Хоту сиргэ сүөһү, сылгы ииттэн, онон дохуоттанан олоруохха диэтэххэ, туһунан уустуктаах. Ол тымныы сиргэ олорорбутуттан уонна күн-дьыл туругуттан олус тутулуктаахпытыттан, айылҕабыт биллэ уларыйан эрэриттэн сэдиптэнэр. Холобур, Орто Халыма улууһун, бэл, саастаах олохтоохторо быйылгы курдук бэрт ураты, уустук дьыл буолбутун өтөрүнэн өйдөөбөппүт дэһэллэр эбит. Бу түгэҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын балаһыанньата хайдаҕый? Сүрүн туруорсуулара туох эбитий?
Мантан аллара туһааннаах улуус “Тыа хаһаайыстыбатын управлениета” МКУ салайааччыта Е.Н. Константиновтыын кэпсэтиини ааҕыҥ.
Егор Николаевич:
– Бу сайын окко ылыммыт 8 тыһ. 567 т былааммытын аһара толорон, сүөһү, таба ахсаанын аҕыйаппат эрэллээх олорбуппут. Бэйэни хааччынары таһынан икки кэнники сылга ордугу оттоон, аллараа уонна үөһээ халымаларга атыылыыр этибит. Быйыл да эрэсиэрбэҕэ 400 т ууруммуппут. Ону баара, өтөрүнэн буолбатах охсуулаах күн-дьыл туран, былааннаабыппыт курдук буолбата. Өрүс, эбэ тоҥо да илигинэ халыҥ хаар түһэн, ириэрэн-хайаан, от-мас тиэйэрдээҕэр буолуох, нэһилиэктэр ыккардыларыгар сылдьыһар суола суох олордубут. Ыксаан, сүөһүбүтүн олох эрдэ аска киллэрбиппит. Сылгыбытын эбии аһатыыга туруоран, оппут ордубат буолла. Хатыҥнаах, Сыбаатай, Арҕахтаах диэки – сылгы хаһыыта букатын куһаҕан. Эбии аһатыыта суох ырааппаккын. Кыһалҕаттан олох мөлтүү иликтэринэ тутуу баттаһа диэн, балачча төбөлөөхпүтүн өлөртүүргэ күһэлиннибит. Холобур, кэтэх сүөһүлээхтэр баар да отторун сатаан тиэммэт кыһалҕаттан, эмиэ аҕыйаттылар.
Ол курдук, сайын 3800 сылгылаах буоллахпытына, улуус үрдүнэн 2864 эрэ хаалан турар. Онтуларбытын күөххэ этэҥҥэ үктэппит киһи. Дьиҥинэн, 3600-тан энчирэппэт соруктаах этибит. Сүөһү сайын 1600 баара. Билигин 1100 хаалла. Хата, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ хас нэһилиэк аайы биирдии бөртөлүөт эриэйсэтин үбүлээн эбиэс тиэйтэрэн көмөлөстө. Төннөрүгэр “Сахаагропродукка”, Дьокуускайга “Опторга” туттарарга диэн, 10 т эти илтэрэн, балачча өйөөтө. Халыҥ хаар түһэригэр баара эрэ +5, +10 кыраадыс турбута. Оннукка эт түргэнник буортуйарын билэҕин. Бырамыысыланнай тоҥорор тэрилэ суохпут. Онон балаһыанньа өссө мөлтүөҕүн бөртөлүөттэнэр дьаһал ылыллан абыраата. Эппитим курдук. суол суох, сибээс суох. Дьон кыһалҕаттан отун, уматыгын эмиэ “Бураанынан” тиэнэр. ТХМ балаһыанньаны өйдөөн, 30 т сэлээркэни, биир оччо бэнсиини анаабыта.
Дьон кыалларынан, айылҕа охсуутугар утарылаһан, сүөһү-сылгы, таба баайбыт кыстыгы этэҥҥэ таһаарбыт киһи диэн туруулаһар. Өрүс, эбэ ситэ тоҥмокко турбута булт, таба да салаатыгар биллэр оҕуста. Хаардаабакка турбута бүгүн 3-4-с эрэ күнэ. Сорох сиринэн хаар халыҥа 1,5 м. Хотону, тутууну, кэбиһиилээх оту көстүбэт гына хаарынан типпитэ. Мантан салгыы нэһилиэктэр ыккардыларыгар уонна Дьокуускайга диэри суол астарар наада этэ. Чугастааҕы от бүтэн да барда. Эбии 100 т эбиэс, 40 т комбикорм кэлиэхтээх.
– ТХМ миниистирин солбуйааччы А.Семеновтаах кэлэн, билсэн барбыттара дии?
– Мунньахтаабыппыт. Эбиэһи, уотурбаны улууска диэри тиэрдии ороскуотун олоччу уйунуох буолбуттара. Ол гынан баран, ороскуоту таһааралларыгар кинилэр т/км –10 солк. суоттаан биэрэллэр. Оттон биһиэхэ диэри ким да т/км 15-16 солк. кыраҕа аҕаларга сөбүлэспэт. Сыана араастаһыытын улуус уйунуоҕун үп-харчы тиийбэт. Бырамыысыланнаспыт диэн суох. Улуус оҥорон таһаарыытыттан, бэркэлээтэр, 40-45 мөл. дохуот киирэр. Датаассыйаланар улууспут. Ол да буоллар тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыы бырагырааматын инники күөҥҥэ тутан, бүдьүөппүтүгэр 12 мөл. солк. көрбүппүт. Ити үппүт аҥаарын кэриэтэ өлүүскэтэ аҥаардас оту, эбии аһы тиэйтэриигэ туттуллар буолла. Холобур, улуустан нэһилиэктэргэ диэри тиэрдии 50 %-нын уйуннахпытына табыллар.
- Оннук. Сыччах саха сылгытын ыраастыы тута сылдьар улуускут. Өлөөкө Күөллээҕи собуот туруга хайдаҕый?
– Биһиэхэ уонна Үөһээ Дьааҥыга эрэ хаалла диир оруннаах. Сыспай сиэллээх 40 %-на – сылгы собуотугар, бааһынайдарга – 36 %, кэтэхтэргэ – 24 %. Атыырдарбытын Намҥа, Бүлүүгэ, Чурапчыга, быһата, киин улуустарга, биһирээн атыылаһаллар. Олохтоох усулуобуйаҕа барсар, генэ күүстээх атыырдары итинник тарҕатан, киин улуустар сылгыларын сахатытыы туһалаах буолуо этэ. Сылгы собуотугар бүддьүөттэн 30 мөл. солк. кэлэр. Кинилэргэ 1200 сылгылаах буолуохтаахтарын, эмиэ сүүсчэни идэһэлииргэ күһэлиннилэр. Ил Дархан Ыйааҕар олоҕуран, убаһанан буолбакка, үс сааһыгар диэри иитэн баран атыылыыр кыах үөскээһинэ, эрэли саҕар. Племенной үлэ ирдэбилигэр эппиэттэһэргэ үлэни былааннаахтык ыытабыт да, билиҥҥитэ төрүөхпүт эппиэттэспэт. Киин сирдэртэн уратыбыт – сайынын олус бырдахтаах. Түптэлээн, хахха анныгар анаан туруоран, көрөн-харайын сылдьыахха наада. О.э. сылгыһыт үлэтэ биһиги диэки төттөрүтүн сайынын эбиллэр. Араассыыйа племенной реестригэр хандьыдаат быһыытынан сылдьаллар. Племенной буолуохпутун наада. Онон үлэни көҕүлүүр, өйүүр да туһуттан, сылгы собуотун иһинэн Сылгыны иитэр-үөрэтэр производственнай киин оҥорору туруорсабыт. Ил Дархан Ыйааҕар олоҕуран, сылга 5-6 сылгы базатын туттарар киһи бэрт да буолуо этэ! Собуот да киэнэ сороҕо эргэрэн, самнан бүттэ. Оттон сылгыһыт олороругар табыгастаах бааза бу диэки олох да суох. Босхо гаа чэрчитинэн, сылгылаахтарга сир бэриллиитин сэҥээрэллэр. Сир сыһыаннаһыытын испэсэлиистэрэ итинэн дьарыктаналлар. Онон билиҥҥитэ чопчу бачча сайаапка киирдэ диэн чуолкай чахчыны биэрэр кыаҕым суох. Интэриэс баарын баар.
– Ынах сүөһүнү ордук ханнык көрүҥ хаһаайыстыбалар ииттэллэрин санаппаккын ээ? Судаарыстыба көмөтө хайдах тыырылларый?
– Сүрүннээн, бааһынай хаһаайыстыбаларыгар иитиллэр (500 төбө). Сылгы собуотугар -- 110 турар, уоннааҕыта – кэтэхтэр киэннэрэ.
Көмө көрүллүүтүгэр чааһынай-бааһынай диэн араарбаппыт. Бу диэки ырыынак диэн суох, суол-иис мэлигир. Онон нэһилиэнньэ бэйэтэ бэйэтин, ыччатын, оҕо дьону олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйара да – туһа. Биһиэхэ үүт субсидията диэн көрүллүбэт. Быһаччы биир ыанньык төбөтүгэр – 30 тыһ. солк. бэриллэр. Омос көрүүгэ – улахан өйөбүл. Ол гынан баран манна сыана олус үрдүгүн умнар табыллыбат. Холобур, улуус киинигэр 1 л бэнсиин 57 солк. 40 х эбит буоллаҕына, нэһилиэктэргэ 70 солк. буолан тиийэр. Биир т от сыаната атыттартан, дьиҥинэн, үрдүгэ суох курдук: 4 тыһ. солк. Ити гынан баран, аҕалыылары суоттаатахха, эбиллэн тахсар. Холобур, биир бырысыапка икки т от киирэринэн суоттаан көрүөххэ. О.э. 8 тыһ. солк. Ол оккун, ортотунан, икки чаас айаннаах сиртэн аҕалтараҕын. Биир чааһын төлөбүрэ – 1,5 тыһ. солк. Икки чааска– 3 тыһ. солк. Итинэн бүппэт, өссө 20 л сэлээркэ сыанатын төлөтөллөр. Онтуҥ бэйэтэ – 1,5 тыһ. солк. Ол аата, 2 т от атыылаһыылары, тиэйтэриилэри 12,5 тыһ. солк. буолан тахсар. Оттон быйылгы курдук дьылга ити икки чааһынан айанныыр сиргэр 12 чаас барар.
Дьэ, ол иһин туруорсар туруорсуубут – лиитирэ үүккэ 20 солк. субсидия эбиллэрэ буоллар диэн. О.э., ортотунан 500 т үүт туттарылларынан суоттаатахха, итиннэ 10 мөл. солк. эбии ирдэнэр.
– Улуус хааһынатыттан көрөр үпкүтүн өссө туохха туттаҕытый?
– Сүөһү, сылгы иитиини көҕүлүүр туһуттан уонтан элбэх ыанньыктаах хаһаайыстыбаларга ыанньыксыкка диэн, ыйга 7 тыһ. солк. эбии төлөбүрү көрөбүт. Холобур, 20-лии ынахтаахтарга -- икки ыанньыксыт өйөнөр.
Биир биэҕэ 8 тыһ. 836 солк. көрүллэр. 50-тан элбэх сылгылаахха кэмпэнсээссийэлиир төлөбүр диэн баар.
Хоту сиргэ ночоот улахан. Суол-иис суоҕа улаханнык атахтыыр. Чуолаан березовкалар эрэйдэнэллэр. Ол диэки, бэл, ураты болҕомто ууруллар тэрээһинигэр – быыбарга – сатаан кыттыбакка хаалбыттар бааллара да элбэҕи этэр. Толкуйдатыан наада.
100-тэн тахса т оттуур хаһаайыстыбаҕа сэлээркэнэн көмөлөһөбүт. Быһата, кыах баарынан, өйүүбүт.
– Табаҕа киириэххэ. Табаһыт хамнаһа ыстаада табатын ахсааныттан тутулуктанар буолуута, билигин ахсаан аҕыйаан турдаҕына, охсуулаах буолуо суоҕа дуо?
– Уустук дьыл содула ордук табаҕа билиннэ. Хаар халыҥа сүр буолан, аһыылларыгар уустугурдаллар. Онон эмиэ комбикорм уонна туус анаммыта. Суол суоҕунан “Буранынан” кыралаан тиэнэллэр. Ону да соторутааҕыттан ити кыаллар кыахтанна. Орто Халыматтан 180 км сиргэ илдьиэххэ диэтэххэ уустук. Суола олох куһаҕан. Арктика кэмитиэтин өйөбүлүнэн, 12 т комбикорм ылыллан, Дьокуускайга сытар. Березовка – төрүт олохтоох аҕыйах ахсаннаах омуктар олорор олус диэн чиэски сытар бөһүөлэк. Таарыйа эттэххэ, дэлэҕэ, итиннэ Сэбиэскэй былаас саамай кэнники 1954 сылга олохтонуо дуо?! Оттон табаларбыт итинтэн өссө ыраах, 200 км тэйиччи бааллар. Икки хаһаайыстыбалаахпыт: 1600 табалаах “Ниччан”, 480 табалаах “Березовское” хаһаайыстыба. Улуус таба иитээччилэригэр 2015 сылга – 4650 мөл. солк, былырыын – 8450 мөл. солк. тыырыллыбыта. Табаһыттарбыт, ааҕыллыытынан, 30 тыһ. солк. хамнастаналлар, анал таҥас көрүллэр. Ити этэр уларыйыыҥ хамнас улаатарыгар тиэрдиэхтээх, үлэҕэ көҕүлүөхтээх. Сөптөөх быһаарыы. Табаны кыалларынан 1000 тиэрдэ сатыахха наада. Оччотугар кэнэҕэһин ахсаанын бэйэтин –бэйэтэ чөлүгэр түһэринэр кыахтанар.
Оттон охсуулаах буолбатын туһугар айылҕа, килиимэт уратытын учуоттаан, айылҕа аҕалар мэһэйдэрэ атахтыахтарын сөбүн быһыытынан, “страховой” курдугу киллэрэн, көмүскэллээх буолууну хааччынар ордук. Холобур, быйылгы курдук күүппэтэх өртүттэн кэлэр түгэннэргэ.
– “Саҥа саҕалааччы бааһынай”, “Ыал пиэрмэлэрин сайыннарыы” курдук Арассыыйа бырагыраамаларын иһинэн күрэстэргэ төһө кыттаҕытый, тиксэллэр дуу?
– Үс кэнники сылга икки ыал хапсан, 50 уонна 70 төбө сүөһү турарыгар сөптөөх хотон тутуннулар. Эдэр бааһынайга үс киһи граҥҥа хапсан, “Беларус” тыраахтыр, тиэхиньикэ ылбыттара. Биһиги таһыммытыгар ирдэбилэ үрдүк. Киин улуустары кытта тэҥ усулуобуйаҕа киирсэр, кырдьыга, уустук. Биисинэс былааны оҥостон баран, тус бэйэҥ тиийэн көмүскүүрүҥ ирдэнэр. Орто Халыматтан кэлэ-бара сөмөлүөтүнэн айан сыаната 60 тыһ. солк. Ол тиийэн, тиксиэҥ эрэ, тиксимиэҥ. Онон баҕалаах эрэ барыта боруобаланар кыаҕа суох. Үчүгэйэ, быйыл бырайыагы миэстэтигэр олорон көмүскүөххэ (“заочнай”) сөп буолуох курдук. Ол эрээри ирдэбил син-биир “сымнаабат”.
– Кырдьык, айан да сыаната салыннарар. Ити этэриҥ олоххо киирдэр бэрт эбит. Дьэ, оттон балык булдугар тугу этиэҥий? Квота-той үллэриитигэр санааҥ?
- Балык булдун чааһыгар улуус таһымыгар туох да боломуочуйабыт суох. Улууска 10-тан тахса дьоҕус балык хаһаайыстыбата баар (к/х, ИП). Учаастактарынан үлллэстэн балыктыыллар, ким ханна ыытарынан батарар, чааһынай тэрилтэҕэ туттарааччылар эмиэ бааллар. Биһиги төһөнү-хаччаны балыктаабыттарын отчуоттуубут этэ. Мин саныахпар, балыктаах күөлү түҥэтиини аһаҕас гынар ордук. Балык салаата, ол эбэтэр квота тыырыллыыта, балыктыыр эбэлэри түҥэтии, аукционы ыытыы да – улууска бэриллэрэ сиэрдээх. Хоту сиргэ олорооччуларга итинник хаарчаҕы оҥоруу, дьиҥинэн, сыыһа. Соҕуруу хортуоппуй үүннэрэн, бэйэ наадатыгар сөптөөҕү сиэн баран, ордугун эргинэн, дохуоттаналлар дии. Биһиэхэ балык, этэргэ дылы, хортуоппуй тэҥэ, үгэс оҥостубут аспыт буоллаҕа. Сорох ыаллар, оонньуута суох, сүрүннээн, балыгынан эрэ олороллор. Аны, үрүҥ, хара эттээх диэн арааран, үрүҥүн бултуурга хааччах баар, Арассыыйа бас билиитэ диэн буолар. Онуоха мин чыыры уонна быраҥааттаны өрүскэ эрэ буолбакка, күөлгэ эмиэ үөскүүрүн билиминэн дакаастаан, саатар ити көрүҥ балыктары эрэгийиэн дьаһайыытыгар киллэрэр гына тобуларга этиилээхпин. Хоту сиргэ балык сүрүн аспыт буоларынан, чэпчэтии бэриллиэн сөбө. Квотанан хаарчахтааһын төрүт олохтоохторго сыыһа диибин.
Уопсайынан, тыа хаһаайыстыбатын кэккэ боломуочуйатын улуустарга биэрэ сорунан баран, төһөнү, ханна аныырын бэйэбит быһаарарбыт курдук көҥүл буолара ордук этэ. Салгыы боломуочуйа өссө нэһилиэктэр таһымнарыгар бэриллэрэ көдьүүстээх буолуоҕа. Миэстэтигэр олорор дьон балаһыанньаны ордук билэллэр, чопчу нэһилиэккэ хантан-туохтан саҕалыыра ордугун быһаарсар буоллахтара. Санааҕын сайа эт диэҥҥин, собуоттанан бардым быһыылаах. Бээ, бүтүүм. (Күлэр).
- Егор Николаевич, махтанан туран, кыстыгы этэҥҥэ туоруургутугар баҕарабын.
Лоһуура