Киир

Киир

Сэтинньи ый 25 күнүнээҕи «Кыым» норуот хаһыатын сабыс-саҥа, 46-с нүөмэрэ таҕыста.

Бу нэдиэлэтээҕи хаһыаттан Аан дойдутааҕы, Арассыыйатааҕы, Сахабыт сиринээҕи сытыы сонуннары, «Тирэх санаа», «Өһүө», «Хамсык», «Тыа сирэ», «Урбаан» балаһалар хас биирдии саханы долгутар тиэмэлэрдээх таһаарыыларын ааҕыҥ:

  • Владимир Степанов «Охсуһуулаах үйэлэр улаҕаларыгар сүппэтэрбит ханнык», «Тыа хаһаайыстыбатыгар хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп көрүлүннэ» ыстатыйалара.
  • Нина Герасимова «Хамсык содула: туохтан, хайдах?» Мэдиссиинэ комплекснай киинин нейродегенеративнай ыарыыларга киинин салайааччытыттан, мэдиссиинэ билимин хандьыдаатыттан Татьяна Кимовна Давыдоваттан интервьюта;
  • Татьяна Захарова-Лоһуура «Кыстык кыһалҕалара, эт бэлэмэ» диэн туһааннаах дьонтон ыйытыылардаах таһаарыыта;
  • Туйаара Сиккиэр «“Крафт” айар устуудьуйа хаһаайката – Ньургуйаана Петрова» эдэр эрчимнээх урбаанньыттан Ньургуйаана Петроваттан интервьюта.

Салгыы, «Төлөн», «Улуу Хочо», «Хахсаат», «Талба», «Уран», «Итэҕэл» балаһалар кэрэхсэбиллээх ыстатыйаларын көрүҥ:

  • Альберт Капрынов «Атом ыстаансыйатыгар» диэн сырдатыыта;
  • Туйаара Сиккиэр “Маастар-былаан Дьокуускайга тугу эрэннэрэрий?” Юрий Трутнев кэлэ сылдьар кэмигэр, Дьокуускай куорат инники сайдар, кэҥиир кэскилин торумнуур тосхолун ырытыһыы туһунан иһитиннэриитэ;
  • Нина Герасимова «Дьокутааттар «киксиилэрэ», «Референдум ыытыллыахтаах», “Олохтоохтор бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар”, «Тоҕо “паровоз иннигэр” түһэбит?» сытыы боппуруостары таарыйар матырыйааллара уонна «Александр Емельянов: опера – умсулҕан уонна үлэ» диэн өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа Александр Емельяновтыын кэпсэтиитэ;
  • Оксана Жиркова “Аатырбыт “Мариинка” – Саха сиригэр” диэн Мариинскай тыйаатыр Саха сиригэр сырыытын туһунан сырдатыыта;
  • Туйаара Сиккиэр “Сайсары Ытык Эбэҕэ Айыы дьиэтин уораҕайа дьэндэйиэ” диэн политолог-религиовед учуонайдыын, Лена Федоровалыын кэпсэтиитэ.

Оттон арыйталаан истэххэ, «Куорсун» балаһаҕа Афанасий Гуринов Арчылан «Чолбон» сурунаал төрүттэмиитэ 95 сыла» сырдатыыны, «Чулуу» диэҥҥэ Степан Гаврильевич уола Степан Охлопков-Айым “Үтүө киһи, истиҥ доҕор, сатабыллаах салайааччы, тапталлаах аҕа” диэн ыстатыйатын ааҕыаххыт. Оттон «Сыра» балаһаҕа «Саханефтегазсбыт» АУо бүгүҥҥү туруга» диэн бу тэрилтэ пресс-сулууспатыттан кэлбит иһитиннэрии тахсыбыт.

«Туһа» таһаарыытыгар “Сахатранснефтегаз» АУо пресс-сулууспатын чахчыларын, Айталина Никифорова “Тымныы тыынын туппут Николай Софронеев” матырыйаалын, «Бэлиэ» балаһаҕа Саргылана Багынанова “Уол оҕо – норуот кэскилэ” ыстатыйатын кэрэхсии ааҕыаххыт.

Салгыы, «Саркаах», «Дьарык» “Айар кут”, “Сүбэ”, «Номох», “Манчаары” балаһарыттан маннык матырыйааллары булуоххут:

  • Оксана Жиркова “Дьиэ тойонун сиэртибэлэрэ” сытыы боппуруоһу таарыйар ыстатыйата;
  • Айаана Ларионова “Дьон үөрүүтүттэн эбии кынаттанабын” диэн Майа эдэр ыалын ийэтин Туйаара Пинигиналыын кэпсэтиитэ;
  • Александр Ильин-Егоров “Уһулуччулах фольклорист Николай Емельянов төрөөбүтэ 100 сылыгар”, «Сытыы бөрүөлээх тыа сирин луохтуура» матырыйааллара;
  • Диана Клепандина эгэлгэ сүбэлэри таһаарыыта;
  • Иван Гаврильев “Киинэттэн сиэттэрэн” диэн “Холодное золото” киинэҕэ олоҕурбут быһылаан туһунан сырдатыыта;
  • Айаана Ларионова успуорка сыһыаннаах сонуннара.

“Күлүк”, «Сонор», “Имэҥ”, «Дьылҕа», балаһалар киһини толкуйдатар, дууһа кылын таарыйар суруйууларын, тэбэнэттээх «Тэбэнэт» эдэр ыалдьытын, «Хаппар» сүбэтин, «Сынньалаҥҥа» таайбараҥын, гороскуобун булан ааҕыаххытын сөп.

«Кыым» норуот хаһыатын өрөспүүбүлүкэбит үгүс почталарыттан, сорох кинигэ маркеттарыттан, «Тэтим», «Прометей» атыы-эргиэн кииннэриттэн, «Горпечать» киоскаларыттан, Национальнай бибилиэтиэкэттэн булан ааҕыаххытын сөп.