Киир

Киир

Ыам ыйын 5 күнүгэр Дьокуускайга, Оҕо тыйаатырыгар, Саха сиригэр ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитэр саҥа ньыма, аныгы тылынан эттэххэ, коллаборация быыстапка бастакы сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Улуу Кыайыы хайдахтаах ыарахан сыананан ситиһиллибитин оҕо уруһуйунан дьүһүйэн көрдөрөр бырайыагы Л.А. Ким аатынан художественнай оскуола 3-с кылааһын оҕолорун преподавателэ, эдэр да буоллар, Саха сиригэр биллэр худуоһунньук, скульптор Анна Саввина уонна Оҕо тыйаатырын кылаабынай худуоһунньуга Прасковья Павлова толкуйдаан, олоххо киллэрбиттэр. Кинилэр анаан-минээн “Эдэр гвардия” туһунан испэктээкили көрдөрөн, оҕолор өйдөрүн-санааларын нөҥүө аһардан уруһуйдаппыт дьүһүйүүлэрэ итэҕэтиилээх. Толкуйдаан көрдөххө, быыстапка ааптардара оҕолор уйан дууһаларын долгутар кылларын таба тайаммыттар. Бу, чахчы, күүстээх хамсааһыны саҕалаабыттар. Кырдьык, аан дойду барыта интэриниэт буолбут кэмигэр тыйаатыр уонна худуоһунньук олоҕу дьиҥнээҕинэн көрдөрөр, элбэх киһи болҕомтотун тардар кыахтаах ускуустуба аҕыйах хаалбыт көрүҥэ буолаллара чахчы.

Билигин элбэх оҕо арҕаа дойдулар айбыт глобальнай соцситимнэрин, ютубтарын ап-чарай ситимигэр хам ылларан олорор. Төрөөбүт сахаларын тылын, култууратын эрэ умнубаталлар! Куорҕаллыыр дьайыы кинилэри дойдуларын, өрөспүүбүлүкэлэрин устуоруйатын, ааспыт олохпутун, улуу дьоммутун умуннарар. Кимэр-тугар кыһаммат, кимтэн кииннээҕин, хантан хааннаҕын билбэт оҕолорго туох да сибэтиэй суох. Харчы туһугар тугу да гыналларын кэрэйбэт буола улааталлар. Итиннэ патриоттуу иитиини ыһан баран, Арҕаа Украина бандеровецтара идеологияларын Украинаҕа барытыгар соҥноон, хайдахтаах иэдээҥҥэ тиэрдибиттэрин холобурдуохха сөп.

Кырдьык, тыйаатыр испэктээкилин көрбүт оҕолор долгуйан, дууһаларыгар, өйдөрүгэр-санааларыгар иитиэхтээн уруһуйдаабыт айымньылара патриоттуу иитии саҥа ньымата буолуон сөбүн туһунан күн бэҕэһээҥҥэ диэри санаабат да этим. Итиниэхэ дьүһүйүү тиэмэтин сөпкө талыы улахан оруоллаах. Бастакы холонууга бырайыак ааптардара фашистары кыайыыга эдэркээн олохторун толук биэрбит Донбасс Краснодон куоратын “Эдэр гвардия” диэн тэрилтэтин талбыттара ураты суолталаах. Эдэр гвардеецтар фашистары утары охсуһууга холобура суох хорсун быһыылара элбэх көлүөнэ дьону патриоттуу тыыҥҥа ииппитэ саарбаҕа суох.

WhatsApp Image 2024 05 08 at 16.17.03 1Хаҥастан уҥа: Анна Саввина, Мария Турантаева, Прасковья Саввина.

Быыстапка сүрэхтэниитин арыйбыт СӨ култууратын миниистирин бастакы солбуйааччы М.В. Турантаева министиэристибэ аатыттан бырайыак ааптардара А.Д. Саввинаҕа уонна П.Д. Павловаҕа Махтал суруктары туттарда. Оҕо тыйаатырын дириэктэрэ, норуот таптыыр, биллиилээх артыыһа, фронтовик уола А.П. Павлов, художественнай оскуола 3-с кылааһын оҕолорун ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээн туран, оҕолорго барыларыгар, бырайыак ааптардарыгар, оскуола дириэктэрэ Н.А. Птицыҥҥа Махтал суруктары туттарда.

Оҕолор дьүһүйэн уруһуйдаабыт хартыыналара кырдьыктаахтарынан соһуталлар. Ким да буоллун-хааллын диэн “дьуһуурунай” ойууну эбэтэр хантан эрэ үтүктэн оҥорботох. Быыстапкаҕа турбут отучча оҕо уруһуйдара араас ис хоһоонноохтор. Ол эрээри эдэр гвардеецтар тустарынан илэ көрбүт кырдьыктарын кэпсээбиттэр. Ити ааптардар Анна Саввина уонна Прасковья Павлова тыйаатыр уонна уруһуй ускуустубатын күүһүнэн үүнэр ыччаты ботуруйуоттуу тыыҥҥа иитэр саҥа ньыманы арыйар санаалара соругун сиппитин көрдөрөр. 

WhatsApp Image 2024 05 08 at 16.21.15

Быыстапка кэнниттэн тыйаатыр ыҥырыллыбыт ыалдьыттары: тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин, сэрии оҕолорун, АБДь кыттыылаахтарын  дьиэ кэргэннэрин уонна кэлбит дьону Улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлээн туран, “Эдэр гвардия” испэктээкилин көрдөрдө. Манна тыл этэригэр А.П. Павлов дьиҥнээх патриоттарынан Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин уонна АБДь кыттыылаахтарын ааттаата. Кини аҕата гвардия ыстаарсай лейтенана, икки бойобуон уордьан, икки мэтээл кавалера Прокопий Алексеевич Павлов сэриини толору ааспыт. Бүгүн кини сиэнэ Ийэ дойдутун көмүскүү АБДь зонатыгар сылдьарын киэн тутта кэпсээтэ.

Оҕо тыйаатырын “эдэр гвардеецтар” тустарынан саҥа испэктээкилэ уонна оҕолор уруһуйдарын быыстапката Саха сиригэр Кыайыы 80 сылын көрсүүгэ бэлэмнэнии аанын арыйар сабыытыйа буолара саарбаҕа суох.

“Эдэр гвардия” дьоруойдарын ахтан-санаан ааһыаҕыҥ 

Эдэр гвардеецтары фашистар араастаан сордоон-муҥнаан өлөрбүттэрэ. Кинилэр эдэркээн, саҥа тыллан эрэр олохторун кыайыы туһугар эрэ буолбакка, төрөөбүт дойдуларын кэрэ кэскилин туһугар биэрэбит диэн үрдүк, бигэ итэҕэллээхтэрэ. Ол иһин эр санааларын, тулуурдарын күүһүнэн фашистар төһөлөөх да киһи тулуйбат гына тыыннаах эттэрин сэймэктээбиттэрин үрдүнэн, дойдуларын, доҕотторун таҥнарбатахтара.

Өлүүнү кыайбыт албан ааттаах эдэр гвардеецтары ньиэмэстэр хайдах кыыллыы сордоон-муҥнаан өлөрбүттэрэ киһи куйахатын күүрдэр, дьулатар. Матырыйааллар патриот Дмитрий Щербинин 2004 с. тэрийбит www.molodguard.ru саайтыттан ылылыннылар.

WhatsApp Image 2024 05 08 at 16.17.03Касенова Дайаана "эдэр гвардеецтар" өлүүнү кыайбыт түгэннэрин ойуулаабыт

Ульяна Громова, 19 саастаах кыыс.

“көхсүгэр кыһыл сулус быһыллыбыт, уҥа илиитэ, ойоҕосторо тостубут” (ССРС Совминын КГБ архыыбыттан). “Ульяна Громованы баттаҕыттан ыйаан туран, көхсүгэр кыһыл сулуһу быспыттар, түөһүн быһан бырахпыттар, этин итии тимиринэн сиэппиттэр, бааһыгар туус куталлар эбит, итии билиитэҕэ олордубуттар. Тохтообокко өр сордообуттар, кыыс биир да тылы эппэтэх (А.Ф. Гордеев «Подвиг во имя жизни», Днепропетровскай, 2000).

Люба Шевцова 18 саастаах.

«Любаны фашистар үлтү кырбыыллара, онтон тымныы хаамыраҕа быраҕаллара. Люба кытаанах хараахтара, иннин биэрбэтэ, санаатын түһэрбэтэ фашистары өйдөрүттэн таһаарара. Төһө да үлтү кырбаннар, хаамыраҕа доҕотторун санааларын көтөҕөн ырыа ыллыыра”. Биир ыйы быһа сорун сордоон баран, Олег Кошевойу, Семён Остапенконы, Дмитрий Огурцову уонна Виктор Субботины кытта Краснодонтан чугас ойуурга ытан өлөрбүттэрэ. «Люба Шевцова этигэр хас да сулус быһыллыбыт, сирэйин эстэр буулдьа дэлби тэппит этэ. Семён Остапенконы саа прикладынан төбөтүн илдьи сынньыбыт этилэр. Субботин илиитин-атаҕын силгэтиттэн арахсыар диэр быһа эрийбиттэр”  (П.Ф. Донцов «Мемориальный музей «Памяти погибших»: путеводитель», Донецкай, 1987).

Олег Кошевой, 17 саастаах.

Фашистар Олег  кэтэҕин хампарыппыт, сирэйин бүттэтэ суох кырбаабыт, иэдэһин ыстыыгынан  дьөлбүт, итии тимиринэн этин сиэппит этилэр. Гестапо ынырык сордооһунуттан 17-лээх уол баттаҕа маҥхайбыт. Араастаан сордоон кыайыыга эрэлин булгуруппатахтар. Биир ынырык доппуруос кэмигэр Олег: “Фашист сиэхситтэрэ, син биир өлүөххүт! Биһиэннэрэ чугастар!” – диэн хаһыытаабыт (П.Ф. Донцов “Мемориальный музей “Памяти погибших»: путеводитель”, Донецкай, 1987).

Сергей Тюленин, 17 саастаах.

Черенков диэн полиция силиэдэбэтэлэ кэпсээбитинэн, Сергейи доппуруоска аҕалбыттара киһи билбэт буолуор диэри кырбаммыт, баастарыттан хаана оҕуолуу сылдьар эбит. Үс ньиэмэс киирбит. Тылбаасчыттан “бу кимий?” диэн ыйыппыттар. Тюленинын билэн баран, ньиэмэс Сергейи түҥнэри охсубут, охторо сытан үлтү кырбаабыт, бүтэһигэр уол олох өлбүт курдук буолбутугар биирдэ соһон таһаарбыттар. Сергей ураты тулуура, хорсун санаата ньиэмэстэри сөхтөрбүт. Билиэн тутуллубут Краснодон жандармнарын пуоһун начаалынньыга  Отто Шен:

«Тюленин доппуруоска олус дьоһуннаахтык туттара, биһиги бачча эдэр киһи хайдах итинник кытаанах санаалааҕый диэн дьиктиргиирбит. Быһыыта, кырдьык туһугар өлөрүн кэрэйбэтиттэн хараахтара итинник кытааппыта буолуо. Накаастааһын кэмигэр биирдэ да көрдөспөтөҕө, “Эдэр гвардеецтартан”  кими да уган биэрбэтэҕэ” (А.Ф. Гордеев «Подвиг во имя жизни», Днепропетровскай, 2000). Тюленины доҕотторун кытта 5-с №-дээх шахтаҕа быраҕан өлөрбүттэрэ.

Евгений Шепелев, 19 саастаах.

“...Евгений илиилэрин бэгэччигинэн быспыттар, иһин хостообуттар уонна төбөтүн хампы охсубуттар...” (РГАСПИ. Ф. М-1. Оп. 53. Д. 331)

Володя Жданов, 17 саастаах.

«Хостуулларыгар хаҥас чэчэгэйэ аһаҕас баастаах, тарбахтара тоһутуллубуттар, сиһиттэн икки 25-тии см уһуннаах, 3-түү см кэтиттээх эти быһан ылбыттар, хараҕын тэспиттэр, кулгааҕын быспыттар”  (Музей «Эдэр гвардия» түмэлэ. Ф. 1. Д. 36).

Клава Ковалева, 17 саастаах.

«Дэлби кырбанан дагдаччы испит, уҥа түөһэ быһыллыбыт, атаҕын тилэҕэ  уматыллыбыт, хаҥас илиитэ быһыллыбыт, төбөтө былаатынан баайыылаах, этэ бүттэтэ суох кырбааһын суола. Аллара шахтаҕа түспүт сириттэн 10 м тэйиччи сытара, быһыыта, быраҕалларыгар тыыннаах эбит” («Эдэр гвардия», түмэлэ Ф. 1. Д. 10).

Лида Андросова, 18 саастаах.

“Шахтаттан хараҕа, кулгааҕа, илиитэ суох хостоммут, моонньугар быһа киирбит быалаах”  («Эдэр гвардия» түмэлэ, Ф. 1. Д. 16).

Майя Пегливанова, 17 саастаах.

«Майя өлүгүн киһи билбэт гына кэбилээбиттэр: түөстэрин быспыттар, атахтарын тоһуппуттар. Таҥаһын барытын устубуттар. Кэлин көмөргө хоруопка уоһа суох, тиэрэ эриллибит илиилээх сыппыта” (РГАСПИ. Ф. М-1. Оп. 53. Д. 331).

***

Манна эдэр гвардеецтартан сорохторо эрэ кэпсэннэ. Кинилэртэн 6 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбута. Өлөрү кыайан албан аатырбыт “Эдэр гвардия” дьоруойдарын сырдык ааттарын умнар бырааппыт суох. Итиннэ эдэр худуоһунньуктар А.Д. Саввина уонна П.Д. Павлова Оҕо тыйаатырын уонна уруһуйдьут оҕолор күүстэрин бииргэ холбоон, “Эдэр гвардия” дьоруойдарын тилиннэрэр дьүһүйүүнэн Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга көҕүлээбит бырайыактара, чахчы, улахан суолталаах.

Эдэр гвардеецтар эдэркээн олохторун төрөөбүт Донбастарын, Ийэ дойдуларын фашистартан босхолуур туһугар толук биэрбиттэрэ. Бүгүн Донбасс сиригэр эмиэ фашистары утары АБДь ыытыллар. Устуоруйа хатыланар дииллэр да, фашизм үөнэ аны күөрэйбэт гына ылҕаныахтаах.

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар