Киир

Киир

Оскуола үөрэнээччилэрэ кэнники кэмҥэ креативнай индустрияны сэҥээрэллэрэ улам күүһүрэн, эбиллэн иһэр. Бу иһигэр хаартыскаҕа түһэрии, кыраапыка, дизайн, анимация, киинэни устуу, муусука, оонньуулары оҥоруу уонна да итиннэ дьүөрэ айымньылаах өй-толкуй сайдыытын, айар-тутар үлэни кытта сибээстээх үөрэх киирэр. Үгүстэр бу эйгэни кытта олохторун сибээстииргэ бэлэмнэр диир оруннаах. Оттон ол баҕаларын олоххо киллэрэллэригэр кинилэргэ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын нөҥүө АЛРОСА хампаанньа көмөлөһөр.

Алмаас хампаанньатын уонна Пуонданы кытта түһэрсиллибит сөбүлэҥ – АЛРОСА аһымал суолталаах үлэтин киэҥ хабааннаах хайысхаларыттан биир сүрүннэрэ буолар. Хампаанньа флагман бырайыага –Үүнэр көлүөнэ паарката. Бу паарка айымньылаах толкуйу уонна үөрүйэҕи, оҕо, ыччат сынньалаҥын сайыннарыыга туһаайыллар кэлим, араас өҥө көрүҥүн оҥорор уопсастыбаннай туона быһыытынан үлэлиир аналлаах. Паарка архитектурнай холбоһуга тутулла турар кэмигэр үгүс айымньылаах мастарыскыайдар хайыы үйэ үлэлээн барбыттара. Билигин бэлиэр үлэлии сылдьар уонна үлэлиэхтээх бырайыактар тустарынан бүгүн биһиги Үүнэр көлүөнэ паарката” ДПО АНО дириэктэрэ Вадим Яковлевы кытта кэпсэттибит.

Vadim Yakovlev

– Вадим, паарка бу сыл бастакы аҥаарыгар туох үлэни-хамнаһы ыыппытын сиһилии билиһин­нэриэҥ буолаарай?

– Биһиэхэ араас хабааннаах элбэх тэрээһин ыытыллар, онтон сүрүннэрин ааттаталыам. Өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтооҕо биһиги «Skills Camp» лааҕырбытын, «КиноМАНиЯ», «Медиахакатон», «Оскуолалар креативнай устуудьуйаларын киирсиилэрэ» курдук уо.д.а. үөрэх туһалаах бырайыактарын бэркэ диэн билэр буолуохтаах. Ону таһынан «IT-куб» диэн Оҕону сыыппара сайдыытыгар үөрэтэр киин иһинэн биһиги «Архитектура» хайысхатыгар анал куурустары ыытабыт. Биһиги «курсаннарбыт» архитектура «Архитон» бэстибээлигэр бэлиэр иккис сылларын кытыннылар. Бу бэстибээли архитектура «Архитим» оскуолатын уонна ХИФУ-ну кытта кыттыһан ыытабыт. Быйылгы тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 134 үөрэнээччи кытынна.

Манна даҕатан эттэххэ, төһө да сүрүннээн оҕолору кытта дьарыктаннарбыт, педагогтары, иитээччилэри, баһаатайдары уонна волонтёрдары кытта эмиэ үлэлэһэбит. Кинилэргэ анаан, туһунан маастар-кылаастары, сэминээрдэри, кылааһы үрдэтинии куурустарын тэрийэбит. Сыл бастакы аҥаарыгар паарка тэрээһиннэригэр уопсайа 500-чэҕэ чугаһыыр оҕо уонна улахан дьон кытынна.

PBP2

Үлэҕит үтүө түмүктэрэ көстөн эрдэҕэ?

– Биллэн турар. Холобур, биһиги үөрэхпит бырагыраамаларын бүтэрбит 20 оҕо «Платформа» айар бөлөххө түмсэн, Бороҕон улууһун ааттаах-суоллаах баһылыга Алексей (Сэһэн) Аржаков туһунан устуоруйалыы киинэ-дырааманы устубуттара. Ол киинэ үһүс төгүлүн ыытыллар Петербурдааҕы «Аҕа дойду дьоруойдара» ыччат пуорумун чэрчитинэн тэриллибит «Многогранная эпоха» кылгас метражтаах киинэ куонкуруһугар кыттан, «Лучшее игровое кино» номинацияҕа кыайан турар. Ону таһынан оҕолор бу сайын «Я проснулся, и ты» кылгас метражтаах киинэни устан, таҥан бүтэрбиттэрэ. Ол киинэлэрэ кылгас метражтаах уонна дебют-киинэлэр хас да араас бэстибээлгэ тэҥинэн кытта сылдьар.

PBP6

– Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ киинэ устуута балачча үчүгэйдик сайынна. Оттон анимацияҕа ситиһиилэммиттэр бааллар дуу?

– Айымньылаах үлэ ити көрүҥүн өйөөн, бэйэбит «Креасфера» үөрэтэр кииммит төрүтүгэр биһиги анимация устуудьуйатын арыйан эрэбит. Бу хайысха өрөспүүбүлүкэҕэ биллэ сайдан эрэр. Дьарыктаныан баҕалаах элбиир, аниматордарга уонна ити эйгэҕэ дьарыктанар, сыһыаннаах исписэлиистэргэ наадыйыы да сыыйа улаатан иһэр. Оҕолору анимация маастарыстыбатыгар үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, кинилэр бэлэмнээбит бырайыактарын араас бэстибээллэргэ, куонкурустарга, ол иһигэр грант ананан күрэхтэһиилэригэр кыттар кыахтаналларын курдук продюсердаан, өйүүр былааннаахпыт. Кинилэр холобур, тэлэбиидэнньэҕэ, биисинэскэ анаан, оннооҕор АЛРОСА хампаанньа таһымнаах сакаасчыттарга ханнык эмэ кэмиэрчэскэй сакааһы эмиэ оҥоруохтарын сөп. Оннук кыахтаналларын туһугар алмаас хампаанньата үбүнэн көмөлөспүтүн суотугар Креасфераҕа анал тутууну бэлэмнээн биэрдибит. Күүстээх көм­пүүтэрдэри, хаартыскаҕа, биидьийэҕэ устар хаачыстыбалаах камералары, уруһуйдуулларыгар анаан графикалыыр планшеттары атыылаһан туруордубут. Оҕолору кытта анимация уонна графикалаах дизайн эйгэтигэр быраактыкаланар эдэр исписэлиистэр дьарыктанан, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэриэхтэрэ.

PBP3

– Ити кууруска хайдах киириэххэ сөбүй?

– Үөрэххэ ыҥырарбыт туһунан телеграмм-ханаалбытыгар өрүү иһитиннэрэ, биллэрэ турабыт. Сүүмэрдээһин бэлиэр бара турар, сотору кэминэн дьарыгы саҕалыахпыт. Итиннэ киирэргэ туох да уустук, ураты ирдэбил суох. Бу куурус анимация эйгэтигэр саҥардыы ылсан эрэр да, бэлиэр үлэлэһэ да сылдьааччыга туһата үгүс буолуо. Онон дьарыктаныан баҕалаах 4 –11-с кылаас үөрэнээччилэрин ыҥырабыт.

Биһиги интенсив форматынан үлэлиибит, онон «аһына» уһата-кэҥэтэ сатаабаппыт. Бэлиэр бу сыл алтыньы 5 күнүгэр диэри оҥорбут үлэлэрин өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Тооку фест» бэстибээлгэ ыытыах тустаахтар. Саха анимациятын бэстибээлин «Саха» НКИХ уонна Үүнэр көлүөнэ паарката кыттыһан тэрийэбит. Ол кэнниттэн анимация куонкурустара Альметьевскайга, Хабаровскайга уонна Крымҥа ыытыллыахтара. Ити курдук, күрэхтэһии дойду үрдүнэн элбээн иһэр. Биһиги оҕолорго бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр, салгыы сайыннаран иһэллэригэр, киэҥник тарҕаталларыгар көмөлөһүөхпүт.

PBP5

– Сыл ахсын ыытыллара үгэскэ кубулуйан эрэр «КиноМАНиЯ» бэстибээл сыл иккис аҥаарыгар буолуохтаах. Туох саҥаны, сонуну былаанныыргыт сэҥээрдэр.

– Туох-ханнык иннинэ биири бэлиэтиирим тоҕоос­тоох: АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн, биһиги бырайыактары толкуйдаан, онтубутун олоххо киллэрэр кыахтанныбыт. Хампаанньа бу хайысханы өйүүрэ, биһиэхэ көмөлөһөрө – тустаах салаа сайдыытыгар бигэ уонна чиҥ олук буолар. Холобур, быйылгыттан «КиноМАНиЯ» бэстибээл Култууура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института (АГИКИ) кыттыылаах ыытыллар буолуоҕа. Онно институт преподавателлэрэ – эспиэр, устудьуоннар – устар бөлөх кураатарын быһыытынан кыттыахтара.

Быйыл киинэни устуу үлэтигэр дириҥник иҥэн-тоҥон киирэллэрин, быһаарсалларын курдук устар хамаандаҕа баар исписэлиистэр испииһэктэрин хаҥатан биэриэхпит. Ол курдук, «иккис режиссёр», «туруорааччы-худуоһунньук», «тыас-уус режиссёра» уонна «гример» эбиллиэхтэрэ. Бу түмүгэр устар былаһааккаҕа идэтийии таһыма уонна айымньылаах үлэ тыына күүһүрүө. Ол, бастатан туран, хаачыстыбалаах уонна интэриэһинэй кылгас метражтаах киинэ оҥоһулларыгар көмөлөһүө. Кыттааччылар тус талааннарын арыйалларын таһынан, хамаанданан үлэ уратытын билиэхтэрэ, өйдүөхтэрэ.

Бу бырайыакпытынан биһиги Саха сирин Ил Дарханын гранын ылбыппыт. Урут түһэн эттэххэ, эһиилгиттэн саҕалаан биһиги бэстибээлбит Уһук Илин эрэгийиэн таһымнаныаҕа.

Ону таһынан АГИКИ-ны кытта «МАКИ» (Малая академия креативных индустрий) бырайыагы саҕалаатыбыт. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 9 оскуола кыттар. Онно АГИКИ фирменнэй креативнай кылаастара аһыллыахтара. Биһиги онно тэрээһин ыытыллар былаһааккатын быһыытынан кыттыахпыт, маастар-кылаастары, воркшоптары уонна интенсивтэри ыытыахпыт. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ Арктикатааҕы оройуоннарыгар сырыы былааннанар.

PBP4

– Үүнэр көлүөгэ паарката быйыл өссө туох интэриэһинэйи бэлэмнээтэ?

– Алтынньыга буолар «КиноМАНиЯ» бэстибээли кытта тэҥинэн оҕо түмсүүлэрин пуорумун ыытыахпыт. Бу сыллар тухары ыкса сибээс олохтонно, үөрэх тэрилтэлэрэ, чуолаан улуустарга үлэлээччилэр, бу өттүгэр көмөҕө наадыйаллар. Педагогтар креативнай индустрияны сэргииллэр, сэҥээрэллэр, ол эрээри тугу гыналларын билиҥҥитэ билбэттэр. Оттон Дьокуускайга хас да оскуола бэйэтэ медиа-устуудьуйалаах, Хааччылыылара – сөбүгэр үчүгэй, толору. Холобур, 5-с уонна 31-с оскуолаларга. Үөрэнээччилэрэ онно бэйэлэрин медиа-бырайыактарын олоххо киллэрэллэрин биһиги тэрээһиннэрбитигэр көрүөххэ сөп. Биһиги ол пуорумҥа тустаах хайысхаҕа интэриэстээх, үлэлэһэргэ баҕалаах үөрэх кыһаларын, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин, Дьокуускайга баар кэмиэрчэскэйэ суох сектор бэрэстэбиитэллэрин түмэн, кинилэргэ билиһиннэрии экскурсиялары тэрийиэхпит. Пуоруму түмүктүүр күммүтүгэр Үлэ кыбартаалыгар киинэ бэстибээлин киинэлэрин көрдөрүөхпүт.

Milana Starostina

Милана Старостина, Дьокуускай 31-с оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Мин үөрэнэр оскуолам «31-й кадр» медиа-киинигэр хаартысканан уонна дизайнынан дьарыктанабын. Үүнэр көлүөнэ пааркатын тэрээһиннэригэр кыттааччы эрэ быһыытынан сылдьыбаппын, волонтёрунан эмиэ үлэлиибин. Паарка үөрэтэр бырагырааматын олус сөбүлүүбүн. Онно биир интэриэстээх, өй-санаа өттүнэн чугас дьон мусталлар, онон тута доҕордоһоллор. Быйыл өссө «КиноМАНиЯ» бэстибээлгэ кыттарга суоттанабын. Табылыннаҕына, Медиахакатоҥҥа эмиэ. Бу бырайыактарга кытта сылдьан элбэххэ үөрэнним. Ол түмүгэр быйыл куораттааҕы хаартыска куонкуруһугар кыттан, «Люди города» номинацияҕа бастаатым.

Слава Оптов, Дьокуускай куорат 5-с оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Быһата, нейро-интерфейстэринэн дьарыктанабын, электромиография датчиктарын кытта үлэлиибин. Ити датчиктар быччыҥ хас хамсаныытын ааҕан баран, көмпүүтэргэ сигнал ыыталлар. Ол төрүтүгэр мин баара эрэ быччыҥ күүрүүтүн көмөтүнэн көмөлөһөөччүнү салайар кыаҕы биэрэр «Манипулятор для помощи людям с ОВЗ» диэн бырайыагы толкуйдаан таһаарбытым.

Үүнэр көлүөнэ паарката ыытар тэрээһиннэрин туһунан биирдэ ааҕан баран, тута урут билбэт, сонун эйгэбэр холонон көрөргө санаммытым. 2023 уонна 2024 сылларга «Skills Camp» лааҕырга сылдьыбытым. «КиноМАНиЯ» бэстибээл аныгыскы симиэнэтигэр түбэһиэхпин олус баҕарабын. Уопсайынан эттэххэ, бэйэбэр анимация уонна киинэ эйгэтин арыйдым.

Maria Yakovleva

Мария Яковлева, Дьокуускай 7-с оскуолатын 11-с кылааһын үөрэ­нээччитэ:

– Бэйэм хаартысканан, оонньуулаах киинэнэн уонна биидьийэ устуутунан сөбүлээн дьарыктанабыт. Үүнэр көлүөнэ пааркатын төрүтүгэр үлэлиир «Платформа» айымньылаах үлэ түмсүүтүгэр баарбын. 2022 сыллаахха «КиноМАНиЯ» бэстибээл «Бастыҥ режиссёр» номинациятын ылбытым. Салгыы 2023 сылга – Медиахакатоҥҥа, быйыл – «Skills Camp» лааҕырга кытынным. «Оскуолалар креативнай индустрияларын киирсиитин» (Битвы школьных креативных индустрий) тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ этим, паарка волонтёрабын. Бэйэбин айымньылаах үлэ өттүттэн көрдөрөрбүн сөбүлүүбүн. Маннык элбэх тэрээһиҥҥэ сылдьыы миэхэ бэйэбэр уонна бэйэм талааммар эрэллээх буоларбар көмөлөспүтэ. Кэнэҕэһин режиссура уонна оонньуулаах киинэ хайысхатыгар сайдарга суоттанабын.

Алина Николаева, Дьокуускай куорат 31-с оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Хаартысканан, биидьийэни таҥыынан уонна дизайнынан дьарыктанабын. Ол эрээри ордук чорботон биидьийэ өттүн сөбүлүүбүн. Үүнэр көлүөнэ паарката тэрийэр хас да куонкурустарыгар кытынным. Холобур, хамаанда тэринэн “Медиа-киирсиитигэр” оскуолабыт чиэһин көмүскээн, бастакы миэстэни ылбыппыт. Ити кыайыыбыт биһиэхэ бэйэҕэ эрэли үөскэппитэ, онон атын да куонкурустарга холонор санаалаахпыт. Атырдьах ыйыгар биһиги кылгас метражтаах киинэни бэлэмнээн, “Гикфескэ” кыттан, бастаабыппыт. Мин онно эпэрээтэр быһыытынан үлэлээбитим. Хамаанданан үлэни таһынан бэйэм соҕотоҕун эмиэ үлэлиибин. Ол курдук, “Кинотон” диэн куонкуруска анаан, эмиэ тэттик кээмэйдээх киинэни устан, бастакы миэстэни ылбытым.

Быйылгы үөрэх дьылыгар Үүнэр көлүөнэ пааркатын атын да тэрээһиннэригэр уонна куонкурустарыгар хайаан да кыттар былааннаахпын. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ режиссёр үөрэҕэр эбэтэр медиа-коммуникация хайысхатыгар туттарсар санаалаахпын. Эпэрээтэр үлэтин хобби быһыытынан илдьэ сылдьыам, туһаныам, салгыы сайдан иһэргэ дьулуһуом. Биһиги оскуолабыт Медиа-киинэ уонна Үүнэр көлүөнэ паарката миэхэ сайдар уонна уопут мунньунар кыаҕы биэрдэ диэн этэр кыахтаахпын.

Бэй. кэр.

kyym.ru