Киир

Киир

Ааспыт өрөбүлгэ Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх оскуолаҕа  “Костер и палатка” диэн сатыы туризм бастакы бэстибээлэ буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ экспертэр уонна оҕо сатыы туризмын тэрийэр 17 оскуола кыттыыны ыллылар. Бэстибээл спонсордара: “СӨ альпинизм уонна скалолазания федерацията”, Нордстрим” кулууп, “Улуу Тоҕой” комплекс.

Альпинизм уонна скалолазания федерациятын бэрэсидьиэнэ, куораттааҕы үөрэх салаатын начаалынньыга Алексей Семенов салайааччылаах дьүүлүүр сүбэ, хаартыска куоҥкуруһун уонна куруһуоктарга сылдьар оҕолор билиилэрин таһымын сыаналаатылар. Оҕолор ааспыт сылга туристическай походка сырыыларын туһунан кэпсээтилэр уонна импровизированнай ыстаансыйаны бардылар. Куоҥкуруска 19, 23, 12 №-дээх оскуолалартан, “Хотой” кулууптан, “Айыы кыһата” гимназияттан, “Юные искатели” кулууптан сэттэ сайаапка киирбит.

“Лучшие походы выходного дня” номинацияҕа 12, 23, 19 №-дээх оскуолалар, “Лучшие степенные походы” номинацияҕа “Айыы кыһата”, 12, 23 №-дээх оскулалар уонна “Категорийный поход” – 19 №-дээх оскуола бастыҥнарынан буоллулар.

20200122 132319

Оттон бастыҥ салайааччы аатын  Чиряев Александр Константинович ылла,  бастыҥ тэрийээччи – Шарапова Лидия Николаевна буолла.

Хаартыска куоҥкуруһугар 70 тахса үлэ киирбит. Хаартыскаҕа түһэрээччи уонна альпинист Олег Бойко бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары быһаарда. Ол түмүгүнэн “Походная жизнь” номинацияҕа 1 миэстэ – Айыы Кыһата, 2 миэстэ – 23 №-дээх оскуола, 3 миэстэ – 23 №-дээх оскуола кулууба; “Пейзаж” номинацияҕа 1 миэстэ – 3 №-дээх оскуола, 2 миэстэ – 12 №-дээх оскуола, 3 миэстэ – 19 №-дээх оскуола; “Лица в кадре” номинацияҕа 1 миэстэ – 26 №-дээх оскуола “Робинзон” кулууп, 2 миэстэ – 12 №-дээх оскуола, 3 миэстэ – 23 №-дээх оскуола; “Лучшая серия” номинацияҕа 1 миэстэ – 12 №-дээх оскуола, 2 миэстэ – 3 №-дээх оскуола, 3 миэстэ – “Хорсун” кулууп буоллулар.

Тэрээһиҥҥэ ВООПИиК Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Руслан Васильев уонна “Улуу Тоҕой” комплекс креативнэй продюсера  Андрей И кыттыыны ыллылар.  

IMG 20200126 WA0010

Биһиги 7-с кылаас үөрэнээччилэрин уонна кылаас салайааччытын Левина Вера Прокопьевнаны, хайаҕа ыттарга үөрэтэр учуутал Спиридонов Александр Ильичы кытта “Улуу Тоҕой” комплекска сатыы туризм кэмигэр билсэн турабыт.

Ол курдук, тохсунньу 23 күнүгэр -37 С тымныыга 33 оҕо, Табаҕаҕа оптуобус тохтуур сириттэн “Улуу Тоҕой” комплеска диэри 1,5 чаас сатыы хааман тиийбиттэрэ.

20200122 144943

 

Ол туһунан кылаас салайааччыта  В.П. Левина маннык кэпсиир: “Бэһис кылаастан хайысхабыт – туристическай. Оҕолор Александр Ильич салайааччылаах нэдиэлэ аайы туризмҥа үөрэнэллэр. Кылааска 19 кыыс уонна 15 уол баар. Оҕолор туризмынан эрэ буолбакка, успуордунан эмиэ дьарыктаналлар. Ол курдук, хайаҕа ыттыы чемпионнара бааллар. Үөрэхтэригэр туйгуннар уонна хорошистар, НПК лауреттара, үҥкүү, уруһуй куруһуоктарыгар сылдьаллар. Ону таһынан, сэттэ сааһыттан Өймөкөөн хайаларынан 11 км хаамар кыыстаахпыт. Сатыы туризмынан эрэ буолбакка, өрүһүнэн устуунан дьарыктанар оҕолор эмиэ бааллар. Ааспыт сылга ыам ыйыгар “Нордстрим” хампаанньаны кытта Улахан Кэҥкэмэнэн устубуппут. Ол күн олус тымныы этэ. Ону оҕолор дьулуурдаахтык тулуйбуттара. Тохсунньу ыйга бастакытын сатыы туризмҥа кытынныбыт. Төрөппүттэр биһиги көҕүлээһиммитин өйүүллэр. Маннык тэрээһиннэр кылаас оҕолоро иллээх-эйэлээх буолалларыгар көмөлөһөр”.

yakutia24.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар