Киир

Киир

Быйыл бэлиэр 4-с төгүлүн ыытыллар Уһук Илиннээҕи МедиаСаммит Владивосток к. Русскай арыытыгар, эрэгийиэн федеральнай университетын кампуһугар бэс ыйын 8-9 кк. буолла. Манна Уһук Илин медиа эйгэтин, Арассыыйа биллэр-көстөр көрдөрөр уонна суруйар сириэстибэлэрин үлэһиттэрэ, суруналыыстар, эспиэрдэр эрэ буолбакка омук, сүрүннээн, АТР дойдуларын суруналыыстара, блогердар, эрэгийиэн үрдүкү салалтата, дойду суруналыыстарын тумус дьоно, биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ уо.д.а. кытыннылар. Ыҥырыылаах суруналыыстардыын, блогердардыын РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көрсүстэ.

Уһук Илин сайдыытыгар миниистир Александр Галушка кытынна. Бочуоттаах ыалдьыт Госдуума дьокутаата Евгений Ревенко сырытта. Урут түһэн эттэххэ, норуот итэҕэллээҕэ бу тэрээһиҥҥэ этиллибит кыһалҕалар, туруорсуулар Уһук Илини сайыннарыы кыһалҕаларын быһаарыыга учуоттаныахтарын эттэ.

3598 кыттааччылаах бөдөҥ тэрээһини РФ Суруналыстарын сойууһун Приморьетааҕы отделениета, Приморье дьаһалтата, Сокуону оҥорор мунньаҕа, ДВФУ, ВГУЭС уонна “Паблисити” коммуникация бөлөҕө кыттыһан тэрийдилэр. Кыттыгас тэрийээччи – инвестицияны уонна экспоры өйүүр Уһук Илин ааҕыныстыбата. Икки сыллааҕыта сылдьарбар тэрийээччи, кыттааччы да ахсаана лаппа кырата (1200). Билигин биллэ кэҥээн, ыытыллар маастар кылаастар, көрсүһүүлэр да биллэ эбиллэн, сүүстэн тахса буолбуттар.

Быйыл спикердээтилэр – РФ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Всеволод Богданов, суруналыыстыка мультимедиатын маҕыыстыра Оксана Силантьева, Приморье күбүрүнээтэрэ Владимир Миклушевскай, РГТУ суруналыыстыкаҕа хаапыдыратын дассыана Максим Корнев, “Говорит Москва” радиостанция генеральнайа Владимир Мамонтов, ТАСС  эрэгийиэннээҕи сонуннарын сулууспатын дириэктэрэ Александр Куприянов, “Интерфакс” эрэгийиэннээҕи иһитиннэрэ сулууспатын генеральнай дириэктэрэ Михаил Кетько, “Пресс-служба” сурунаал кыл. эрэдээктэрэ Тимур Асланов, СМИ быраабын көмүскүүр Киин дириэктэрэ Галина Арапова, “Эхо Москвы” радиостанция кыл. эрэдээктэрэ Алексей Венедиктов, “Русский репортер” сурунаал кыл. эрэдээктэрэ Виталий Лейбин, ыччат уонн айар үлэ бырагыраамаларын салайааччыта, РФ Суруналыыстарын сойууһун сэкирэтээрэ Роман Серебряный, Норуоттар икки ардыларынааҕы Араадьыйа уонна ТВ академиятын чилиэнэ Александр Цукерман, Lenta.ru кыл. эрэдээктэрэ Александр Белоновскай, РФ МИДигэр иһитиннэрии уонна бэчээт департаменын дириэктэрэ Мария Захарова, РФ Суруналыыстарын сойууһун сэкирэтээрэ Владимир Касютин курдук медиа эйгэтин бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ.

Икки сыллааҕыта уонна бүгүн

Икки күн устата Саммит кыттыылаахтара блогосфера, digital-маркетинг, фактчекинг, стартаптарга PR диэн үгүстүк истэ үөрэммэтэх тиэрминнэрбититтэн саҕалаан, социальнай медиа кыаҕын, салаа сайдар кэскилин, баар уустуктар, кыһалҕалар, суруналыыс быраабын, ээтикэтин уо.д.а. тустарынан кулгаах-харах буолан олорон иһиттибит. Биллэн турар, барытыгар тииһинэн-түгэнэн сылдьыбаккын, сэҥээрбиккин талан сылдьаҕын.  Ону тэҥэ Уһук Илин сайдыытыгар, дойду экэниэмикэтигэр сыһыаннаах иһитиннэрии, санаа атастаһыыта, баар кыһалҕа туһунан кэпсэтиһии, дискуссия тэриллэр.

Суруналыыстар салайааччыбыт Всеволод Богданов саастаах киһи сиэринэн, урукку сырыыга холоотоххо, биллэ мөлтөөбүт курдук да, көҕүн ыһыктыбатах. Тэрээһин эгэлгэтэ эбиллибитин, араас санаа, сыанабыл этиллэр буолбутун, араас көрүүлээх, биир интэриэстээх дьон түмсэн, бэйэ көрүүтүн аһаҕастык уонна киэҥник үллэстэр, билиини сомсор туһалаах түһүлгэ буолбутун бэлиэтээтэ. Саммит кэскилигэр саарбахтаабатын эттэ.

Кыттааччы лаппа эдэрсийбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Суруналыыс буолар ыралаах оскуола оҕолоруттан саҕалаан, устудьуон аймах кыттыыта элбээбит. Кинилэргэ “Эдэр суруналыыс” форум тиһиги быспакка тэрилиннэ. Эдэрдэр олоҕу атыннык көрөллөрө, ураты өйдөөх-санаалаах эбиттэрэ тутта-хапта сылдьалларыттан, саҥарар саҥаларыттан, бэлэмниир биэриилэриттэн да чуолкай көстөр. Дэлэҕэ, Леонид Млечин, киин тэлэбиидэнньэ ыытааччыта, ТЭФИ бириэмийэ лауреата этиэ дуо: "МедаиСаммит “тыыннаах” эйгэлээх, официальнай форумнартан таһыччы атын. Биһиэхэ, эһээлэргэ, маннык уопсастыбаҕа сылдьарбыт олус астык”, -- диэн.

“Уһук Илин корпорация” пресс-сэкирэтээрэ Олеся Бондаренко түмсүү хабар иэнэ кэҥиирин, уопут атастаһарга табыгастааҕын бэлиэтээбитин ааһан, тэрээһин бүтүн Уһук Илин бренин быһыытынан да сыаналыахха сөп диир. Сөпсөспөт буолар төрүөт суох.

Өссө биир ураты – интеллектуальнай оонньуу эбиллибит. Үгэс быһыытынан, Приморье дьаһалтатын үлэһиттэриниин суруналыыстар хамаандалара путбуолга күрэхтэстилэр. Манна үһүс сырыыларын дьаһалталар кыайыы кынаттаннылар. Кыайыылаахтары МедиаСаммиты түмүктүүр сандалылаах түмүктүүр бырааһынньыкка күбүрүнээтэр бэйэтинэн эҕэрдэлиир. Араас күрэстэр кыайыылаахтарын наҕараадата эмиэ итиннэ буолар. Бу сырыыга биир дойдулаахтарбыт А. Соловьева (“Арассыыйа буостата” ГУП пресс-сулууспата) уонна ХИФУттан Н.Аргылов кыайыылаахтар ортолоругар ааттанан, тиэргэнтэн тэлэһийэ сылдьар киһиэхэ үөрүү буолла. Уопсайынан, быйыл тэрилтэлэр, министиэристибэлэр пресс сулууспаларыгар ураты болҕомто ууруллубут, көрсүһүү тэриллибит. Саха сириттэн хас да пресс-сулууспа салайааччыта кыттыбыта да ону туоһулуур.

Манна даҕатан эттэххэ, кинилэри ааҕан туран, 15-хас суруналыыс (“Ил Тмэн”, “Кыым” хаһыаттан, Саха-медиаттан, ЯСИАттан Бэрэсидьиэн уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспатыттан, Алдан хаһыатыттан, блогер А. Басылаев) кытынныбыт.

МедиаСаммикка кыттарга хаарчах суох. Социальнай ситимҥэ суруйааччыларга, блогердарга анаммыт үөрэх, дьарык балачча. «Контен диэн тугуй диэнтэн саҕалаан, ханнык социальнай ситимҥэ туохтан саҕалыыр ордугун, аудиторияны хайдах интэриэстиир үөрүйэххэ тиийэ үөрэтэллэр. Социальнай ситимҥэ барытыгар киирэн, биир иһитиннэриини барытыгар тарҕатан, олус тэнийэ сатаабакка, чопчу бииргэ ылсар ордугун этэллэр.

Успуорт суруналыыстарыгар эмиэ балачча улахан болҕомто ууруллубут. Онуоха Приморье кыраайын успуорду сайыннарыыга сэбиэтин салайааччыта Андрей Черных эппитин курдук, сорох успуорт федерациялара суруналыыстары кытта сибээстэспэттэрэ, ырааҕынан сылдьаллара, арааһа, тирэх буолбут. Кини успуорду сайыннарарга бииргэ үлэлэһиэхтээхпит диир. Холобур, Приморьеҕа регистрацияламмытынан успуорт 88 федерацията баар. Итинтэн сороҕун нэһилиэнньэ түһээн да баттаппат эбит. Бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһалларыгар эмиэ кыһалҕа баар. Буолаары буолан, дойду Успуорка министиэристибэтэ АТР дойдуларыгар буолуохтаах Олимпиадаҕа бэлэмнэниигэ сыһыаран, Приморьеҕа тиийэ сылдьыыта тиэмэни сытыырхаппыт чинчилээх.

Быһата, суруналыыс буолуон баҕарар, бэлиэ үлэлиир, уопукка наадыйар биир идэлээхтэрбит Саммикка кыттар туһунан толкуйдуохтарын сөп. Кэнэҕэһин Саха сириттэн кыттааччы өссө элбиэ дии саныыбын. Кыттыылаахтары МедиаСаммит буолар сириттэн чугас көстүүнэйдэргэ олохтууллар. Аһыыр сир – эмиэ аттыгар. Кампус ып-ыраас, бэрээдэк чаҕылхай.

Элбэхтэн кылгастык

Сэрэйиллэрин курдук, КНДР ракеталары боруобалыыра элбээбитэ, АХШтыын сыһыан тымныйбыта, ол дуораана омсолоох дьайыылаах буолуон сөбүн туһунан долгуйуу тыына бу да тэрээһиҥҥэ син биллэр.  Чопчута, Арассыыйа МИДин Иһитиннэриигэ уонна бэчээккэ департаменын салайааччыта Мария Захарова спикердээбит көрсүһүүтүгэр итини кэпсэттилэр. Кини үөскээбит балаһыанньаттан тахсар суол чопчу дипломаттыы сыһыаҥҥа көстөрүн этэр. АТР дойдуларын кытта сыһыан туһунан тэттик иһитиннэриини оҥордо. Судургутуйбут электроннай виза баар буолуоҕун, экэниэмикэ суоналарын сайыннарыы, ВЭФ уо.д.а. туһунан кэпсээтэ. Кырдьык, АТР дойдуларын кытары ыкса сыһыаны олохтуур интэриэс улааппыт кэмигэр бу боппуруос суолтата сүҥкэн.

Бу сырыыга Владивосток уулуссаларыгар сылдьан көрдөххө, АТР дойдуларын бэрэстэбиитэллэрэ икки сыллааҕыга холоотоххо, биллэ эбиллибиттэр. Кэриэй, дьоппуон таҥастаахтар киин сиргэ бөлөҕүнэн сылдьалларыгар хаста да түбэстим.  Бу иннинээҕи сылга ордук кэлии дьоҥҥо ыччат, устудьуон саастаахтар баһыйар эбит буоллахтарына, билигин орто уонна аҕа саастаахтар эбиллибиттэр.

Биллэн турар, сүрүн болҕомтобун кумааҕы бэчээт туругун туһунан туох санаа баарыгар туһаайдым. Төһө да барыта электроннай көрүҥҥэ, саайтарга көһүөхпүт, социальнай ситимҥэ баһыйтарыахпыт диэн санаа этилиннэр, кумааҕы бэчээт олорбутунан, бас бэринэн  хаалар санаата суох. Төһө да аныгы технология сабардаатар, эрэгийиэн уонна муниципалитет бэчээттэрэ букатын эстиэхтэрэ суоҕа диэн санаа баһыйар. Оттон федеральнай таһаарыыларга тиийэн, ити “эмис” ыйытыкка тиийэн иҥнэр диэн өйдөөтүм. Маны “Печатные СМИ: новые форматы. Конвергентнай редакция. Передовые практики федеральный изданий для дальневосточной прессы” диэҥҥэ кэпсэттилэр.

Эспиэрдэр оройуон, куорат хаһыаттарыгар наадыйыы син биир улахан, суруйар тиэмэлэрэ, арыйар кыһалҕалара олохтоох нэһилиэнньэҕэ быдан чугас уонна өйдөнүмтүө дииллэр. Ол эрээри атын,  араас суол хайысхалары тобулан, ааҕааччы интэриэһин көҕүлүүр хайысха тутуһуллуох кэриҥнээҕэр мөккүөр суох. Онон сыыйа да буоллар олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыҥ дииллэр. Хаһыат-сурунаал хойутаан тиийиитэ, тиэрдии өҥөтүн сыаната ханна да ыар дьаакыр буолбут. Эспиэрдэр хаһыакка оптимизация ыытан, үлэ саҥа халыыбыгар көһүөххэ сөп дэстилэр. Чуолаан “конвергентнай эрэдээксийэни” тэрийэн эбэтэр бырайыагынан салайыыга киирэн (проектное управление) дэһэллэр. Ол иһигэр көдьүүстээх кэмиэрсийэни сатаан туһанар буоллахха, босхо тарҕатыы да туһалыан сөп диэн буолла.

Маныаха  Silamedia төрүттээччитэ, медиа-тренер Оксана Силантьева “конвергентнай эрэдээксийэ” диэн тыл ситимэ тиэрмин өттүнэн сыыһатын, эрэдээксийэ диэҥҥэ сыһыаннаан үс тиэрмин сөптөөҕүн ыйар: мультимедийнай эрэдээксийэ – хас да медиа холбоһон, биир эрэдээксийэ буолуулара. Холбоһуктаах эрэдээксийэ – хас да ресурсаны холбоон, хас да медианы бииргэ түмүү. Ону тэҥэ Интегрированнай эрэдээксийэ – бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр хас да эрэдээксийэ. Маныаха туох-ханнык иннинэ иһитиннэрии ханнык көрүҥҥэ дьон болҕомтотун ордук тардыаҕын быһааран, сөпкө тыырыы сатабылын баһылыыр наада дииллэр. Сорох көрүҥ иһитиннэрии, тиэмэ саайка тахсара ордук эбит буоллаҕына, сороҕо бэчээккэ тахсан, этэргэ дылы, сыта-тура ааҕарга сөптөөх, толкуйдатар аналлаах. Иһитиннэрии кимиэхэ туһаайыылларынан сирдэтиллиэхтээҕин этэллэр. Ааҕааччыны аҥаардас сааһынан арааран, иһитиннэриини тыырыы ардыгар сыыһа. Дьон таһыма, билиитэ, интэриэһэ эмиэ учуоттаныахтаах. Чэ, ити курдук уо.д.а суруналыыска, эрэдээксийэлэргэ эрэ интэриэһинэй үлэ, былаан үөрүйэхтэрин туһунан кэпсээбиттэрин барытын эридьиэстээмиим. Сөпсөһөр, сөпсөспөт да түгэн, биллэн турар, уопут үллэстиитигэр баара ханна барыай. 

Хаһыаты тиэрдиигэ ордук табыгастаах, атын (альтернативнай) суолу тобулуу – кэм тирээн турар кыһалҕата буолбут. Маныаха бэлэм ырысыабы билиҥҥитэ ким да утары ууна охсон биэрэр кыаҕа суох.

Таарыйа аҕыннахха, “Арассыыйа буостата” МедиаСаммикка анаммыт анал аккырыыкканы 1000 ахсаанынан таһааран, сүрэхтээтэ, Саммит истиэмпэлэ баар буолбут. Икки күн дьайар, ол кэнниттэн Санкт-Петербург А.Попов аатынан сибээс түмэлигэр харайыыга барар. “Дерево добра” тэрээһин эмиэ буолла.

* * *

Суруналыыстар "Этические принципы в журналистике. Взгляд России и Европы" тиэмэҕэ эмиэ кэпсэттилэр. МедиаСаммикка аан бастаан суруналыыстар Европатааҕы федерацияларын генеральнай сэкирэтээрэ Рикардо Гутьеррес кытынна.  Кини: “ СМИгэ дьону религиянан, омугунан уонна араасанан араартыыр омсолоох иһитиннэрии элбээбитэ – бүгүҥҥү күн сүрүн кыһалҕата буолла. Аан дойду үрдүнэн хаһааҥҥытааҕар да кырдьыктаах иһитиннэрии наадата улаатта. Барытыгар объективнай буолуу ардыгар  уустук. Прессаҕа дьон эрэммэт буолуута – ол улахан кыһалҕа. Бу – аан дойду үрдүнэн баар көстүү. Цензура диэн – экстремизимы утары охсуһуу ньымата буолбатах. СМИ кырдьыксыт уонна объективнай буоларын өйүүрбүт – саамай сөптөөх. Итинтэн уонна “муода” буолбут “фейковай” (сымыйа) сонун элбээбититтэн сиэттэрэн, суруналыыс ээтикэтигэр күүстээх өйдөтөр үлэ барыан наада”, -- диэтэ.

* * *

Дьэ, уонна саамай сөхтөрбүт, долгуппут да тиэмэм суруналыыс быраабын таарыйар, персональнай дааннай көмүскэлин туһунан сокуон уонна суициды суруйуу быраабылаларын, ыстарааптарын туһунан буолла. СМИ быраабын көмүскүүр Киин салайааччыта Галина Арапова, кырдьыга да, элбэх иһитиннэриини, биэриини биэрдэ. Бирээмэ истэ олорон, биир идэлээхтэрбиниин: “Оччоҕо тугу, кими хайдах суруйан, салгыы килиэптэнэбит?”— диэн дьээбэлэһиэхпитигэр дылы, ис иһигэр киирдэххэ, олус элбэх хааччах баар буолбут. Хас биирдии эрэдээксийэ “персональнай дааннай эпэрээтэрэ” буоларынан, эрэдээксийэ докумуоннарын быраапка аудитын хайаан да ыыттарыахтаах эбит. 

* * *

“Босхо гаа” туһунан элбэхтэ этилиннэ. Уһук Илин сайдыытыгар миниистир Александр Галушка эппитинэн, билиҥҥитэ  сир анатарга 92 тыһ. сайаапка киирбит. Итинтэн 20 тыһ. чугаһыыр сир учаастага бэриллибит. Сыл бүтүөр диэри 125 тыһ. итэҕэһэ суох сайаапка киириэ, онтон 50 тыһыынчата сирин бэйэтигэр суруйтарыа диэн сабаҕалыыллар. Мантан салгыы гаа ылбыттарга кыра %-наах баан кирэдьиитин биэрии, тирэх инфраструктураны оҥоруу туһунан толкуйдууллар. Тустаах сокуоҥҥа баар кыһалҕалары, итэҕэстэри учуоттаан, көннөрүүлэри киириэхтээхтэрин эттэ. О.и. босхо сирдэммиттэри олохсутарга саҥа бөһүөлэктэрин тэрийэр былаан баар. Ити бу олус наадатын туһунан Саха сириттэн Нерюнгри ТОРугар үлэлэһэр “Колмар” АУо генеральнайа Сергей Цивилев эмиэ этэн аһарда. Кини онно олохтоох уонна кэлии нэһилиэнньэни олордон, бырамысыланнай эбийиэктэргэ үлэлэтиэххэ сөбүн эттэ. Бөдөҥ үлэнэн хааччыйааччыларга сири ыларга кэлэктиибинэн сайаапкалаһыыны көҥүллээн кластернай төрүккэ сир аныыр ордук буолуоҕа диир. Оччотугар үлэһит каадыр сирдэнэн, букатыннаахтык олохсуйар интэриэһэ улаатыа диэн санаалаах. Сири тыырыы кыһалҕата Приморьеҕа да суох буолбатах. Саха сиригэр курдук нэһилиэнньэ аймалҕана, утарсыыта суоҕун да иһин, сири анатыы, докумуону толоруу болдьоҕун тардыллыыта баар. Күбүрүнээтэр Владимир Миклушевскай сири биэрэр болдьоҕу, ирдэнэрин курдук, 20 хонукка тиэрдии кыалла илигин этэр. Билигин 51 күн иһинэн быһаарыллар. Ол эрээри хойут да буоллар, сайаапкалаһааччы ылыахтаах сирин ылыа диир. “Бултуур сиргэ көрдөөбүттэргэ тута аккаастаабакка, бакаа сайабылыанньаны ылары тохтоттубут. Госдуума быһаарыы ылынан, биэрэргэ диэтэ эрэ, салгыы үлэлиэхпит”, -- диэтэ.

Биир атын көрсүһүүгэ PrimaMedia холдинг саайтыгар "Даешь ДВ-гектар!" диэн бырайыак аһан,  Константин Васильев  уонна блогер Андрей Попов (күлүү дэгэттээх ролик оҥорор эбит) сири хайдах ылсарга санаммытыттан саҕалаан, хас биирдии хаамыытын, ханна, туох сатамматаҕын боростуой тылынан суруйан, саралаан иһэр буолан, тустаах үлэһиттэргэ төбө ыарыыта буолбуттар. Түмүгэр  кинилэргэ кыһалҕаны, сиппэтэҕи баарынан биллэрэн испиттэрин иһин Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарыыга Ааҕыныстыба генеральнайа Валентин Тимаков махтанна. “Сахамедиа” бырайыагын Кирилл Алексеев кэпсээтэ. Саха сирин кытта быһа сибээскэ тахса сырыттылар.  

Ил Дархан МедиаСаммикка кытынна

“Медиа Саммит-2017” өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Егор Борисов кыттан, “ РФ Уһук Илинигэр саҥалыы экэниэмикэ бэлиитикэтэ: бастакы түмүктэр” диэн пленарнай дискуссияҕа сырытта. Босхо гаа сокуона олоххо киириитин, ТОРдары тэрийии уонна эрэгийэн инвестицияҕа эриэйтинин үрдэтии уо.д.а. кэпсэттилэр. Иккис күнүгэр Уһук Илин уонна “Интерфакс”, “Лента.ру”, Япония хаһыатын суруналыыстара кыттыылаах официальнайа суох “пресс-завтрагы” ыытта. Манна даҕатан эттэххэ, маннык көрсүһүүнү кинини сэргэ күбүрүнээтэр Владимир Миклушевскай эрэ ыытта.

Ил Дархан киирии тылыгар Уһук Илин бүттүүн сайдыытыгар сыһыаран өрөспүүбүлүкэ туһунан кылгас гынан баран, толору иһитиннэриини оҥордо. Салгыы Егор Борисов суруналыыстар, эспиэрдэр ыйытыыларыгар хоруйдаата. Ил Дарханы кытта СӨ Уһук Илиҥҥэ бэрэстэбиитэлэ Георгий Никонов,  “Колмар” УК” ХЭУо генеральнайа Сергей Цивилев бааллара.

Биир идэлээхтэрбит Саха сирин туһунан балачча билэр чинчилээхтэр. Ыйытыы хабар иэнэ да киэҥ буолла. Холобур, “ «Лента.ру» уонна «Интерфакс-Дальний Восток», сүрүннээн, экэниэмикэ өттүн сэҥээрдилэр. Саха сиригэр сотору тэриллиэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы Пуондата хайдах үлэлиэҕин туһунан ыйытыы эмиэ киирдэ. Егор Борисов Пуонда сыл бүтүөр диэри түстэниэҕин, сабаҕалаан ааҕыынан, 2 млрд солк угуллуохтааҕын кэпсээтэ. “Алроса-Ньурба” хампаанньа бакыатын атыытыттан киирэр үп оҥорон таһаарыыны инвестициялыырга туттуллуоҕун эттэ. Сыала – олохтоох оҥорон таһаарыы уонна өҥө ырыынагын сайыннарыы уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмө. Кэлиэхтээх отут сылы көрөн, аччыгый уонна дьоҕус биисинэһи сайыннарары былаанныыбыт диэтэ. 

Нэһилиэнньэ киэҥ сирдэргэ көһүүтүн тохтоторго туох үлэ барарын, аны, холобур, Владивостокка үөрэммиттэр манна хаалыҥ да диэтэххэ төрөөбүт дойдуларыгар тардыһалларын кистэлэҥэ туохха сытарын эмиэ сэҥээрдилэр.  Онуоха баһылык ыччакка төһүү болҕомто уурулларын, сүрүн эрэл, кэскил кинилэргэ буоларын эттэ. Ардыгар эдэрдэргэ үрдүк эппиэтинэстээх салааны итэҕэйэҕин диэн хаарыллан да ыллар, ол санаатын уларыппатын биллэрдэ. “Миниистир” оонньууну, онтон салайааччылар иитиллэн, тирэҕирэн тахсалларын кэпсээтэ. Талааннаах оҕолору өйүүр Ыйаах таһаараары сылдьарын эттэ. Интеллектуальнай уонна үлэ кыаҕын улаатыннарыыга, успуорду көҕүлүүргэ үлэлэһэр сөптөөҕүн эттэ. “Асахи Симбун” диэн Дьоппуон хаһыатын бэрэстэбиитэлэ хапсаҕай быдан киэҥ ыырдаммытын, ону биһирээбитин бэлиэтээтэ.  Успуорт национальнай көрүҥнэрэ тарҕаныытыгар туох үлэ барарын ыйыталаста. Егор Борисов мас-рестлинг аан дойду таһымыгар тахсыбытын, оттон хапсаҕай киэҥник тарҕаныытыгар биллиилээх тириэньэр Дмитрий Коркин сүҥкэн оруолун, бүтүн успуорт оскуолата, тыа сиригэр үрдүк үөрэх кыһата баар буолуутугар олугу уурбутун холобурдаата. Тарҕатыыга көрүҥнэр судургу уонна өйдөнөмтүө быраабылалаах буолаллара эмиэ тирэх буоларын эттэ. 2010 с. хапсаҕайы FILA билинэн, аан дойдуга тарҕанар быраапатаммытын санатта. Бүтүн Арассыыйатааҕы успуорт федерациятын тэрийэргэ сөптөөх успуорт национальнай көрүҥнэрин реестрин быһаарар дойду сокуона тахсыбыта. Ол реестиргэ баара эрэ 4 национальнай спорт көрүҥэ киирбититтэн үһэ саха омук оонньуулара буоларын киэн тутта эттэ: хапсаҕай, мас-рестлинг уонна сахалыы ыстаҥа. Хабаровскай кыраай блогера А. Головко Ил Дархан социальнай ситимҥэ тахсарын, ыччаты, дьону кытта аһаҕас кэпсэтиигэ бэлэмин ордугургуу бэлиэтээтэ. Егор Борисов дьон тугунан тыынарын-ыалдьарын, туохтан ордук долгуйарын, баар дьиҥ балаһыанньаны билэр эрэ түгэҥҥэ инники сайдыы барар кыахтааҕын, онуоха бары ньыма көмөлөөҕүн, о.и. инстаграмҥа тахсыы, социальнай ситимнэргэ страница астыы – биир төһүү ньыма буоларынан быһаарда. “Араас санаа баар, утарыы да, өйөбүл даҕаны. Ол эрээри ити орто сүнньүнү быһаарарга көмөлөһөр”, --  диэтэ. Нерюнгритааҕы ТОР туһунан эмиэ ыйыталастылар, онно “Колмар” УК” дириэктэриниин хоруйдастылар. Кэпсэтии бүтүүтэ Камчатка бэрэстэбиитэлэ, бэйэтэ эппитинии, кэпсэтии “мүөттээх буочукатыгар” дьүөкэт ньуосканы кутар национальнай боппуруоһу биэрдэ. Интэриниэт кэпсииринэн, сураҕа, Саха сиригэр национальнай боппуруос сытыытык турар үһү. Нууччалары туоратар уонна эрэгийиэн салалтатыгар ончу талбат үһүбүт. Олоҕо суох сыанабылтан биһиги эрэ буолуо дуу, атын да суруналыыстар эмиэ харахпыт “быччайа” сыста. Егор Борисов бэрт холку. Ыйытыы биэрээччи бэйэтэ мух-мах барыар, сыыспыппын диэн билиниэр диэри чопчу уонна итэҕэтиилээх харданы биэрдэ. Магадан аатырбыт блогера Александр Крылов Саха сиригэр сылдьыбытын, Чурапчылыыр суол “аныгы технологиянан” тутуллубут ааттаах да, быстар мөлтөх туруктааҕын эттэ. Чэ, суолбут мөлтөҕүн өттүгэр баары туох диэн мөккүһүөҥүй. Ол гынан баран, түбэһиэхчэ түбэһэн диэбиккэ дылы, ол суолу анаабыт курдук...  ыйытааччы биир дойдулаахтара – магаданнар — туппут эбиттэр. Эмиэ күлүү дьиэрэйдэ. Барахсан кэлин инстраграмҥа суруйбут: “Саамай куһаҕан туруктаах федеральнай суолу Чурапчы туһаайыытынан Магадан бэдэрээтчиттэрэ туппуттар (кыбыстыытын)... Туризм баар буолуо. Тымныы полюһугар Магадантан массыынанан эрэ буолбатах, сөмөлүөтүнэн көтөр кыах эмиэ баар буолуо. Егор Афанасьевич уустук да ыйытыктарга холкутук хоруйдуур. Интэриниэккэ тирэҕирэн биир кэрэспэдьиэн нууччалар эрэгийиэн салалтатыгар дураһыйар да кыахтара суох диэтэ. Онуоха Егор Борисов кини иннигэр икки болдьоххо нуучча тыллаах бэрэсидьиэн олорбутун, кинини олохтоохтор сөбүлүүллэрин санатта. Арба, Саха сиригэр Арктика МедиаСаммитын ыытар наадатын туһунан этии киирбитигэр, тоҕо да ыытымыахха сөп этэ диэтэ. Онон күүтэбит”.

“Камчатское время” таһаарыыттын Евгений Сиваев: “Кумааҕы хаһыат эстэр-быстар туруктаммыт кэмигэр эһиги тиражкытын тута сылдьар кистэлэҥҥит тугуй?”, –  диэн ыйытта. Онно хардарарыгар Егор Афанасьевич СМИни өйүүрүн, усулуобунайынан, судаарыстыбаннай уонна судаарыстыбаннайа суох хаһыаттар диэн күрэстэһии баарын, быйылгыттан дьоҕус да суумаҕа буоллар, судаарыстыбаннайа да суохтары кытыарар гына, куонкурус ыытан сакаас оҥоһуллара саҕаламмытын, кэлэр сылга хааһынаҕа үп көрөн, судаарыстыбаннайа суохтары эмиэ өйүүр былааннаахтарын кэпсээтэ.

Түмүгэр уопсай хаартыскаҕа түстүбүт. Ыраахтан сылдьар биир идэлээхтэрбит көрсүһүүттэн астыммыттарын үллэһиннилэр.

Салгыы Егор Борисов Уһук Илин медиа-сообществотын түмэн, АТР медиа-сообществотыгар таһаарыы, былаас уонна масс-медиа сибээһин бөҕөргөтүү уо.д.а. туһунан кэпсэтиһэр пленарнай мунньахха кыттыбыта.  

Оттон биһиги салгыы дискуссияларга сырыттыбыт. Киэһэ, үөһэ суруйбутум курдук, тэрээһин үөрүүлээх сабыллыыта буолбута. Бэртээхэй тэрээһин, ити курдук, бүтэ оҕуста.

Татьяна Захарова-Лоһуура, Дьокуускай-Владивосток-Дьокуускай.