Киир

Киир

 Тэрийээччилэр: Саха өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин уонна билимин министиэристибэтэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирин кэнчээри ыччата” тирэх киин, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай литэрэтиирэ түмэлэ, ООО “Ситим” медиа-бөлөх.

Сыала: Айар дьоҕурдаах оҕолору сайыннарыы, өйөөһүн.

Кыттааччылар: VIII-XI кылаас үөрэнээччилэрэ.

“Нэһилиэгим үтүө үгэстэрэ”, “Нэһилиэк олохтоохторун хайдах түмэбит?”, “Төрөөбүт нэһилиэгим сайдарын туһугар тугу оҥоруом этэй?”, “Мин сөбүлүүр суруйааччым”, “П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай түмэл экспонаттара”, о.д.а. “Түмсүү сылын” арыйар тиэмэлэргэ суруйуоххутун сөп.

Ыстатыйа суруналыыстыка араас истиилинэн суруллуон сөп:

  • информационнай: бэлиэтээһин, интервью, ойуулааһын, репортаж;
  • ырытыы: ыстатыйа, анааран көрүү, кэмэнтээрий, сыаналааһын;
  • уус-уран: эссе, уочарка.

Болдьоҕо: 2019 с. ыам ыйын 7 күнүгэр диэри grurion@mail.ru электроннай почтаҕа “Тыа сирэ – мин дойдум” диэн бэлиэтээн ыытаҕыт. Түмүк ыам ыйын 15 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин уонна билимин министиэристибэтин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирин кэнчээри ыччата” тирэх киинин, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай литэрэтиирэ түмэлин саайтарыгар уонна “Бэлэм буол+” оҕо хаһыатыгар тахсыаҕа.

 Усулуобуйата:

  • сыһыарыыга баар былааҥканы толорон үлэ бастакы сирэйигэр сыһыараҕыт;
  • үлэ биир ааптардаах буолар(3 үлэ көҥүллэнэр);
  • үлэ 3 илиистэн элбэҕэ суох буолар. Халыыба А4, сириибэ TIMES SAKHA,кээмэйэ 12, апсаас саҕаланыытыгар тэйии 1,25,  устуруока икки арда 1,5.

Күрэс муҥутуур кыайыылааҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын анал истипиэндьийэтигэр мэктиэ суругунан наҕараадаланыаҕа. Кыайыылаахтар Арассыыйатааҕы “Океан” (“Летняя АРТ-деревня” симиэнэ бэс ыйын 1-21 күннэригэр буолар) уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэскил” (“Точка роста” симиэнэ от ыйын 10-30 күннэригэр буолар) лааҕырдарга босхо путевканан наҕараадаланыахтара.

Кыттыбыт оҕо бары туоһу сурук тутуоҕа. Үчүгэй ыстатыйалар “Дьокуускай эбии үөрэхтээһинэ” уонна “Хатан” ыччат сайдам сурунаалларыгар, “Бэлэм буол+” оҕо хаһыатыгар бэчээттэниэхтэрэ.

Сыһыарыы

Сайаапка былаана

Кыттааччы толору аата-суола

Үлэ аата

Сааһа, кылааһа,  оскуолата, улууһа

Салайааччы толору аата-суола, дуоһунаһа, үлэлиир сирэ

Оскуола (улуус куодун кытта), кыттааччы, салайааччы, төрөппүт төлөпүөнүн нүөмэрдэрэ, электроннай почта аадырыһа

         

 

Бүтэһик сонуннар