АЙЫЫ ТАҤАРА ТУҺУНАН ӨЙДӨБҮЛ ҮӨСКЭЭҺИНЭ
Былыргы биһиги өбүгэлэрбит бука бары экстрасенстар этилэр. Ол иһин тулалыыр эйгэлэригэр туох буола турарын эндэппэккэ билэллэрэ. Ити дьоҕурдара Айылҕа адьырҕа күүһүн кытары охсуһарга, тыыннаах буоларга сүдү туһалаах этэ. Билигин даҕаны чуҥкунуур чуумупуга өр сырыттахха киһи истэр, билэр көрөр дьоҕура сытыырхайар ээ. Холобур, итинник чуумпуга мутук тостор тыаһа саа эстэрин курдук күүстээхтик иһиллэн соһутарын билэр киһи элбэх буолуохтаах.
Дьэ ол экстрасенс өбүгэлэрбит тулалыыр эйгэ барыта Иччилээх диэн билэллэрэ. Ону сэргэ туох баар эттэринэн-хааннарынан Үөһээ халлааҥҥа кинилэри араҥаччылыыр, кинилэргэ көмөлөһөр Ким эрэ-Туох эрэ баарын билэллэрэ. Ол муҥур кыахтаах Үрдүкү күүһү Таҥара (Тенгри) диэн ааттаабыттара.
АЙЫЫ ТАҤАРА ДИЭН КИМИЙ?
Былыргы киһи барыны бары киһититэн өйдүүрэ. Онон Айыы Таҥараны эмиэ аастыйбыт баттахтаах, муҥура суох айар кыахтаах, муҥура суох былаастаах, кэрэ сэбэрэлээх, Ырайга олохтоох Аарыма Кырдьаҕас курдук саныыра.
Айыы Таҥараны биһиги билигин да оннук өйдүөхтээхпит.
АЙЫЫ ТАҤАРА ААН ДОЙДУНУ АЙЫЫТА
Тенгрианство итэҕэлин быһыытынан, Айыы Таҥара кураанах куйаар ортотугар Кыһыл көмүс сымыыт иһигэр өөр да өр кэмҥэ утуйа сытан баран уһуктубут. Таһыгар тайах мас уонна өтүйэ баар эбит.
Сымыыт Үөһээ хаҕын өтүйэнэн дьөлө охсон баран, Тайаҕын ол дьөлөҕөскө тирэннэрэн, өрө үтэн таһаарбыт. Онто Халлаан буолар.
Тайаҕар халлааны хараҕалаан баран, өрө көтөн Халлаан үөһэ тахсар. Эргим-ургум көрөөт, мыынар уонна эбии Иккис Халлааны айарга сананар.
Тайаҕын уһаты тардан баран хараҕы оҥорор, онно халлааны тирэннэрэр уонна Иккис Халлааны айар. Онтон эмиэ астыммат. Иккис Халлааны тайаҕын хараҕатыгар тирээбиллээн баран салгыы Үһүс Халлааны айар. Онтуттан эмиэ астыммат.
Инньэ гынан Тохсус халлааны айан эрэ баран, дьэ биирдэ уоскуйар. Ити Тоҕус Халлааны билиҥҥи билим өйдөбүлүнэн, 9 кэккэлэһэ сытар Дойдулар (параллельные миры) курдук саныахха сөп.
Тохсус Халлаан Орой Халлаан (Ырай, Рай) диэн ааттанар. Орой Халлааны сөбүлээн, Айыы Таҥара онно олохсуйар.
Айыы Таҥара ТайаҕаТоҕус Халлаан тулааһына буолар. Бу Тулааһын Төбөтө Кыһыл көмүс тоһоҕонон хам саайаыллан, туллаҥнаабат туруктанар. Ол Кыһыл көмүс Тоһоҕо Хотугу Сулус (Полярная звезда), эбэтэр Орой Сулус буолан чаҕылыйар.
Тоҕус Халлаан туллаҥнаабат Тулааһына буолбут Айыы Таҥара Тайаҕын Тоҕус хараҕата хойуу лабааҕа кубулуйан, чэлгийэ үүнэн, хаһан да хагдарыйбат Аар Кудук Маска (Мировое дерево) кубулуйар. Ону кэлиҥҥи дьон Аал Луук Мас, эбэтэр Аал Дууп Мас диэн сыыһа ааттыыллар.
Аар Кудук Мас өйдөбүлэ нууччалыы тылбаастаатахха Священное Чудо Дерево
диэн.
АЙЫЫ ТАҤАРА ТАЙАҔА ТИРЭММИТ, ОНТОН
ОЛ ТАЙАХ ААР КУДУК МАСКА (МИРОВОЕ ДЕРЕВО) КУБУЛУЙАН
СИРИЭДИЙЭ ҮҮММҮТ СИРЭ – ОРТО ДОЙДУ, ЭБЭТЭР САХА СИРЭ!
Айыы Таҥара Тайаҕа - тирэнэн турбут сирэ – ОРТО ДОЙДУ, эбэтэр билиҥҥи САХА СИРЭ эбит! Дьэ ол Айыы Таҥара Тайаҕа Орто Дойду өҥ буоруттан силис тардан сириэдийэ үүнэр уонна Аар Кудук Маска кубулуйар!
Айыы Таҥара Тайаҕын тирэннэрэн Үөһэ 9 халлааны айбыт, Аар Кудук Мас силигилии үүммүт миэстэтэ - ОРТО ДОЙДУ – бу саамай былыргы ЫТЫК сир. Олох, киһи-сүөһү, атын тыынар-тыыннаах Орто Дойдуга уйаланан, төрөөн-ууһаан Аан дойдуга тарҕаммыт эбит.
Ону билим эмиэ туоһулуур. Биллиилээх археолог-учуонай, академик Ю.А.МОЧАНОВ «Дириҥ үрэххэ» булан оҥорбут археологическай арыйыыта, аан маҥнайгы киһи Африкаҕа буолбакка Саха сиригэр үөскээбитэ – диэн сабаҕалааһына ону эмиэ бигэргэтэр.
Бу кылгас киинэҕэ ол арыйыы туһунан кэпсэнэр. Кыра күүркэтиилээх соҕус буолуо да буоллар, киинэ үксэ баар матырыйаалларга олоҕуран уһуллубут диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.