Соторутааҕыта "Вертолёт" диэн саха саҥа уус-уран киинэтэ ситиһии бөҕөлөннө: «Киношок» СНГ уонна Балтия дойдуларын киинэтин аһаҕас бэстибээлигэр бастыҥ «Золотая Лоза» наҕарааданы, «Пресса бастыҥ бирииһэ», «Бастыҥ режиссёр үлэтэ» уонна «Бастыҥ эпэрээтэр үлэтэ» анал ааттары ылла; Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы «Золотой ворон» Арассыыйа Уһук Хоту сиригэр киинэ V бэстибээлигэр тэрийээччи хамыыһыйа анал бирииһигэр тигистэ.
«Кыым» хаһыаппытыгар «Вертолет» киинэ режиссёра Михаил Лукачевскай уонна сынаарыйын ааптара Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй ыалдьыттаатылар. Кинилэри кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһии буолла.
– Михаил уонна Лэгэнтэй, үтүө күн буолуохтун! Дьэ бу «Вертолет» киинэни устуу идиэйэтэ эһиэхэ хаһан көтөн түспүтэй? Уонна бу айымньынан дьоҥҥо-сэргэҕэ тугу кэпсии сатаатыгыт?
Лэгэнтэй: – 2013 сыллаахха Чурапчыга улахан Спортивнай оонньуулар ыытыллыбыттара. Оруобуна бу кэмҥэ Усуйаанаҕа улахан араллаан тахсыбыта, бөртөлүөт сууллубута, хомойуох иһин, элбэх киһи суорума суолламмыта. Мин ити куһаҕан сураҕы олус чугастык ылыммытым. Онтон 2015 сыл тохсунньу ыйыгар, уһун өрөбүллэргэ даачабар олорон кэпсээн суруйан киирэн бардым. Бу кэлиҥҥи сылларга хоту оройуоннарга олорооччулар, биһиги, айанныырбытыгар элбэх күчүмэҕэйдэри көрсөрбүт туһунан кэпсиэхпин баҕарбытым. Онтон кэпсээммин суруйан бараммын, Миша Лукачевскайга таҕыстым. Кинилиин эрдэттэн билсэ сылдьар этибит, хаста даҕаны килиип устубуппут, эрдэ наар миэхэ “туохта эмэ суруй” диир этэ. Дьэ бу айымньыбар хоту дойду ыарахан олоҕо кэпсэнэр. Эдэр ыал олоҕунан хоту дойдуну, айылҕата кэрэтин, дьоно-сэргэтэ сэмэйин, тулуурун, олохторун-дьаһахтарын көрдөрө сатаатыбыт. Бүтэһигин, тус олохпор ыарахан кэм тирээн турар бириэмэтэ буолан дуу, хайдах дуу, наһаа хомолтолоох гына түмүктээн кэбиспитим уонна Мишаҕа аахтарбытым. Миша кэпсээммин ааҕан баран этэр: «Оҥоруохха, ылсыахха. Ол гынан баран бу сценарийбыт хайдах эрэ билиҥҥи былааһы утарар курдук буолбут. Ис хоһоонун сөбүлээбэт дьон наһаа элбэх буолуохтара. Ол гынан баран уот харахха суруйбуккун», – диир. Ускуустуба дьиҥнээҕи этиэхтээх буоллаҕа. Оттон дьон бэйэтэ сөбүн дуу, сыыһатын дуу быһаарыа. Ону биһиги көрдөрүөхтээхпит, мин итини толору сөпсөһөбүн. Дьэ, онтон эмискэччи саҕалаан, ылсан бардыбыт, онтон-мантан харчы буллубут уонна ити 2015 сыл cааһыгар саҕалаатыбыт.
– «Вертолет» киинэни устуу үлэтин хаамыытын кылгастык ааҕааччыларбытыгар кэпсии, билиһиннэрэ түһүөх. Ханна уһуллугут? Кимнээх күүс-көмө буоллулар?
М: – Дьэ, киинэбитин устарбытыгар биир сүрүн кыһалҕалаахпыт – харчыбыт суох. Бэйэбит ис сүрэхпититтэн баҕарар буоламмыт ылыстахпыт. Биһиги «Сайсары Синема» диэн устуудьуйалаахпыт, итинтэн Сема Аманатов, Любовь Борисова уонна мин буоламмыт үлэлээтибит. Ити хамаанданан хас даҕаны киинэни устубуттаахпыт – «Таайымаҥ тапталы», «Ыллыктар», «Спасатель», «Якутск я люблю тебя» уо.д.а. Киинэ устар баҕа баһаам, ол иһин туохтан даҕаны иҥнибэккэ устан бардыбыт. Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов, Тутуу ырыынагын генеральнай дириэктэрэ Иван Данилов, Өймөкөөн улуһуун уопсастыбанньыга, мэссэнээт Александр Крылов, оччолорго «Синет» сайдыы бөлөх дириэктэрэ Арсен Томскай, Федор Кравченко дириэктэрдээх «Горный автодор» АО, оччотооҕу Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров уонна даҕаны куруутун өйүүр, ааттара ааттаммат убайдарбыт көмө буолбуттара. Лэгэнтэй бэйэтин массыынатын атыылаан үбүлээһиҥҥэ эмиэ өҥө оҥорбута. Александр Крылов Михаил Захаровы кытта кэпсэтэн, бөртөлүөт буларга көмөлөһөн, бэл аспытын-үөлбүтүн булан биэрэн улаханнык өйөөбүтэ. «Сахафильм» аппаратура бөҕөтүн уонна сабыс-саҥа атыыласпыт УАЗ массыыналарын уларсыбыта. Успуонсардарбытыгар улаханнык махтанабыт. Ол эрээри улахан бырайыак буолан, харчы өттүгэр син биир уустук этэ. Биһиги аан бастаан сааскы кэми көрдөрөр буоламмыт, манна чугастааҕы сиргэ, куорат таһыгар Капитоновкаҕа киинэбитин саҕалаабыппыт. Мыраан аннын хайа быара гына оҥорон уһуллубут. Онтон дьэ хоту дойду айылҕатын уста диэн Өймөкөөҥҥө айаннаабыппыт. Онно баар хайалар Дьааҥы киэннэрин кытта майгыннаһаллар буоллаҕа. Айаннаан иһэн Томпо улууһун Хаандыга, онтон Уус Ньара хайаларын, таас үрэхтэрин устубуппут. Уустук каадырдарбытын Өймөкөөн Үчүгэй нэһилиэгэр оҥорбуппут. Онно Ирина уонна Семен Винокуровтар дьиэ кэргэн, оччолорго оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар уоллара Дугуйдаан, биһиэхэ көмө бөҕө буолбуттара.
Л.: – Ити Дугуйдааммыт билигин Лондоҥҥа баран иһэр. Уопсайынан, ити аймахтар саха сылгытын өрө туппут дьон эбит. Ити уоллара акка олорсон, саха Дьөһөгөйүн оҕотун билиһиннэрэр-көрдөрөр туһуттан ыраах айаҥҥа турунна. Кини Лондоҥҥа тиийдэҕинэ, саха сылгыта аан дойдуга аатырыа. Уопсайынан, хоту дойду дьоно оҕону кыра эрдэҕиттэн барыны-бары сатыыр гына иитэллэр. Онон кыра эрдэхтэриттэн сылгыны, табаны көрө, хаһаайыстыба ис-тас үлэтигэр сыстаҕас, барытын билэ, сатамньылаах буола улааталлар.
М.: – Дьэ, маннык буолан турардаах. Таас үрэҕи атынан туоруур сыананы устаары бэлэмнэнэбит. Аны туран, уубут тыбыс-тымныы, күүстээх сүүрүктээх.
Туораттан көрдөххө, арай судургу буолуох курдук эрээри дьиҥнээхтик атынан туоруурга, мээнэ киһи санаммат дьыалата. Ол иһин буоллаҕа, артыыспыт Гаврил Менкяров бастаан киирбэккэ толкуйдуу, саарыы турда. Атын биэрэккэ хаамтаран көрдө. Оттон мин Дугуйдааҥҥа: «Эн киирэн көр эрэ», – диэтим. Онуоха киһим: «Киирэн бөҕө буоллаҕа», – диэтэ уонна гидро-көстүүмү кытта артыыс таҥаһын кэттэ. Баҕар, дубляж курдук көхсүттэн устуохпут дии санаатыбыт. Дьэ, уол көтүтэн киирдэ ээ! Уонна тимирэн ыла-ыла тахсан кэллэ. Киһи наһаа сөҕөр түгэнэ этэ. Дьэ, бу Дугуйдаан хорсуннук ууга киирэн тахсыытын барытын уһуллубут дии санаабыппыт да, эпэрээтэрим батарыайата олорон хаалбыт эбит! Инньэ гынан Гаврил Менкяров бэйэтин сыанатыгар толору уһулларыгар күһэлиннэ уонна: “Бэйэм киирэн тахсыым”, - диэтэ. Арааһа, оскуолаҕа үөрэнэр Дугуйдаан уолбутун холобур оҥоһунна быһыылаах. Онтон хорсуннук бэйэтэ ууга киирэн тахсыбыта. Ол эрээри, били, ууга тимирэн ыларыгар атаҕа тоҥон, аккаастаан кэбиспит этэ. Олус тымныы уу буоллаҕа дии! Онуоха биһиги эпэрээтэрдиин ууттан хостоон таһаараммыт, киһибитин массаастаан, буокканан сотон эҥин ириэрдибит уонна Үчүгэйгэ баанньыкка атаардыбыт.
Л.: – Ганя Бүлүү эҥээр уола буоллаҕа дии. Онон ити Таас Үрэх майгытын, айылҕата уратытын этинэн-хаанынан эҥин билбэт киһи буоллаҕа. Дьиҥинэн, ити үрэхтэри мээнэ киһи туораабат ээ. Аннынан сүүрүктээх, чүөмпэлэрдээх, эмискэ кэлэр дьаамалардаах. Маны барытын бу дойдуга төрөөбүт эрэ киһи билэр буоллаҕа дии. Ону Ганя хорсунун көрөн бараммын, улаханнык сөхпүтүм уонна убаастыы санаабытым. Биһиги бу сыананан хоту дойду дьоно айан суолугар күчүмэҕэйдэрдээх буолан, итинник атынан айанныырга күһэллэллэрин, ол айаннаан иһэн маннык ыарахаттары көрсөллөрүн көрдөрө сатаатыбыт.
– Оттон артыыстаргытын хайдах талбыккытый? Гаврил оннугар тоҕо хоту дойдуттан төрүттээх киһини булбатыгыт?
М.: – Мин Гаврилы эрдэттэн билэр этим. Кинини артыыс быһыытынан сыаналыырым уонна дьоруойум оруолун кини толоруохтаах диэн харахпар көрөр этим. Оттон кыыһы буоллаҕына, билэрдии бастаан Галина Тихонованы ыйыппытым. Онуоха аккаастаммыта уонна Инга Леонованы сүбэлээбитэ. Онтон толкуйдаан көрөн баран: «Кырдьык даҕаны, бу кыыс барсар эбит», - диэтим. Кини Мииринэй Сүлдьүкээриттэн төрүттээх.
Л.: – Инга сырдык хааннаах, бааһынай буолан, чахчы, барсар буолан тахсыбыта.
М.: – Оннук. Дьоруойбут ураты дьүһүннээҕэ биһиэхэ оруобуна сөп түбэстэ. Оттон ийэлээх аҕа оруолларыгар эпэрээтэр уолбут артыыс Степановтары ыйбыта. Ефим Николаевич элбэххэ үөрэппит учууталым этэ. Мин Саха тыйаатырыгар тиийдим да, наар киниэхэ киирэр этим. Киинэ устарбар барытыгар миэхэ сүбэ-ама буолар этэ. Уобарастарбын эҥин оҥорорбор наар киниттэн кэлэн ыйытааччыбын. Ефим Николаевич Саха тыйаатырын мусуойун тойоно буоларын быһыытынан, реквизиттэри, ол-бу араас малы, таҥаһы уларсан абырыыр ээ. Онон, үчүгэйдик билэр киһим буолан, үлэлииргэ даҕаны табыгастаах. Оттон дьиҥнээх кэргэнэ Наталья Ивановна киинэҕэ эмиэ кини ойоҕун оонньообута. Аҕам саастаах, уопуттаах артыыстар бааллара биһигини олус үөрдэр, кынаттыыр этэ. Кинилэр аттыбытыгар буоллахтарына, киһи эрэллээхтик сылдьар эбит, ол-бу сыыһа-халты буолар түбэлтэтигэр сүбэ-ама буолуохтара диэн эрэх-турах саныыгын.
– Киинэ устуута хайдах ааспытын туһунан салгыы сэгэтэн биэрэр буоллахха?
М.: – Уопсайынан, били, нууччалыы этэр буоллахха, “на голом энтузиазме” устан саҕалаатахпыт дии. Ол иһин бэйэбитин киинэ эйгэтигэр үөрэнэ сылдьар устудьуоннар курдук санаммыппыт. Лэгэнтэй айымньытыттан киинэҕэ барсар гына сынаарыйбытын суруйа сатаабыппыт этэ да, үксэ барыта импровизация курдук барбыта. Хайдах эрэ бэйэбит ис-иһигэр киирэн, сороҕун тута айан, устан бардыбыт. Били, раскадровкабыт да, режиссёрга аналлаах сынаарыйа да суох уһуллубут ээ.
Л.: – Киинэ бэстибээлигэр, пресс-кэмпириэнсийэҕэ сырыттым. Онно киинэ туһунан ыйытыыга «они сами так сделали» диибин, ону кинилэр «вот в этом уникальность якутского кино» дииллэр. Талааннаахтык үчүгэй импровизация оҥорор буоламмыт оннук.
М.: – Оттон атыттарга барыта, сынаарыйа, раскадровката буоллун, олох чопчу суруллар ээ. «Фильм готов, осталось его только снять» диэн өйдөбүл баар. Биһиги, сахабыт киинэтин устар кэммитигэр бултуу, туста сылдьар курдукпут (күлэр). Ол эрээри барытын хайдах эрэ, ким эрэ ыйан-кэйэн биэрбитинии табыллан иһэр. Киинэни устуу кэмигэр эмискэччи суор хантан эрэ баар буолан хаалбыта, халлааммыт санаабыт хоту туран биэрэр эҥин. Айылҕабыт бэйэтэ туран биэрэр курдук.
– Хамаандаҕар кимнээх үлэлээтилэр?
М.: – Режиссёр – мин, Семен Аманатов – эпэрээтэр, иккис режиссёр – Любовь Борисова, худуоһунньук – Саргылана Скрябина. Маны таһынан, үөрэнэ сылдьар эпэрээтэрдэр, худуоһунньуктар уонна ХИФУ устудьуоннарын этэрээттэрэ көмөлөспүттэрэ.
– Бу киинэни устаргытыгар ким эмэ сүбэ-ама биэрэн көмөлөстө дуо?
Л.: – Уопсайынан этэххэ, саха киинэтин өрө көтөҕүллүүтэ баар буоллаҕа дии, бэстибээллэргэ балачча биллэбит-көстөбүт. Сүбэ-ама этиллибэтэҕин да иһин, бу төрүт киинэбит үгүс ситиһиитэ киһини айымньылаахтык үлэлииргэ кынаттыыр, көҕүлүүр.
М.: – Өймөкөөҥҥө сырыттахпытына, олохтоох уолаттар сүбэлииллэр этэ. Устар бириэмэбитигэр тэҥҥэ сылдьыспыттара уонна «итинник буолбат», «маннык гыныҥ» диэн, ыйан-кэрдэн биэрэллэр этэ. Кинилэр дьиҥнээх табаһыт уолаттар буоллахтара дии, онон хоту дойдуга тоҥмут, аччыктаабыт киһи хайдах буоларын биһигинээҕэр үчүгэйдик билэллэр.
– Дьэ, бу уста сылдьар кэмҥитигэр туох эмэ ураты, көстүбэт эйгэни кытта сибээстиэххэ сөптөөх дьикти түгэннэр буолбатылар дуо?
М.: – Киинэни устуу диэн бэйэтэ мистика. Мин, уопсайынан, киинэ устар кэммэр ситиһиилээх буолан хаалар курдукпун. Холобур, «Таайымаҥ, тапталы» үлэбин уста сылдьаммын, наһаа үчүгэйдик латырыайаҕа сүүйбүтүм. Ону таһынан, туох барыта санаабытыҥ хоту туолан иһэрэ эмиэ биир дьикти. Туман түһүөн баҕарбытым, сарсыныгар туманнаах сарсыарда буолар эбэтэр ардахха наадыйдахпына, истибит курдук кэлэн түһэр, кэрэ көстүүлээх саҕаҕы кэтэспитиҥ эмиэ ол киэһэтигэр наһаа астык күн киириитэ буолар. Санаабытым хоту буолан, туолан иһэриттэн сөҕөбүн. “Бу айар-тутар киһи айымньылаахтык үлэлиир кэмигэр, арааһа, киһиэхэ туох эрэ арыллар быһыылаах эбэтэр иччилэр, үрдүкү күүстэр көмө буолаллар дуу...” дии саныыбын. Холобур, аара суолга массыынабыт алдьанан, ол ону кэтэһэр кэммитигэр аччыктаан эҥин ылбыттаахпыт, онуоха хас уулаах сир ахсын кус баар буолан биэрэр, ону бултаан ылан, хата, наһаа тотоойу миин өрүнүллэрэ.
– Киинэҕит устуутун тоҕо олус уһатан кэбистигит?
М.: – Дьиҥинэн, эрдэ бүтэрбит курдук буолбуппут ээ. Ол эрээри “тугунан бүтэрэрбитин толкуйдаабыппыт” диэххэ сөп. Ити Лэгэнтэй кэпсээнин түмүгэр оҕобут өлөөхтүүр этэ. Ону биһиги үчүгэйинэн бүтэриэхпитин баҕарбыппыт. Семалаах: «Үчүгэйдик түмүктүөх, бүтэһигэр дьоммут наһаа үчүгэйдик тиийэн кэллиннэр», - диэбиттэрэ.
Л.: – Мин кэпсээмминэн бардын диибин. Итинник түмүктээтэххитинэ, киинэбит ис хоһооно ситэ арыллыбакка хаалыа, болҕомтону ылыа суоҕа диибин. Онуоха сүрүн дьоруойбутун толооччу артыыс Гаврил Менкяров: «Мин билигин икки игирэ оҕолоноору сылдьабын, аньыыргыыбын эбэтэр уһуллубаппын», – диир.
М.: – Мин эмиэ игирэ оҕолордоммутум ээ. Семабыт эмиэ игирэлэммитэ. Ол иһин, дьэ, сылтан сыл аайы мустан киинэбит бүтүүтүн устубута буоллубут, хайдах түмүктүүр барыйааннарын оҥордубут диэххэ сөп. Ол эрээри бүтэһигэр кэлэн 2015 сыллаахха устубут финалбытынан барда.
– Лэгэнтэй, эн бу киинэҕэ анаммыт кэпсээҥҥин суруйа олороҥҥун, хараххар барытын ойуулаан көрдөҕүҥ. Дьэ, чочуллан тахсыбытын кэннэ “санаа хоту табыллыбыт” дии санаатыҥ дуо?
Л.: – Киинэни айымньыбынааҕар өссө үчүгэй буолбут дии санаатым. Маннык аҕыйахта буолар быһыылаах. Атын киинэлэр холобурдарын ылар буоллахха, үгүстэр «кинигэтэ үчүгэй этэ» дииллэр дии. Оттон мин билигин, төттөрүтүн, киинэбит кэпсээмминээҕэр быдан табыллыбыт диибин. Тугу этэ сатаабыппын барытын олус үчүгэйдик, аһаҕастык тиэртэ. Онон аныгы сыл олунньутугар «Вертолёт» киинэбит премьератын долгуйа кэтэһэбин. Онуоха диэри ыарыыбыт аччаатар, ол-бу хааччахтар тохтууллара буоллар. Оруоллар тустарынан этэр буоллахха, Инга Леонова санаабытым курдук, толкуйдаабыт уобараспар олус табылынна. Биһиги бу киинэбитинэн бэстибээлгэ кыттар кэммитигэр сүрүн оруолга оонньообут дьону хайҕаабыттара. «Бу маннык сырдык хааннаах кыыһы соруйан талбыккыт дуо? Сөпкө даҕаны оруолларгытын талбыккыт. «Бастыҥ дьахтар оруола» диэн анал аат баара эбитэ буоллар, киниэхэ булгуччу иҥэриэхтээх этибит», – диэбиттэрэ. Онно бары профессионал буоллахтара дии, экирээҥҥэ көстөрү барытын кыраҕытык кэтээн көрөллөр. Маны таһынан аҕа саастаах артыыспыт Егор Степанов киинэни эмиэ адьас тутан олордо. Миэхэ кини оруола бу дойду иччитин курдук көһүннэ.
– Аны киинэбит кэлиҥҥи улахан бэстибээллэргэ ситиһиилэрин туһунан кэпсэтиэх. Маннык улахан наҕараадаларга тиксиэхпит диэн эрэл баара дуо? Үөрүүгүт туругун туһунан үллэстэ, кэпсии түһүҥ.
Л: – Бастаан «Окно в Европу» бэстибээлгэ барбыппыт. Манна киинэ кириитиктэрэ уонна киноведтар интэриниэт-куоластааһыннарын билиниитин ылбыппыт. Оттон иккис «Киношок» СНГ уонна Балтия дойдуларын аһаҕас киинэтин бэстибээлигэр соҕотох тиийдим. Манна Арассыыйаттан, Белоруссияттан, Казахстантан, Узбекистантан, Кыргызстантан, Таджикистантан, Азербайджантан, Эстонияттан, Арменияттан 12 киинэ кытынна. Дьэ, бу бэстибээлгэ биһиги кыайан таҕыстыбыт – бастыҥ «Золотая Лоза» наҕараадаҕа тигистибит! Маны таһынан, киинэбит «Бастыҥ пресса бирииһэ», «Бастыҥ режиссёр үлэтэ», «Бастыҥ эпэрээтэр үлэтэ» анал ааттарынан наҕараадаланна. Дьэ, билиһиннэрдэхтэрин ахсын тахсан истим, олох “бенефистээн эрэбин дуу?” дии санаан ыллым! Бүтэһигэр кыбыстан киирэн бардым. Ол быыһыгар аны ырыаһыппын билэн кэбистилэр, онон сыанаҕа тахсан ырыа ыллаатым. Бэстибээл тэрийээччилэрэ көстүүм бэлэхтээтилэр. «Бастыҥ режиссёр үлэтэ» наҕарааданы ылан түһэн истэхпинэ: «Иннокентий, не спускайтесь, идите сюда», – диэн төттөрү ыҥыран ыллылар. «Вы, наверное, устали туда-сюда ходить, останьтесь здесь», – диэтилэр. Мин дьэ эмиэ туох эрэ буолаары гынна дии санаатым, ол тухары сүрүн бириис туһунан толкуйдаабакка турабын. Онтон дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ тахсан баран: «Главная награда «Золотая Лоза» вручается фильму «Вертолёт»! – диэтэ. Дьэ мин, били нууччалыы этэр буоллахха, эйфория буола түстүм, үөрдүм аҕай. Киһи бөҕөтө кэлэн кууһар-хайыыр. Оттон сэмэйим бэрт буолан, хаартыскаҕа эҥин соччо түһүспэтим, итиччэ үчүгэй түгэҥҥэ дэлби түһэн хаалыахха баар эбит даҕаны. Арай, миигин олохтоох тэлэбиидэнньэ устубута, ол матырыйаалыттан ити каадыр бөҕөтө куйаар ситиминэн тарҕаммыт эбит. Уопсайынан, дьэ, киинэ киритииктэрэ, киноведтар олус сөхпүттэрэ, биир киинэ кириитигэ: «Поклоняюсь якутскому кино в общем в лице кинофильма «Вертолёт», – диэт саарпыгын устан сиргэ тэлгээн баран, ол устун хаамтарда. Ити бэстибээлгэ киинэ көстүбүтүн кэннэ мин: «Саха сирэ көмүһүнэн уонна алмааһынан биллэр эрэгийиэн эбит буоллаҕына, билигин эһиги бу дьиҥнээх алмааһын, бирилийээнин – киинэтин – көрдүгүт», – диэн эппитим. Көрөөччүлэр: «Тоҕо федеральнай ханаалларга көрдөрбөккүт?» – диэн ыйыппыттара.
– Лэгэнтэй, киинэ кириитиктэрэ, киноведтар бэстибээл кэмигэр санааларын эппиттэриттэн ордук ханнык этиини чугастык ылынныҥ?
– Киинэбитигэр куораттан кэлбит кийиит кыыс ийэ кыннын кытта этиһэн баран, дьиэтиттэн хомунан тахсар, оҕотун кэлээскэтин үппүтүнэн түҥ тайҕа диэки бара турар каадыра баар. Онно хаалан хаалбыт биэс саастаах бастакы оҕолоро икки улахан баҕайы кытай суумкатын соһо сатыыр уонна: «Мама-а!» – диэн үөгүлүүр. Ону истэн, саалаҕа баар дьахталлар хаһыытаһа түспүттэрэ. Оннук курдук күүскэ дьайар түгэн эбит. Ону киинэ кэннэ биир киновед маннык диэбитэ: «Бу каадыры чорботобун. Ити ханнык турукка, эмоцияҕа ыллара сылдьан режиссёр маннык күүстээх түгэннэри устубута буолуой?» – диэн ыйытар. Ону мин Михаил хайдах туруктаах сылдьыбытын билбэт буоллаҕым дии. Уопсайынан, киһи уйулҕатын таарыйар киинэ буолбут.
– Эһиги санааҕытыгар, саха киинэтин уратыта туохха сытарый?
М.: – Мин уон сыл анараа өттүгэр бу бэстибээлгэ кыттыбытым уонна тугу даҕаны ситиспэтэҕим. Ол онно тулаайах оҕо курдук санаммытым, саха киинэтин ким даҕаны билбэт этэ буоллаҕа. Оччолортон баччаҕа диэри баара-суоҕа уон сыл ааспыт уонна маннык таһымҥа тахсыбыппыт. Билигин, ханнык баҕарар киинэ бэстибээлигэр кэллиҥ да, саханы атыннык көрсөллөр. Дьэ бу тугу этэрий? Бу биһиги уон сыл иһигэр дэлби үлэлээбит-хамнаабыт эбиппит. Кылгас кэм иһигэр биллэ таҕыстыбыт. Саха омук бэйэтэ ис-иһиттэн айар эйгэҕэ чугас буолан, киинэ эйгэтигэр эмиэ айымньылаахтык сыһыаннаһар буоламмыт, таһыммыт үрдүүр, нууччалыы этэр буоллахха, “предрасположенность” баар. “Киинэ эйгэтэ саха киһитэ айар-тутар айылҕатын көрдөрөр, тугу этиэн баҕарбытын көрдөрөр үстүрүмүөнэ, ньымата” диибин. Саха киинэтэ олоҕу оҥоро сатааһына суох хайдах баарынан көрдөрөр, ис-иһиттэн тахсар айымньы. Ол эрэн биһиги ырыынакпыт кырата бэрт, олус аҕыйахпыт, оттон киинэ ирдэбилэ, сыаната үрдээн иһэр. Онон, бэйэбит киинэбит мээнэ уһуллубат кутталланна. Аан дойду таһымыгар тэҥнэһэ сатаан элбэх ороскуоту көрсөбүт. Биһиги киинэлэрбитин атын омуктар, үгүс көрөөччү сыаналыан баҕарабыт. Холобура, Чукоткаҕа буолбут бэстибээлгэ биһиги киинэбитин олус сөбүлээбиттэрэ. Бэл, эрэгийиэн күбүрүнээтэрэ кэлэн, миигин кытта өр да өр кэпсэппитэ.
– Арай, эһиэхэ таһыччы элбэх харчы көрүллэн, уопуттаах исписэлиистэр, аныгы көмпүүтэр технологията барыта эһиги илиигитигэр эбитэ буоллар, туох туһунан устуо этигитий?
Л.: – Биһиги билигин бэйэбит омукпутун өрө көтөҕөн олорор кэммит. Ол эрээри дойдубутуттан олох атын судаарыстыбаҕа олорор курдук сананан ылабыт. Бу төрүт өйбүт-санаабыт 90-c cылларга уһуктубута. Ол ону билигин аһара түһэн кэбистибит, сороҕор туспа дойдуга олорор курдук буолуталаан киирэн бардыбыт. Ити биһиэхэ, судаарыстыба сорҕото буолан олорор национальнай өрөспүүбүлүкэҕэ, сүүйтэриилээх дии саныыбын. Дьиҥинэн, омукпут устуоруйатын, култууратын умнуо суохтаахпыт диэҥҥэ сөбүлэһэбин. “Таһынан барымыах” диэн этэбин. Мин Саха сиригэр хаһаак кэлиитин туһунан устуом этэ. Кинилэр айаннарын, Охуоскайга барыы суолун, ити барыта ыраахтааҕыттан эрэ тутулуктанан кэлии буолбатаҕын, манна олохтоох омук ата, табата, олохтоох дьон көмөтө эмиэ баарын туһунан көрдөрүөм этэ. Дьиҥинэн, хаһаактар ити аара олохтоох омуктары кытта алтыһан, үксүн доҕордуу сыһыаны олохтоон кэлбит дьон буоллахтара. Субу маны киһи киинэнэн эрэ көрдөрөр кыахтаах дии саныыбын. Оччоҕуна, сөптөөх өттүттэн көрдөрдөххө, биһиги өрөспүүбүлүкэбит эрэ Култууратын министиэристибэтиттэн үптэммэккэ, бүтүн Арассыыйа Култууратын министиэристибэтиттэн эмиэ аҕыс аан арыллыа, үлэлиирбитигэр кыах бэриллиэ этэ. Манна наука, устуоруйа даҕаны өттүттэн көрөн, үчүгэй сынаарыйы суруйан таһаарыа этилэр.
М.: – Мин маннык ыра санаалаахпын. Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыла буолар дии, онно анаан П.А. Ойуунускай олоҕун-дьаһаҕын туһунан устуох баара. Дьиҥинэн, бу – олус долгутуулаах, сытыы устуоруйа. Кини олоҕо Сахабыт сирин биир улахан кэрдиис кэмин көрдөрөр. П.А. Ойуунускайынан киһи олус элбэҕи көрдөрүө эбит. Дьэ, “бу кини дьиҥнээх эпоха ырыаһыта эбит” диэн арыйыам этэ. Оччолорго хайдахтаах курдук интэлигиэн дьон олорбуттарын хайдах баарынан тиэрдиэхпин баҕарабын. Бу билигин биһиги сайдыылаах кэм дьоно буоллахпыт дии, киинэ устабыт, суол туттабыт, былыргыга холоотоххо, олус үчүгэйдик олоробут. Оччотооҕу кэм дьоно, Ойуунускайдаах биһиги маннык олоххо олорорбут туһугар олохторун толук уурбут дьон буоллахтара. Дьэ, ол кэми хайдах баарынан, ырылхайдык устуом этэ. Олус астык, үрдүк таһымнаах киинэ да киинэ буолуо этэ, бэл, харахпар ойуулаан көрдүм.
– Инникитин туох былааннааххытый?
Л.: – Мин сүрдээх элбэх толкуйдаахпын, былааннаахпын. Ону олоххо киллэрэри кэтэһиэххэ эрэ наада. Киһиэхэ кэмэ эрэ кэллэр, начаас хамсанар, ылсар эбиккин. Тугуҥ да суох да буоллаҕына, уруучукалаах эрэ буолуум, ылан суруйан кэбиһиэхпин сөп курдук.
М.: – Биһиги бу «Вертолёт» киинэбит өссө даҕаны атын бэстибээллэргэ кыттыахтаах. Санкт-Петербурга, Москубаҕа барыахтаах, сатаннаҕына, Норвегияҕа, Латвияҕа, Литваҕа тиийиэхтээх. Аны киинэбитин хайдах гынан атыылыыр, ханна батарыахха сөбүн туһунан толкуйдуубут. Оттон саҥа киинэбэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Булуҥ оройуонугар омук сыылынайдарын балыктата үүрэн илдьибиттэрин туһунан көрдөрөөрү гынабын. Манна чурапчылартан саҕалаан финнэри, ньиэмэстэри, норвегиялары, латыштары, дьэбириэйдэри уонна да атын омуктары аҕалаллар. Бу оройуоҥҥа балыктааһын кэмигэр уонунан тыһыынча киһи суорума суолламмытын устуоруйа кэпсиир. Сынаарыйдаахпын, ону устаары, көмө көрдүүбүн. Былаан элбэх. Харчы баара эбитэ буоллар, тохтообокко киинэ устуом этэ.
– Дьэ, уһун-киэҥ кэпсээҥҥит иһин барҕа махтал. Толкуйдаабыккыт туоллун, инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!
Ираида Коркина-Чугдаара.