силлиэхтэрин да баҕарбаттар... Бу дьон «саҥа чилиэннэр» дьылҕаларынан оонньообуттарын өйдөөбөттөрө буолуо дуо? Дьиҥэр, «саҥа чилиэннэр» ортолоругар тыыппалаах хоһоонньуттар, кэпсээнньиттэр бааллар. Кинилэр, быһыыны-майгыны билбэт буоланнар, бу угаайыга киирэн биэрбиттэр...
Аны кэлэн, «баҕар, бу «Ыҥырыы сурук» дьон-сэргэ билиитигэр эрдэ тахсыбыта буоллар, быһыы-майгы атын буолуо этэ...» диэхпит да, буолбут буоллаҕа – эппитим курдук, кыһалҕаны холкутук, дьыала быһыытынан быһаарар эрэл баара. Ол эрэл бүгүн суох.
Сойууска, тэрилтэ устаабын толоостук кэһэн туран, саҥа чилиэннэри ылыы баарын туһунан эрдэ бэчээккэ суруйан тураллар, холобур, ол туһунан «Туймаада» хаһыакка тахсыбыта. Ол дьаабы тоҕо оҥоһуллара онно эмиэ быһаарыллыбыта – саҥа чилиэннэр, махтанан, сийиэскэ кинилэри сойууска ылбыт бэрэссэдээтэлгэ куоластарын биэриэхтээхтэр диэн.
Инньэ гынан, 2016 сыллаахха буолбут VI сийиэскэ сойуус букатын да ыһыллар быһыыта-майгыта үөскээбитэ. Ити кэмҥэ, урукку устаап быһыытынан, сойууска киириини сийиэс бигэргэтэрэ. Ону баара, бэрэссэдээтэл И.В. Мигалкин устаап ити ирдэбилин толоостук кэспитин түмүгэр отуттан тахса киһи сойуус толору бырааптаах чилиэнин быһыытынан сананан сийиэстии кэлбитэ. Ол иһин бэрэссэдээтэлгэ хандьыдаатынан турбут Н.В. Михалёва-Сайа бэйэтин устуммута – сойууһу өрүһүйээри, ааспыт болдьоххо тахсыбыт сыыһалар хатыланыахтара суоҕа, саҥа талыллыбыт бэрэссэдээтэл, толорор сүбэ, эрэбиисийэлиир хамыыһыйа устаап быһыытынан үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэн...
Ыҥырыы сурук
Сойууспут, уопсастыбаннай тэрилтэ быһыытынан, олус уустук турукка киирэн олорор. Бу сурук онтон биир сүбэнэн тахсар, быһыыны-майгыны төрдүттэн көннөрөр туһугар сурулунна.
2022 сыл ахсынньы 19 күнүгэр сойууспут VII сийиэһэ буолбута. Бу сийиэс, отчуоттуур-быыбардыыр мунньах буолан, сойууспут инники биэс сыллаах үлэтин сүрүн оҥкулун оҥоруохтааҕа. Онтубут оннук буолбата. Онно сийиэһи тэрийии да, ыытыы да өттүнэн элбэх итэҕэстэр бааллара харгыс-моһол буолла.
Олортон сүрүннэрин ыйабыт.
1-нан, бу VII сийиэс буолуохтаах болдьоҕун биир сылга уһатыы баарын үрдүнэн, сийиэһи тэрийии туһунан биллэрии олус хойутаан тахсыбыта. Онуоха, биллэрии хаһыакка тахсан, устаап ирдэбилин толоруу баар курдук. Ол эрээри, бэрт кыра биллэрии биир «Кыым» хаһыакка ахсынньы 8 күнүгэр, сийиэс буолуо 11 күн иннинэ эрэ бэчээттэммитэ. Ол, биллэн турар, тутах буолан, сойуус сорох чилиэнэ, бэл диэтэр, куоракка олорооччулар, сийиэс буоларын хойутаан биллилэр эбэтэр тустаах кэмигэр букатын билбэккэ хааллылар. Бу түгэн сойуус бары чилиэннэрин кытта үчүгэй ситим суоҕун эмиэ көрдөрөр.
2-нэн, бастакы ыйыллыбыт итэҕэс содулунан сойуус 145 чилиэннээҕиттэн, хос-хос суруллубут боротокуол көрдөрөрүнэн, 81 киһи кытынна (сийиэс бэрэссэдээтэлэ Адамов мунньах саҕаланыытыгар биллэрбитинэн, кворум 4 киһинэн тахсыһан, 76 киһи диэн буолбута, онон испииһэги көрөр-тэҥниир түбэлтэҕэ туох-хайдах быһыы-майгы буолуоҕа чопчу биллибэт). Ол эбэтэр, этиллибит боротокуол быһыытынан, 64 суруйааччы сийиэс үлэтигэр кыттыбата, ол аата – СӨ СС чилиэннэрин 44,1 бырыһыана. Бу, төһө да кворум тахсыбытын иһин, мөлтөх көстүү буолара өйдөнөр. Иһитиннэрии-биллэрии ситэтэ суох буолан, кэлиэх да дьон кыайан кэлбэтилэр. Оттон бэйэлэрин тус туруктарынан кыайан кыттыбатах чилиэннэри ыллахха, куорат иһигэр олорооччуларга анал дьонунан куоластыыр ууруна ыытан кытыннарыахха сөбө. Урукку өттүгэр итинник холобур баар буолааччы. Итиэннэ кыайан кэлбэт суруйааччылар бэйэлэрин быһаарыыларын сойуус атын чилиэнинэн этитэллэрэ эмиэ баар буолара. Сийиэс оннук куоластааһыны көҥүллээн ылынара. Ол – суруйааччыга, сойуус чилиэнигэр, ытыктабыл көстүүтэ этэ. Итиэннэ, туһааннаах быһаарыы ылыллан, бу ситим-сибээс сайдыбыт кэмигэр онлайн куоластааһын да тэриллиэн сөбө.
3-нэн, сийиэс ыытыллыбыт дьиэтэ-уота чааһыгар, куортамыгар хааччахтаах буолан (сийиэс бэрэссэдээтэлэ Адамов иһитиннэрбитинэн), сийиэс үлэтэ ыктарыылаахтык ыытылынна. Ол түмүгэр салалта уонна ревизком отчуотун бигэргэтии, бэрэссэдээтэли талыы, ситэриилээх сүбэни уонна ревизкому үөскэтии курдук устаабынан сийиэскэ быһаччы сүктэриллэр боппуруостары көрүү-истии, быһаарыы дьоһуна суох буолла.
Ол курдук:
а) саҥа киирэр чилиэннэртэн хомуллар 5-тии тыһыынча солкуобай хайдах-туох туттуллубута, ити хомууртан төһө үп киирбитэ ревизком отчуотугар төрүт да ахтыллыбата – маны кэпсэтиигэ туруорарга бириэмэ тиийбэтэ;
б) устаапка сойуус ситэриилээх сүбэтин сийиэс талара, бигэргэтэрэ этиллэр; ол гынан баран, бириэмэҕэ ыктарыы баар буолан, ону саҥа бэрэссэдээтэлгэ сүктэрэр туһунан быһаарыы ылыллыбыт курдук буолбута; ол эрээри, бу суолталаах быһаарыы куоласка турбутун уонна онно куолас түмүгэ хайдах буолбутун этэр чахчы туһааннаах боротокуолга суох; сийиэс мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ итини барытын тутуһуннарыахтаах этэ;
в) саҥа ревизкому талыы, бигэргэтии букатын даҕаны умнууга хаала сыһан, бүтэр уһугар «урукку ревизком оннунан хаалар» диэн быһаарыы ылыллыбыт курдук буолбута; ол эрээри, бу суолталаах быһаарыы куоласка турбутун уонна онно куолас түмүгэ хайдах буолбутун этэр чахчы туһааннаах боротокуолга эмиэ суох; итинник көтүмэх сыһыан баар буолан, холобур, бастакы сахалыы суруллубут боротокуол торумугар ревизкомҥа икки эрэ киһи (Николаев, Санников) бигэргэммиттэрин курдук этиллэр; дьиҥэр, урукку ревизком састаабыгар Адамов баара, итиэннэ устаапка ревизком үс киһиттэн турара ыйыллар.
4-нэн, устаап 4.5.4 уонна 4.6 пууннарыгар бэрэссэдээтэли талыыга быһаарыы сийиэс үлэтигэр кыттыбыт чилиэннэр куоластарын үс гыммыт иккитинэн ылыллара этиллэр; устаап уонна «О некоммерческих организациях» диэн федеральнай сокуон туһааннаах ирдэбилэ толоруллубата (сойуус, юридическай сирэй быһыытынан, «коммерческайа суох тэрилтэ» (НКО) диэн статустаах); ол курдук, туһааннаах боротокуолга Мигалкин – 45, оттон Гуринов 35 куолаһы ылбыттара этиллэр, оттон үөһэ этиллибит ирдэбил быһыытынан, бу түбэлтэҕэ быһаарыы 54 куолаһынан ылыллыахтаах.
5-нэн, «СӨ СС VII сийиэһин боротокуола» диэн ааттаах докумуон олус уһуннук уонна хос-хос уларытыллан сурулунна; СӨ СС чилиэнэ Гуринов СӨ СС VII сийиэһин бэрэссэдээтэлэ Адамовка, СӨ СС бэрэссэдээтэлэ Мигалкиҥҥа, СӨ СС сүбэтигэр бу сыл олунньу 16 күнүнээҕи суругун кэнниттэн толоруллубут уонна бигэргэтиллибит боротокуол син биир сатаҕай ис хоһоонноох (бэл, «Повестка дня» диэҥҥэ талыы-быыбар ыытыллара ыйыллыбатах).
Онон, СӨ СС VII сийиэһин үлэтэ, дьоһуна суох эрэ буолбакка, устаапка уонна сокуоҥҥа олоҕуруута суох буолла.
Ол быһыытынан, үөскээбит проблеманы, Арассыыйа юстицияҕа министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаатын көрүүтүгэр тиэрдибэккэ, сойуус иһигэр быһаарыы ылан саҥа сийиэһи ыҥыран дьоһуннаахтык тэрийэн ыытыаҕыҥ.
Устаапка сойуус сийиэһин ыытыы болдьоҕун туһунан «не реже одного раза» диэн этиллэр. Онон, «суһал ыҥырыылаах» диэн буолбакка, уочараттаах сийиэс ыытыллар кыахтаах, инники VII сийиэс үлэтэ олохтоох быһаарыыта суох буолбутун быһыытынан.
Онуоха саҥа сийиэһи тэрийии үлэтин 2016 сыллаах VI сийиэскэ талыллыбыт, бигэргэммит, итиэннэ 2016–2022 сылларга үлэлээбит сирэй салалтаҕа, ситэриилээх сүбэҕэ, ревизкомҥа сүктэрэр сөп: бэрэссэдээтэл И.В. Мигалкиҥҥа, солбуйааччы В.С. Доллоновка, солбуйааччы Г.А. Фроловаҕа; ситэриилээх сүбэ уонна ревизком чилиэннэригэр: Г.И. Адамовка, А.Г. Гуринов-Арчылаҥҥа, А.Г. Дунаевка, Н.П. Егорова-Намылыга, М.Е. Иванов-Чуона Мэхээлэҕэ, В.П. Николаевка, А.Ф. Постников-Сындыыска, М.С. Санников-Уол Сарсыҥҥа, В.П. Стручков-Дуулаҕа Дьуһаалга.
Ыйыллыбыт дьон ыраах олороллорунан, доруобуйаларын туругунан эбэтэр атын төрүөтүнэн кыайан кыттыбат буоллахтарына, тэрийэр үлэҕэ СӨ СС атын чилиэннэрин кыттыһыннарыахха.
Бу үлэни уталыппакка ыытар сөп. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥитэ сойууспут юридическай сирэй быһыытынан чопчу туруга суох. Сойууспутун оннук саарбах быһыыттан-майгыттан таһаардахпытына сатанар.
Бу сурук кэннэ биир ый иһигэр туох даҕаны быһаарыы ылыллыбат түбэлтэтигэр суһал ыҥырыылаах сийиэһи ыҥырар үлэни ыытарга бэлэммитин биллэрэбит.
Кулун тутар 17 күнэ, 2023 сыл.
Сурукка илии баттаатылар: Башарина Зоя Константиновна (1998 с. чилиэн), Винокурова Татьяна Ефремовна-Сабыйа (2015 сылтан), Гоголев Василий Иннокентьевич-Уйулҕан (2016 сылтан), Гуринов Афанасий Гаврильевич-Арчылан (2011 сылтан), Егорова Светлана Георгиевна-Тулуйхаана (2022 сылтан), Иванов Иннокентий Андреевич (2019 сылтан), Кардашевская Александра Николаевна-Харыстаана (2006 сылтан), Карманова-Ноева Саргылаана Еремеевна (2011 сылтан), Лонкунова Августина Яковлевна (2009 сылтан), Михалёва Наталья Владимировна-Сайа (1994 сылтан), Наумов Дмитрий Федосеевич (2006 сылтан), Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар (1992 сылтан), Сабарайкина Лина Михайловна-Алтыына (2001 сылтан), Санников Михаил Семёнович-Уол Сарсын (2015 сылтан), Семёнова Валентина Григорьевна (2009 сылтан), Спиридонова Саргылаана Семёновна-Кэрэмэс Кийиитэ (2005 сылтан), Угаров Гавриил Спиридонович-Угаалаах (1992 сылтан).
Илии баттыырга сөбүлэҥнэрин бассаабынан, төлөпүөнүнэн биллэрдилэр: Данилов Анатолий Егорович-Аман (2018 сылтан), Марков Степан Степанович (2006 сылтан), Пономарёв Дмитрий Николаевич-Дьолуолаах (2018 сылтан), Харайданова Ирина Ивановна-Сэгэлдьийэ Чээлэй (2022 сылтан).
Бэлэмнээтэ: АРЧЫЛАН.