Киир

Киир

Таҥарианство итэҕэллээхтэр бүгүн Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Норуот кэрдииһинньигин быһыытынан Саха сиригэр Сайыҥҥы кэм бүтүүтүн, Күһүҥҥү кэм саҕаланыытын бэлиэтииллэр.

Православнайдар Иккис Ыспааһап күнүн быааһынньыктыыллар.

Бүгүн Күһүммүт бастакы түһүмэҕэ - Көмүс күһүн саҕаланна. Онтон Алтан күһүн, ол кэнниттэн Тимир күһүн кэлэн Күһүҥҥү кэм түмүктэниэҕэ.

Бүгүҥҥүттэн от-мас үүнүүтэ сыыйа тохтоон, сэбирдэх саһаран, тыа саҕата көмүс өҥүнэн күлүмүрдүөҕэ.

зо21

Ходуһа ото куурар, хагдарыйан барар, хаачыстыбата арыый мөлтүүр. Отчуттар бүгүн Хотуур ортотун бэлиэтииллэр, ол аата окко киириэхтэн ( Бөтүрүөп - От ыйын 12 күнэ), оттоон бүтүөххэ диэри (Хотуур хаалыыта, Кыс Сэмэн күнэ - балаҕан ыйын 14 к.) кэм Ортото буолар. Онон билигин да ый кэриҥэ оттуур бириэмэ баар. Үчүгэйдик дьаһанан, турунан туран оттоотоххо баһаам оту бэлэмниэххэ сөп.

Халлаан ардыыр, тыалырар, лаппа сөрүүдүйэр. Этиҥ этэн бүтэр. Оттон салгыы эттэҕинэ күһүммүт уһуур дииллэр.Күһүн кэлбитэ биллэн барар.Ый быыһа ытыс таһынар хараҥа түүннэр үүнэллэр. Ыраас халлааннаах түүн сулус "ардаҕын" түбэһэн көрүөххэ сөп.Алаастарга, хочолорго түүнү хараҥардар чаҕылҕаннар чаҕылыһаллара күһүҥҥү кэм биир бэлиэ олус кэрэ көстүүтэ.Кус уойар, балык өллөнөр.

Сайыммыт илгэтэ барыта буһан, ситэн өлүмнэһэн хомуйарга, хаһаанарга саамай табыгастаах кэмэ.Отон буһан отоннуурга сөп буолла. Ол эрэн сатаан харайбатахха кууран уолан хаалыан сөп. Онон билигин сииргэ эрэ уонна барыанньалаан хаһаанарга анаан хомуйар ордук.

зо21 3

Ардах кэнниттэн тэллэй өлгөмнүк үүнүөҕэ. Ол гынан баран тэллэйи хомуйарынан оччо үлүһүйбэккитигэр сүбэлиибит. Тэллэй сүлүһүннэри губка курдук оборон, мунньунар үгэстээх. Оттон быйыл салгынынан, ардаҕынан араас кир-хох элбэх түстэ.

Онон Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн дэнэр кэм саҕаланна.

зо21 4

Күн уота мөлтөөн, буортулаах ультрафиолет аҕыйаан куттаммакка эрэ күнү быһа да таһырдьа сыгынньах сылдьыахха сөп. Ол доруобуйаҕа улахан туһалаах буолуоҕа.Куйааһа, кумаара суох элбэх ылааҥы күннээх, чэпчэки үлэни үлэлии-үлэлии туругу тупсарынарга бэртээхэй кэм үүннэ.Көмүс күһүн чахчы да кэрэкэмэ саҕаламмытынан барыгытын истиҥник эҕэрдэлиибин!Айыы Таҥара көмөтүнэн чэгиэн-чиргэл буолуҥ!

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар