Киир

Киир

Саргы аатттыын, бэйэлиин нарынын-намчытын аата, оҕо сылдьыаҕыттан ордук уолаттары кытта тапсан оонньуур. Кинилэрдиин мээчиктиир, сэриилээх киинэ көрөр, лапталыыр. Оттон  кыра сылдьан букатын да убайдара анаан-минээн киниэхэ оҥорон биэрбит мас арагааккаларын туппутунан ойуурга моҕотойдуу ойсоро. Онон, омуннуу түһэн эттэххэ, уоллуҥу кыыс. Тэҥ саастаах кыргыттарын курдук, учууталлартан кистии-саба, уора-көстө кырааскаланар диэни күн бүгүнүгэр диэри билэ илик. Онно холоотоххо кини кылааһын кыргыттара үчүгэйимсийэр, харахтарын кылдьытын батыһыннара биллэр-биллибэттик кырааскаланар буолбуттара быданнаата. Арааһа, өссө бары да астынар уолаттардаахтар. Аттынааҕы оскуола үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэллэр.

Дьэ, онтуларын көрөн дьоллоноору нэдиэлэҕэ хаста да киинэҕэ сыбыытыыр идэлэммиттэрэ балай эмэ буолла. Бэҕэһээ киниттэн саамай чугас олорор биир кылааска үөрэнэр кыыһа  идэтинэн Саргыны киинэҕэ кучуйа сатаабыта. Ону батынан кэбиһэн “өстөөх № 1” буолла быһыылаах. Ол кыыһа куруук да аргыстаһан кэлэр бэйэтэ аргыстаһа соруммакка дьиэтин диэки хороҥолуу турда. Ээ, ол аайы Саргы кыһаллан бэрт. Сарсын убайдарын кытта балыктыы барсарын санаан, уоһа ыпсыбат буола үөрэн сэгэйэн иһэр. Кылааһын салайааччытыттан биир күнү анаан көҥүллэттэ. Онон “лепотаа”! Сарсын ахтылҕаннаах эбэлэригэр тиийэн балыктыахтара, айылҕалыын алтыһан, кыра эрдэҕинээҕилэригэр түһэн, мэниктээн да ылыахтара.

Убайдарыттан улаханнара – ¤ааска. Аармыйаттын быһаас кэлбитэ. Орто уол – Өстүөп – эксээмэннээх 10-с кылаас да буоллар, уол оҕото, эмиэ көҥүллэппит быһыылаах. “Чуолкай барабыт!”,  –  диэн, маарыын үһүс уруок кэнниттэн өҥөйөн ааспыта. Дьиҥинэн, көҥүллээбэтэллэр да, баран тэйэр киһи. Эмиэ оҕо эрдэҕиттэн балык диэн баран муннукка ытаабыт уол.

Саргы дьиэтигэр тиийиэ эрэ кэрэх, сахалыы сиэр быһыытынан, алаадьылыахтаах, ийэтин ыйыытынан-кэрдиитинэн, илдьэ барар ыһыктарын бэлэмниэхтээх. Ахсыс кылаас кыыһа – бээ, ой-бото улахан киһи. Өрө-таары хаампат гына, аара маҕаһыынтан ас атыылаһан ааһыа.

* * *  

Хата, ас маҕаһыына, анаабыт курдук, ааһар сирин айаҕар турар. Онон абыраналлар. Оҕо сааһыттан орох тэппит бэркэ билэр сиригэр кэлэн, тас аан иннинээҕи үктэллэргэ атаҕын ууран иһэн, өрө көрө түспүтэ, иннигэр биир уһун курбуу уҥуохтаах, хаһан да харахтыы илик уоланп уун-утары тахсан иһэр эбит. Кыл түгэнэ харах харахтарынан утары көрсөн аастылар. Ол көрүү фотоаппараат “шылк” гыннаран ылбытыгар дьүөрэлээн, кыысчаан өйүгэр-сүрэҕэр сүппэттии иҥэн хаалбыкка дылы буолла. Эбиитин тахсан иһээччини өссө да көрөн хаалларбын диэбиттии, бэйэтэ да билбэтинэн, эргиллэ биэрдэ. Уо-ай, анараата эмиэ эргиллибит! Көрбүт аҕай! Онуоха бэйэтэ да сырдык кыыс имин хаана кэйэн, мэктиэтигэр сирэйдиин, кулгаахтыын ип-итии буолан хаалла. Онтуттан олус диэн кыбыстан бэрт тиэтэлинэн киирэр аан тоҕо эрэ эмискэ кытаатан хаалбыт тутааҕын тардыаласта. Ыксаатахха, аан да аһыллан биэрбэтэ сүр! Киирэн иһэн, эмиэ, били “ыалдьартан – илии арахпат, таптыыртан – харах” дииллэрэ бу буоллаҕа, санаатыгар, сүр түргэнник “кылап” гынан ылбыта, уола ыас хара баттаҕа хараарыҥнаан, уулуссаны хайыы үйэ туораабыт. Үрүсээгин быатын көннөрө-көннөрө барда турда. “Ити ким буоллаҕаай?” – эмискэ буулаабыт санаа кыыс өйүн-санаатын үнтү ытыйан кэбистэ. Балык эрэ, туох эрэ умнуллубут курдук буолла. Аата, дьиибэтин! 

Саргы киниттэн тутулуга суох тиҥиргэччи тэбиэлээн барбыт сүрэҕин уоскута сатаан, ас прилавогын одууластаҕа буола турда. Атыыһыт Биэрэ: “Саргы, как обычно, үс килиэп?”, -- диэбитигэр, дьэ, сирдээҕи, урукку туругар түһэн, күлэн  мичилийээт атыылаһар бородууктатын эр-биир ааттаталаан барда.

* * * 

Сарсыарда эрдэ туран, хомунуу саҕаланна. ¤ааска аҕаларыттан хаалбыт эргэ эрээри, сэнэх УАЗигын собуоттаан, балыксыттар айаҥҥа туруннулар. Убайа тоҕо эрэ бөһүөлэги кыйа суолунан барбакка, киин диэки салайа туппутугар Саргы: “Хайаа, ханна бардыбыт?” диэн ыйыта оҕуста. Онуоха аттыгар олорбут кыра убайа Сиэнньэ: “Ээ, бу киһи бииргэ сулууспалаабыт уолун ылыах буолбут. Онто Старостиннарга түспүт сурахтааҕа, -- диир, убайын саннын таптайар:

  • Ханнык улуус ыччата диэтиҥ этэй?
  • Бүлүү. Үчүгэй уол! Кэпсээниттэн-сэһэниттэн күлэн быаргыт быстара буолуо. Эн Саргы, идэҕинэн, кыра оҕо курдук мээнэ-мээнэ буолаайаҕын эрэ. 
  • Айуу-чэ!! Улахан тойон эбит! Оттон баарбынан сылдьаа инибин. Балык эрэ хаптын.
  • Өскүөрүтүн этэбин. Ардыгар киһини да сатаан саҥардыбат гына тылыгыраан биэрэҕин ээ!

Саргы убайа баара эрэ икки сыл аармыйаҕа сылдьаат, кырдьык-хордьук, дуоспуруннанан хаалбытын, ардыгар атыҥырыыр. Урут үчүгэй да буолараа!! Мээчиктээн, лапталаан. Сүктэрэ сылдьан мэниктээн. Оттон билигин – ити. Байыаннай курдук хамаандалаабатаҕар махтал. “Ээ, чэ! Убай буо оттон” диэн бэйэтигэр бэйэтэ түмүк оҥостон, саҥата суох түннүгү одуулаһа олордо.

Уой даа! Старостиннар тастарыгар... бэҕэһээ аҕай көрбүт уола, били, үрүсээгин уҥа саннытыгар иилинэ быраҕан баран, хараҕа кинилэри кэтэһэн турар!

Массыына хорус гына тохтоотун кытта бэрт үөрүйэхтик иннинээҕи олбоххо олорунна. ¤аасканы, ол кэнниттэн кыра убайа Сиэнньэни кытта илии тутуһан дорооболосто. Онтон Саргы диэки илиитин ууммутанан хайыһан иһэн, соннук илиилэрин ситэри тиэрдибэккэ, салгыҥҥа ыйаан туруораат төттөрү ылла. Төһө да массыына иһэ борук-сорук курдугун иһин ити ыккардыгар эдэрдэр харахтара эмиэ кыл түгэнэ утарыта көрсөн ылла. Уол үөскээбит кылгас тохтобултан “уһуктан” иһиллэр-иһиллибэттик: “Привет!” диэт, үрүсээгин Сиэнньэҕэ уунна.

Саргы бирибиэккэ хардарда дуу, хардардата дуу? Өйдөөмүнэ да хаалла. Эмиэ бэҕэһээ эрэ билбит дьикти туруга бүтүн бэйэтин бүрүйэн кэбистэ.

Массыына кутуу суол сымнаҕас күрэҥ буорун өрүкүнэтэн, иннин диэки дьулурҕатык айаннаан куугунатар. Иннинээҕи уолаттар кэпсээннэрэ-сэһэннэрэ ыраатта. Ордук ¤ааска айаҕа сабыллыбат. Доҕорун көрбөтөҕө ыраатан, этиэҕэ-тыыныаҕа элбэх буоллаҕа. Оттон Сиэнньэ наушнигын кэтэн, букатан да “ыраах дойдуга” олорор. Төбөтүн, атаҕын биир тэтимнээхтик хамсатарыттан сылыктаатахха, муусука истэр.

Саргы массыына лобовойунан иннигэр нэлэллэр суолу көрөрдүү туттар да, хараҕа хара баттахтан арахпат. Куолаһын хаһан эрэ, ханна эрэ истибит курдук. Ханна? Тоҕо эрэ олус күндү. Билбэт эбээт, кинини.

* * * 

Саргы бу – тапталлааҕын кытта алтыспыт бастакы дьоллоох күнүн, арааһа, үйэтин тухары саныа-ахтыа турдаҕа. Эдэркээн сүрэҕин чып кистэлэҥ иэйиитин кимиэхэ эрэ аһыа эбитэ дуу? Кини ону билиҥҥитэ билбэт. Ол диэн, барахсаныҥ бастакы истиҥ таптал иэйиитигэр да ылларбытын ситэ-хото өйдүү илик. Үлүбээй туох дьикти туругар түстүм, тоҕо бу уолтан толлор, кыбыстар курдукпунуй диэн таайа сатыыр. Оҕотуга оччо, эбэтэр дьикти иэйии иилии хабан ылбыта соһуччута бэрт.

* * *

Сырыы уопсайынан табыллыбыта. Күөх Боллох сөптөөх балыгынан күндүлээтэ. Оттон Саргыга саамай сүрүнэ – кини хараҕа, сүрэҕэ туоххаһайа тардыһар бэрт дьикти уолун аттыгар сылдьара. Арба, убайа антах тиийээт сиһилии билиһиннэртээбитэ. Ураты уоламмыт аата Женя диэн эбит. Дьэ, туран биһиги кыыспыт Женя саҥатын, кини туттарын-хаптарын, арааһа, күнү да быһа саҥата суох одуулаһыах, истиэх чинчилээх. Ону баара, убайа эппитин курдук, оннук айылаах кэпсээннээх-сэһэннээх дии санаабата. Хайдах эрэ тугу эрэ этиэх курдук гына-гына туттунарга, бэл, кыбыстарга дылы. Эбэтэр Саргы эрэ аттыгар оннуга дуу? Тэйиччи бардылар да, күлүүлэрэ-үөрүүлэрэ сүрдэнэргэ эбээт.  

Киэһэ, халлаан хараҥарбытыгар кутаа тула олорон, балык үтэн сиэбиттэрэ, эчи, минньигэһин! Женя киниэхэ алыһар иилиллибит үтэһэтин уунан биэрэригэр алҕас икки (баара эрэ икки!) тарбаҕын үрдүнэн бэйэтин тарбахтарын кыл түгэнэ сыһыары тутан ылбытыгар... сүрэҕин ооккото субу айаҕынан сулбу ойон тахсыахтыы толугураабытыттан кыбыстыбытыан! Мэктиэтигэр уотунан оҕустарбыттыы дьигис гыммыта. Сирэйэ эмиэ итийэн хаалбытын убайдарым таба көрөн күлүөхтэрэ диэн, эбии куттал этэ.

* * *

Женя табаарыһа ¤ааска аармыйаҕа балтын туһунан биирдэ эмэ ахтан ааһааччы. Онон Саргыны бэрт мэник, уоллуҥу, кылгас лэппэҕэр баттахтаах, киирбит-тахсыбыт, убайыгар дьүөрэ дьүһүннээх орой мэник кыысчаан быһыытынан оҥорон көрөрө. Онто баара... ¤ааска аҕатын куопуйата буоллаҕына, Саргы ийэтин “сиэркилэтээҕи күлүгэ” эбит.  Маҕаһыыҥҥа аан бастаан тугут хараҕын курдугунан төгүрүччү көрбүт, ыас хара баттаҕын кулунчук кутуругун курдук хвостиктыы туттарбыт, обуйук уостаах, олус диэн нарын-намчы кыысчааны утары көрсөөт, тута астыммыта, сэргээбитэ. Сарсын дьэ, бээ, ¤ааскаттан ыйыталаһыам диэбитэ. Онто олох да, “быычыкаа” киһичээн, доҕорун бииргэ төрөөбүт балта буолан хаалбытыгар хайдах эрэ “мах” бэрдэрдэ.

Кини диэтэх киһи син бачча сааһыгар диэри элбэх кэрэ аҥаары кытта куодарыһан, сыллаһан-уураһан кэллэҕэ. Ыкса сыһыаҥҥа да киирии ханна барыай. Ол тухары маннык долгуйбутун, “эппэт кэлэҕэй буола” долгуйбутун санаабат. Саатар, онто ахсыс эрэ кылаас оҕото ээ! Аата, кыччаабытын!

Кулуһун сырдыгар Саргы өссө тупсан көстөрө. Итии балыкка уоһун сиэтимээри сэрэнэ-сэрэнэ сэгэйэн ыла-ыла, обуйук уостарынан балыгын сойута сатаан, үрэн чорбоҥолуурун киһи күнү да быһа, ымманыйа көрөн олоруох курдуга! Иэдэһигэр түспүт сүүмэх баттаҕы сэрэнэ өрө хаһыйыан, обуйук уостары умсугуйа одуулуон, устунан уураан-сыллаан барыан баҕарбыт санаатын кыйдыы сатыыр ухханыгар түспүтэ. Аралдьыйа сатаан гитара ылан, дьиҥинэн, Саргыга, киниэхэ эрэ анаан, таптал туһунан ыллаан барбытыгар кыыс бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан истибититтэн олуһун үөрбүтэ, долгуйбута. Ырыа бүтүүтэ “ити эйиэхэ ананар, сэгэриэм” диэҕин олуһун да баҕарбыта. Ол оннугар кыыһын уун-утары көрөн олорон: “Та-ак, брат! И такое бывает!” диэт, аттыгар турар куруускалаах чэйин сыпсырыйан барбыта.

Оттон абалаахтык “брат” буолан хаалбыт Саргы кыһыытыттан үөһэ тыынан ылбытын хайалара да, хата, өйдөөн көрбөтөҕө.

* * *  

Женялыын күлүм көрсүһүү, бииргэ алтыһыы итинэн бүппүтэ. Саргы тас көрүүгэ уларыйбатаҕын аатыгар, иһигэр атын киһиэхэ кубулуйбута, тута улааппыта. Кини сарсыарда хараҕын хайа тардыаҕыттан, хара утуйуор диэри саныыр-санаата, толкуйдуур толкуйа Женя буолбута. Дьиэтээҕи төлөпүөн тыаһыа эрэ кэрэх сүүрүүнэн тиийээччи кини буолбута. Ааҕааччы, сэрэйдиҥ ини, кини баҕар Женя убайбар эрийиэ, кыл да түгэнэ ахтар-саныыр киһим күндү көмүс куолаһын истиэм диэн тиэтэйэр. Убайын төлөпүөн нүөмэрдэрдээх блокнотун илиистэрин биири хаалларбакка арыйталаан, бэрийэн да биэрээхтээтэ. Ол тухары Женя диэни ончу көрбөт. “Корефан” диэн киһи нүөмэрин устан ылаат, биирдэ ким да дьиэҕэ суоҕун баттаһа долгуйа-долгуйа эрийбитигэр дьахтар туруупканы ылбыта. Иккиһигэр... эмээхсин. Ол кэннэ күүс ылан, кэпсэтэргэ санана илик.

Оо, Таптал, туҥуй таптал! Ама, бу манан түмүктэниэҥ, ыра санаа эрэ таһымыгар хаалан хаалыаҥ дуу? Эбэтэр барыта – иннилэригэр. Кыыс улаатыа эбээт.

Тапталина