Киир

Киир

Мин маны “Саха НКИХ” салалтатыгар аадырыстыахпын баҕарабын. Хас да сыллааҕыта анаалагабай тэлэбиидьэннэ 25 ханаалын киллэрэллэригэр «Саха НКИХ» суох этэ. Бу маннык дьайыы олус хомотон турар.

Ханнык да кыахтаах спутник тэриэлкэтэ “Саха НКИХ” биэриилэрин сүгүн-саҕын хаппат.

Мииринэйгэ Новосибирскайтан кэлбит тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ куорат кыбартыыраларын кэрийэ сылдьан хаабыл тэлэбиидэнньэтин босхо холботолообуттара. Абонент төлөбүрүн биир ыйга тыһыынча солк гыммыттара. Онтукаларыгар сахалыы биэрии мэлигир.

Дьон-норуот, төрөөбүт тылбытынан биэриилэри, сонуннары, сахалыы кэнсиэртэри, киинэлэри, атын улуустар хайдах олороллорун туһунан босхо көрүөн баҕарар. Босхо! Ама оннук бырааппыт суох үһү дуо?

Оттон Саха сирэ тэхнэлэгиичэскэй-информационнай сырдатыы өттүнэн ханнык да эрэгэйиэннээҕэр инники күөҥҥэ сылдьарын туһунан этэллэрин истэн турабын.

Оттон Өрөспүүбүлүкэ саамай улахан - Мииринэй оройуонугар, сэттэ тыһыынча саха олорор сиригэр, Сахабыт сирин, бэйэлээх бэйэбит сахалыы ханаалбытын босхо көрөртөн матан хааллыбыт. Мииринэйгэ сүрүн телекоммуникационнай тэрилтэ сүүс ханаалы холбуур. Сыыппараҕа аналлаах приставка атыылыыр, эбэтэр бу тэриэбэни уларсар. “Саха НКИХ” бу ханаал иһигэр баар.

Аны, бу сүүс ханаалбытыгар ый ахсын абонент быһыытынан балачча суумманы төлүөхпүтүн наада. Үлэлиир, сэниэ дьон бу суумманы уйунуохтарын сөп. Оттон дьадаҥылар, үгүс ахсааннаах биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр?!

Мииринэйгэ, ити курдук, Саха сириттэн төрүт тэйэн, тоҕоостоох тэлэбиидьэннэ чааһыгар матарыллан олоробут. Биһиги сахалыы сонуннары, киинэни, сэрийээллэри, оонньуулары уонна күрэхтэһиилэри көрүөхпүтүн олус баҕарабыт.

Бука диэн көрдөһөбүт - бу боппуруоһу уталыппакка быһаарыҥ эрэ.

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.