Былырыын эрэ ити кэрэ дойдуга сынньанан кэлбитим. Оттон быйыл аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт хамсык ыарыыга мин эмиэ хаарыйтаран, доруобуйабын чөлүгэр түһэрэр туһуттан чэбдигирдэр санаторийдары үөрэтэн көрөн баран, өссө да харахпыттан сүтэ илик кэрэ дуолга иккиһин барарга санаммытым. Тугу кистэниллиэй, сахалар доруобуйабыт туһунан тиһэҕэр эрэ саныыбыт. Үлэ-хамнас үлүскэнигэр, түбүк үлүгэригэр муора кытыытыгар тиэрэ таһыллан сытан, күҥҥэ сыламныырын саныыр саха ахсааннаах буолуохтаах. Дьэ, онон “аатырбыт куруортара диэн хайдах эбитий?” диэн, Хара муора кытылыгар турар Кырыыммар өссө төгүл үктэнним.
Дойду туһунан билиһиннэрдэххэ...
Муора кытыытыгар турар кэрэ айылҕатынан аатырбыт Кырыым Өрөспүүбүлүкэтигэр, атыннык ааттаатахха, Кырыым арыытыгар, урут-уруккуттан үгүс киһи тардыһар. Ыраахтааҕы чугас дьоно, кинээстэр дыбарыастара түмэлгэ кубулуйан турар сирдэрэ, биллиилээх суруйааччылар, бэлиитиктэр, артыыстар дьиэ-уот туттан сайылыыр, сынньанар ыырдара. Саха улуу суруйааччыта Былатыан Ойуунускай доруобуйатын чөлүгэр түһэрээри 1932 сыллаахха Ялтаҕа тиийэ сылдьан, “Бырастыы” диэн хоһоонугар:
“... Харака муорака дьалкыыра,
Харылыы баргыйар балкыыра,
Ытыллар долгунум, бырастыы,
Ыһыллар чөмчүүгүм, бырастыы!” -- диэн тылларынан улуу байҕалы ахтыбыта.
Кырыым хоту өттүттэн -- Хара муора, хотугулуу-илиҥҥи өттүттэн Азовскай муора ыпсыыларыгар турар. Муоратыгар эбии сылаас күннээх, дьыл ханнык баҕарар кэмигэр көҕөрөн турар үүнээйилээх, сүүрүктээх үрүйэлэрдээх, сымара таас хайалардаах, кистэлэҥнээх хаспахтардаах, өлгөм үүнүүлээх. Кырыым Гурзуф куоратыгар Сойуус саҕаттан дойду чулуу оҕолоро сынньанар “Артек” лааҕырдара баар. Бу олус дириҥ устуоруйалаах, элбэх хаан тохтуулаах, былдьаһыктаах дойду туһунан элбэҕи хасыһан суруйуохха сөп. Кэнникини аҕыннахха, Сойуус ыһыллыытыгар Кырыым Украинаҕа бэриллэн баран, 2014 сыллаахха Украинаҕа тахсыбыт бэлитиичэскэй быһыы-майгы түмүгэр Арассыыйа састаабыгар киллэриллибитэ. Быһа түһэн эттэххэ, Кырыым куораттарыгар хаһан эрэ килэйэн-халайан олорбут Сойуус олоҕун тобоҕо билигин даҕаны баар. Арассыыйа харчытыгар көһүү, саҥалыы тэринии, сайдыыга сыҕарыйыы, бытааннык да буоллар, саҥа биллэн-көстөн эрэр. Ол эрээри Кырыым дьоно уруккуттан тутуһан кэлбит үгэстэрин – ыалдьытымсахтарын, эйэҕэстэрин, айылҕалара биэрбит быйаҥын таба туһаналларын ыһыктыбакка сылдьалларын тута бэлиэтиир оруннаах.
Сөмөлүөккэ, пуорка ирдэбиллэр
Сөмөлүөккэ маасканы кэтэргин булгуччу ирдииллэр. Ону тутуспат киһини эрдэтинэ айантан аккаастанарга сүбэлииллэр. Урукку өттүгэр аанньа ахтыбат дьон баар буоллахтарына, мин көрөрбүнэн, дьон мааска ирдэбилигэр үөрэммит, ыарыыттан куттанара, сэрэхэдийэрэ биллэр. Онон, суолтатыгар да айахтарын сабынналлар, син тутуһаллар. Уһун айаҥҥа стюардессалар саҥа мааскалары биэрэллэр. Пуортарга сотору-сотору эпидемиологическай быһыынан-майгынан бэйэни харыстанарга ыҥыраллар. Кыраныысса таһыгар тахсааччылартан, эмтиир сиргэ, сонотуоруйга барааччылартан ПЦР анаалыһа булгуччу ирдэнэр.
Сонотуоруйу талыы
Дойду элбэх муннугар куруорт эҥинэ-эгэлгэтэ, арааһа – хара баһаам. Бары саайтардаахтар, чаҕылхай рекламалаахтар. Сыаналара барыларын да киэнэ “ытырар”. Сэмэй бүддьүөттээх суруналыыска үксэ кыайтарбат даҕаны. Кэлин саха дьоно олус сэргээн сылдьар Новосибирскайдааҕы “Сибиряк” сонотуоруйу сэргээн баран, муора уутугар, салгыныгар, күнүгэр талаһан, сыанатын да сымнаһырҕатан, Кырыым Алушта куоратыгар турар “Утес” сонотуоруйу таллым. Онуоха биир идэлээҕим, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа Аграфена Кузьмина сүбэ-ама буолла. Былырыын итиннэ эмиэ кини ыҥырыытынан баран кэлбитим. Сылдьыбыт хайысхам, үктэммит сирим, сөбүлээбит кыраайым. Онон Москубаҕа, онтон салгыы Кырыым киин куората Севастопольга диэри сөмөлүөккэ билиэт ылан, айаҥҥа туруннум.
Кырыым куораттара бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сыталларынан олус табыгастаахтар. Киһи биир сырыыга барыларын да көрөн кэлиэн сөп. Севастопольга түһээт, аэропорка тиийэр хайысхаҕар оптуобуска билиэт ылаҕын. Сүүрбэччэ киһи киирэр дьоҕус оптуобуһунан айаннаан, икки чааһы кыайбатынан Алушта куоракка тиийэҕин. Биир киһиэхэ 2 мөһөөхтөн тахса буолар. Онтон салгыы сонотуоруйга диэри таксыы... 1200 (!) солк. туура тутан ылла. Саайт нөҥүө сакаастаатахха, Севастопольтан итиччэ сыанаҕа тиийиэххэ сөбүн кэлин эрэ биллэҕим үһү. Онон сонотуоруйга диэри айан чэпчэкитэ суоҕун эрдэттэн сэрэтиим.
Генерал-лейтенант, кинээс Александр Гагарин огдообото, княгиня Анастасия Давидовна Гагарина Плако хомотун үрдүгэр туттарбыт замогын сиригэр олохсуйбут “Утес” сонотуоруй тута кэрэ айылҕатынан сөхтөрөр. Манна Кырыым биир кэрэ паарката баар. Сирэ-дойдута өҥ-быйаҥ буолан, өссө ааспыт үйэлэртэн соҕуруу дойдуттан от-мас арааһа аҕалыллан, айылҕата ураты. Халлааҥҥа харбаспыт кипаристар, харыйалар, бэстэр, дууптар, пальмалар, араас отонноох мастар, талахтар, онно эбии дьон кыһамньытынан олордуллубут от, талах, сибэкки арааһа хараҕы халтарытар.
Замокка бэйэтигэр санаторий дьаһалтата дьиэлэнэн, онно тута сынньалаҥҥын төлөһөн, сонотуоруй-куруорт каартатын илиигэр тутаҕын. Салгыы ыстаарсай сиэстэрэҕэ киирэн, эмтэнэр балыыһаттан доруобуйа туругун туоһулуур лииһи кытта ПЦР анаалыһын түмүгүн көрдөрөҕүн. Онтон кылаабынай быраастан туох ыарыылааххынан, туохха наадыйаргынан процедураларга анатаҕын.
Ингалятор үлэһитигэр этиҥ охсубут маһын биэрдим
Механо-терапевтическай массаас
Салгын кытта сыаналаах
Быһаччы эттэххэ, сонотуоруй – балыыһа буолбатах. Олохсуйбут ыарыыны суох гынар хайдах даҕаны кыаллыбат. Лабаратыарыйа, бороссодуура кэбиниэтэ диэн суох. Ыксал эрэ буоллаҕына, дьуһуурунай сиэстэрэ укуол туруоруон сөп. Кырыым сонотуоруйун сүрүн эмэ – уу, күн уонна салгын. Онон сылаас салгынтан, муора уутуттан, күнүттэн, ураты кэрэ айылҕаттан сүргэ көтөҕүллүүнэн, быстах процедуралар көмөлөрүнэн доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ үлэлэһэҕин.
Сонотуоруй босхо өҥөлөрдөөх. Бишофит диэн айылҕа миньэрээлинэн, эвкалипт отунан тыыныы, эмтээх оттортон оҥоһуллубут чэй, кислородтаах коктейль олорго киирсэллэр. Хамсык тыҥаны айгыратарынан, ити ыарыыга ыалдьыбыт дьоҥҥо ордук туһалаах. Итини таһынан массаас, лазерынан, маҕыньыытынан эмтээһин, фотохромтерапия, скелеотерапия, озокетиролечение, сыт терапията, вакуумнай терапия, баанналар, радар, ультразвук курдук өҥө элбэх эрээри, сорохторо тоҕо эрэ быстах кэмҥэ үлэлээбэт аатыраллар.
Ол оннугар төлөбүрдээх өҥө кумааҕыларын иннигэр тэлгэтэн кэбиһэллэр. Оннук өҥөлөр биирдии сийээнистэрэ 4 мөһөөхтөн саҕалаан, 1,5 тыһ.солк. диэри сыаналаахтар. Кырата 5-6 сийээниһи ыллахха эрэ туһалыылларын этэ сатыыллар. Итинник быраактыканы киһи өйдүүр. Ханна да буоларын курдук, олохтоохтор харчы өлөрө сатаан, салгыны кытта атыылыыллар. Киһи биирдэ кэлбиччэ, сөбүлэһэригэр эрэ тиийэр.
Оттон төлөбүрдээх өҥөлөрү билиһиннэрдэххэ, холобур, механо-терапевтическай массаас диэн баар. Кириэһилэҕэ сыттахха, хас да улахан ролик көхсүҥ быччыҥнарынан “ыалдьыттыыр”. Ити процедураҕа сылдьааччы элбэх. “Авантрон” диэн ааттанар маҕыньыыт стимуляция өҥөтө баар. Эр киһи уонна дьахтар ииктэтэр, ууһатар уорганнарын эмтиир кириэһилэ быччыҥнары кытаатыннарар, маҕыньыытынан сылытар. “Сухие углекислые ванны” диэн процедура көмөтүнэн хааны кислородунан байыталлар. “Надвенное лазерное освещение крови” диэн процедураҕа хаан баттааһыныттан эрэйдэнэр, саахар диабеттаахтар, ис-үөс ыарыылаахтар сылдьаллар. “Магнитотерапия” дэнэр хоруоп курдукка киирэн сытар процедура бары уорганнарга туһалаах. Итинник маҕыньыыт, уот көмөтүнэн барар процедура элбэх. Барыта киһи тус туругуттан, туох ыарыылааҕыттан, хармаана халыҥыттан тутулуктаах. Ханна даҕаны эмчит ыарыһаҕы илиитинэн таарыйбат быраактыката тэнийбитин бары билэбит. “Утес” сонотуоруй да онтон туора турбатах. Киһи илиитин сылааһын биир эрэ массаастан биллим. Хайыаххыный, олохпут оннук буоллаҕа. Эмчиттэр, үлэһиттэр тустарынан эттэххэ, эйэҕэстэр, түргэн-тарҕан туттунуулаахтар. Процедураҕа киһи толору бэринэрин, ол кэнниттэн хайаан да сынньанарын ирдииллэр.
Кырыымҥа куоска хас хардыы аайы баар
Туох барыта аһынан сыаналанар
Эмтэнии биир көрүҥэ – аһылык. Сонотуоруй “все включено” диэн бырагырааманан үлэлиир. Онон күҥҥэ үстэ шведскай остуол далбарыгар сылдьаҕын. Оннук остуолга син сырыттым ини, сылдьыбатым ини эрээри, Кырыымҥа курдук минньигэстик, дэлэйдик-холойдук, астыктык, үтүө суобастаахтык астаммыкка түбэһэ илигим. Барыта бэйэ бородууксуйатыттан астаммыта тута биллэр. Үүттэрэ, сүөгэйдэрэ билигин эрэ ыаммыттан, араарыллыбыттан итэҕэһэ суох. Йогуртара, суораттара, иэдьэгэйдэрэ сымнаҕаһа, сибиэһэйэ сүрдээх. “Аһылык барыта оҕуруот аһыттан астаммыт” диэтэхпинэ, сыыспаппын. Оҕуруот аһыттан салаат, икра, рулет, рагу, кэтилиэт, онтон да атын нууччалыы ас арааһа аһылык аайы уларыйа турар. Миин хас да көрүҥэ, ынах, куурусса этэ, балык мэлдьи баар. Нуучча, хохуол курдук бурдук аһын сатаан астааччы аҕыйах буолуохтаах. Ол сиэринэн, киһи айаҕар ууллар бурдук ас эмиэ күн аайы саҥаттан саҥа, сонунтан сонун кэлэн, үөрдэр. Киһи бэлиэтиирэ – ас барыта кыра туустаах, саахара, арыыта-сыата суох, киһи иһин-үөһүн ноҕуруускалаабат, сытыппат аналлаах. Тууһу-туманы бэйэҥ эбиниэххин, арыыны куттуоххун сөп.
Биллэн турар, маннык дэлэй-холой аска ыт оҥкучахха киирбитин курдук түһэр сатаммат. Чөлгө түһүөхтээҕэр куртах, ноор ыарыытын булан барыахха сөп. Ол эрээри, аһаҕастык эттэххэ, туттунар олус-олус ыарахан...
Ханна да дьон араас
Киһи ханна да тиийдэҕинэ, олохтоох аһы-үөлү интэриэһиргиир. Кырыым ити чааһыгар хаалсыбат. Өҥ сиргэ дэлэй үүнэр оҕуруот аһын, фруктаны сөбүгэр сыанаҕа хаачыстыбатын туһугар долгуйбакка эрэ атыылаһаҕын. Сыана Дьокуускайы кытта араа-бараа. Арай биһигиттэн уратыта диэн, киһи дьабадьытынан сүүрэр минньигэс сүмэһиннээх дьаабылыка, груша, слива, арбуз, инжир, клубника – саамай кэмэ. Ону таһынан хап-хачыгырас, сип-сибиэһэй оҕуруот аһын арааһа тобус-толору. Алушта куоракка киирэ сылдьан, гранаттан уонна винограттан оҥоһуллубут дьиэ утаҕын атыылаһан, амсайдыбыт. Биллэн турар, амтана ураты. Онтон тэлгэһэтигэр гранат үүнэн турар дьиэ хаһаайынын кытта кэпсэттибит. “Гранат билигин аҥаара даҕаны буспакка турар. Онон хиимийэ арыгыны амсайдаххыт. Манна арыгы собуота баар буолан, дьиэҕэ бэйэҕэ эрэ анаан оҥороллор. Биир бэйэм гранаппын онно туттарабын” диэн кэпсээннээх буолла. Били, биһиги тыабыт сиригэр ынахтаах олорон, маргарины сиир ыаллары санатар. Онтон атын киһиттэн гранат толору сыл харайыллар кыахтааҕын истэн, “чахчы, дьиэ утаҕын амсайбыт буолуохпутун сөп” диэн уоскутуннубут. Онон “дойдуларын аатын-суолун туһугар кыһаллар ыраас суобастаахтар, харчыга хараҥаран, хиимийэни туһанааччылар, ону тэҥэ атыттары хоруотааччылар ханна баҕарар бааллар” диэн түмүккэ кэллибит.
Кырыым сыаната:
- Үрүҥ килиэп – 40 солк.
- Үүт – 70 солк.
- Сымыыт (10 устуука) – 50 солк.
- Сыыр (1 кг) – 400 солк.
- Куурусса этэ (1 кг) – 150 солк.
- Сибиэһэй балык (1 кг) – 200 солк.
- Халбаһы (1 кг) – 450 солк.
- Йогурт (1 л) – 90 солк.
- Иһэр уу (1 л) – 40 солк.
Буруукта, оҕуруот аһа (киилэтэ)
- бинэгирээт – 110 солк.
- банаан – 70 солк.
- инжир – 230 солк.
- хортуоппуй – 35 солк.
- помудуор – 50 солк.
- луук – 30 солк.
- клубника – 200 солк.
Арыгы сыаната:
- Кырыым арыгыта – 280-500 солк.
- Ханньаак (0,5 л) – 550 солк.
- Кырыым пиибэтэ (0,5 л) – 50 солк.
Сынньалаҥ арааһа элбэх
Эр киһи олохсуйбут сиригэр хам хараҕаланар айылгылаах буоллаҕына, барыыга-кэлиигэ ордук дьахтар аймах баҕалаах. Кырыым ити чааһыгар баай, бииртэн биир хостоно турар элбэх кэрэлээх. Экскурсиялар биллэриилэрэ, киоскалара хардыы аайы баар. Былырыын сирдьиттээх буоламмын, сыана аҥаарыгар сылдьыбыт эбиппин. Айанныыр хайысхаҕа оптуобус эрэ сыанатын төлөөн баран, экскурсияны миэстэтигэр атыылаһар быдан барыстаах. Оттон сонотуоруйтан барарга хармаан биллэрдик чарааһыыр. Дьон биирдэ кэлбиччэ барытын көрөн хаалаары сорунар. Дьэ эрэ, олор сыаналарын кытта билсиэҕиҥ.
“Ласточкино гнездо” диэн ханаатынан тахсар суоллаах, Воронцов дыбарыаһыгар сылдьыылаах супер-туур улахан киһиэхэ – 1500, оҕоҕо 1400 солк. сыаналаах. Романовтар дыбарыастарын көрдөрөр Ливадия – Массандра экскурсиятыгар бэйэҕэр -- 1200, оҕоҕор 1100 солк. “суйданар”. Массандраҕа олохтоох утаҕы амсатар айан 900 солк. турар. “Тайган” диэн хахайдары көрдөрөр сафари-пааркаҕа улахан киһи -- 1300 солк., оҕото 1200 солк. төлөбүргэ күүлэйдиир. Бахчисарай диэн хан дыбарыаһыгар 1500-1600 солк. сыаналаах туурдар бааллар. Оҕоҕо онтон кырата суох төлөнөр. Кэпсээҥҥэ киирбит үүнээйилэрдээх Никитскэй ботаническай саакка 750 солк. киирэҕин. Оҕоҕор 700 солк. төлүүгүн. Гурзуфка кэлэ-бара теплоходунан айанныырга биир киһи 900 солк. төлүүр. Кытылга балтараа чаас күүлэйдииргэ бириэмэ бэриллэр. Ити суумаҕа төннүүгэ теплоходка гид көмөтө киирэр. Ялтаҕа үс чаас сынньанарга 350 солк. ылаллар.
Итинник курдук туур элбэх. Кырыым куораттара, дыбарыастара, тутуулара, пааркалара, хомолоро, хаспахтара, күрүлгэннэрэ, пааматынньыктара хара баһаам. Эппитим курдук, куораттар чугас-чугас буоланнар, күн иһинэн төннөҕүн. Ханнык да сонотуоруйтан араҕар сыана бу сыаналары кытта араа-бараа буолуохтаах. Итини таһынан массыынанан, атынан айаннар бааллар. Биир тылынан, хас хамсаныыҥ -- барыта харчы. Онон ити чааһыгар харчыны эмиэ суоттаныахха наада.
Оттон сонотуоруй иһинээҕи сынньалаҥы сырдаттахха, анал култуура үлэһиттээхтэр. Күн аайы оҕолорго анаан, онтон улахан дьоҥҥо дискэтиэкэ, араас оонньуулар тэриллэллэр. Караокенан ыллыахха сөп. Киэһэ аайы киинэ тыйаатырыгар баара эрэ 100 солк. бэртээхэй киинэлэри көрдөрөллөр. Оҕолорго оонньуур хос, улахан дьоҥҥо билийээр саалата, бибилэтиэкэ үлэлиир. Успуорт былаһааккатыгар путбуоллуохха, баскетболлуохха, тиэннистиэххэ, тренажердарга дьарыктаныахха сөп. Итини таһынан киһи аҥаардас сонотуоруй иһинээҕи пааркаттан уонна муора көстүүтүттэн “тотор”.
Куораттар икки ардыларыгар таһар теплоход
Кэһии, кэһии...
Инстаграмҥа биир сурутааччым “үүттээх тааста аҕал” диэн соруйсан, соһуппута. “Гранатта аҕалыаҥ дуо?” да диэччилэр бааллара. Урукку буолбатах, билигин дьоҥҥо сакааһынан сүүрэр айанньыт суох. Онно баар манна эмиэ баар. Эбиитин сөмөлүөккэ таһаҕаска эбии ирдэбиллэр киирэннэр, киһи элбэх таһаҕастаммат. Ол эрээри ыраах сиртэн илии тутук кэлэр сүрэ бэрт. Онон кэлиэхпит иннинэ кэһии хомуйустубут. Кырыымтан киһи кэһиигэ тугу аҕалыан сөбүй? Сыана хайдаҕый?
Маҕыньыыт, араас өйдөбүнньүк мал-сал дэлэй. Мин санаатахпына, кэлиҥҥи кэмҥэ халадыынньыкка иилиллэн турар маҕыньыыт муодата ааспыт. Биир бэйэм оннугу адьас сэҥээрбэппин. Сүбэнииргэ да киһи эрэ барыта үөрбэт. Онуоха Кырыым кэсмиэтикэтэ көмөҕө кэлэр. Муора отуттан-маһыттан, тууһуттан, бадарааныттан, Кырыым айылҕатыттан оҥоһуллар кэсмиэтикэ талбыта баар. Холобур, мыыланы 35 солк. ылыахха сөп. Сирэй, эт-сиин кириэмнэрэ, баанна туустара, бадарааннара, бальзам, маас арааһа элбэх.
Чэй -- 50-80 солк.. Рахат-лукум диэн татаар омук (Кырыымҥа татаардар элбэхтэр) минньигэһэ муннук аайы баар. Көрүҥэ элбэҕин! Хаҕыттан, ыйааһыныттан эмиэ сыаната араас. Олус үчүгэй хаачыстыбалаах путбуолка эрэ дэлэй. Сөтүөҕэ кэтиллэр, туттуллар таҥас, мал-сал ыһыллар элбэх. Эппитим курдук, сыана биһиэниниин тэҥ-сыһа. Киһи соһуйар чэпчэкитэ да, ыарахана да суох. Айаҥҥа ханна да туораабат буоллаххына, кэһиигэ фруктаны аҕалыахха сөп. Таһаҕаскар батар, кыаллар буоллаҕына, этэн аһарыллыбыт олохтоох утаҕы кэһии гыныахха эмиэ сөп. 500 кыраамнаах былаастык бытыылка 450-500 солк. сыаналааҕын эрдэттэн сэрэтэбин. Ити – саамай чэпчэкитэ.
Кырыымҥа сылдьыбыт буоллаххына, татаар чебурекитын, янтыгын уонна пахлава диэн илиҥҥи омуктар, ону тэҥэ татаардар, эриэхэттэн уонна тиэстэттэн оҥоһуллар минньигэс астарын амсайбатаххына табыллыбат. Ол ас кэһиигэ эмиэ олус барсар. Хаалааҕы 200-300 солк. ылыахха сөп. Обургу пахлаваны 150 солк. атыылааччылар эмиэ бааллар. Ол бытарыйа сылдьар буолан, арай аҕаларга уустук.
Ханнык кэмҥэ тиийэр ордугуй?
эмҥэ тиийэр ордугуй?Кырыымҥа хамнас кыра. Орто хамнас – 30 тыһ.солк. Уруккуттан туристар өҥөлөрүнэн олорбут сир буолан, дьон баарыгар олохтоохтор хамнастана сатыыллар. Эмтиир бырааһым “Ахсынньы ыйтан түөрт ыйга уоппускаҕа барабыт. Миэхэ, биэнсийэлээх киһиэхэ, ол охсубат. Оттон быыкаа хамнаска сылдьар, кыра оҕолоох асчыттар, иһит, муоста сууйааччылар хайдах олороллорун сатаан санаабаппын” диэн кэпсээтэ. Онон, хамнас кыратыгар эбии үлэ да суох буолан, Кырыымҥа эдэр ыччат уһуннук тохтообот. Баай-тот дойду эбитэ буоллар, нэһилиэнньэтин ахсаана да элбэх буолуо этэ.
Кырыым кыһына сымнаҕас, муоратын салгына ыраас буолан, кыстыырга олус табыгастаах. Ол эрээри кэмиттэн кэмигэр сытыы тыаллаах үһү. Онон ордук биэнсийэлээх дьон кыстыы кэлэллэр эбит. Оттон сөтүөлүү барааччыларга балаҕан ыйыгар түбэһэр “бархатнай сезону” баттаһарга сүбэлиэм этэ. Ити кэмҥэ куйаас уҕарыыр, уу сылаас, дьон-сэргэ лаппа аҕыйыыр. Биллэрин курдук, муора салгыныттан киһи тыынара чэпчиир, тириитэ тупсар, дууһата сынньанар, санаата көнөр.
Кырыымҥа барааччылар кэккэ ыарахаттары көрсүөхтэрин сөп. Ол курдук, айанньыттар киэҥник туһанар Booking уонна Airbnb диэн мобильнай сыһыарыыларынан хонук сири булар арыт кыаллыбат. Эт атаххынан кэрийэн, сирэй көрсөн кэпсэтиинэн быһаарыллыан эмиэ сөп. Ол иһин хонор, аһыыр сиргин тэҥинэн быһаарар пансионакка чопчу тиийэриҥ -- сынньалаҥ. Арассыыйа бары куораттарыгар курдук, “Сбербанк” банкоматтара суохтар. Кырыымы РНКБ баан хааччыйан олорор. Былырыын кумааҕы харчыны устар ыарахаттардаах буоллаҕына, быйыл РНКБ баҥкамаатыттан Сбербаан каартатынан харчы уһулар кыаллар буолбут. Ол да буоллар, уу харчылаах сылдьар ордук. Атыыһыт, аһыыр, хонор сир эрэ барыта төлөбүрү мобильнай баанынан, каартанан ылар кыаҕа суох.
Кырыымҥа биир хонук сыаната.
Ити сууматтан саҕаланар:
Хос |
1000 солк. |
Дьиэ |
1600 солк. |
Кыбартыыра |
2000 солк. |
Хостел |
1000 солк. |
3 сулустаах көстүүнэй |
3000 солк. |
4 сулустаах көстүүнэй |
5000 солк. |
5 сулустаах көстүүнэй |
15 000 солк. |
ҺВсе включеноһ диэн бырагыраамалаах көстүүнэй |
10 000 солк. |
Чааһынай дьиэни 1500-5000 солк. булуохха сөп. Итиннэ биир тарыып суох. Барыта куортамныыр хаһаайын хайдах настырыанньалааҕыттан, харчыга төһө иҥсэлээҕиттэн тутулуктаах. Онон хайдах түбэһэргинэн, кэпсэтэргинэн.
Суотабай сибээс чааһыгар эмиэ ыарахаттар бааллар. Холобур, МТС-ка соторутааҕыта роуминг диэн сотуллубут, ол эбэтэр Арассыыйа бары куораттарыгар тарибы уларыппакка эрэ сылдьар кыаллыбыт буоллаҕына, Кырыымы ол уларыйыы таарыйа илик. Билайн ситимэ эмиэ тохтуур. Онон олохтоох симканы атыыластахха табыллар. Маннааҕы симканан көстүүнэйдэргэ, эрэстэрээннэргэ вайфай ситимигэр эрэ холбонноххо, сибээскэ тахсаҕын. Биһиги оннук сырыттыбыт. Төлөпүөнтэн сынньаныы биир көрүҥэ эбит.
Түмүккэ Кырыым курдук кэрэ сиргэ сэмэй бүддьүөттээх киһи толору, астыктык сынньанар кыахтаах диэн этиэм этэ. Биллэрин курдук, айанныыр киһи туругуттан, настарыанньатыттан олус тутулуктаах. Киһи тугу баҕарарын көрөр, баҕарбытыгар түбэһэр. Онон айанныах иннинэ бэйэни үчүгэйгэ сыаллыыр, сынньалаҥ табылларыгар эрэнэр олус наадалаах. Итэҕэс-быһаҕас ханна баҕарар баар. Онтон аһара иҥнибэккэ, тырыта барбакка, холкутук сырыттахха, барыта этэҥҥэ салаллар.
Оксана ЖИРКОВА.