Ыам ыйын 25 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Ленин болуоссатыгар ЫРЫА күнүгэр түстэммит саргылардаах ырыалар ылланар, ЫРЫА түһүлгэтэ ыытыллар!
Үчүгэйиэн Ырыа күнэ –
Арахсыспат аргыс буолта,
Сахам сирин киирбэт күнэ –
Буолан дьоҥҥо сырдаабыта!
Кыттыыны ылыахтара – ырыа кэлэктииптэрэ, артыыстар, ырыаһыттар, ырыаны айааччылар, общиналар, эдэр ыччат.
Сахабыт сиригэр Ырыа Күнэ дьиэрэйдин!
Тэрийэр бөлөх.
Тарҕат: