Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгэр Кыайыы 75 сылыгар анаммыт Аҕалар түмсүүлэрин көҕүлээһининэн “Байанайдаах булчут” диэн аҕа уолунаан, убай быраатынаан күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык, өрө көтөҕүллүү тыыныгар тэрилиннэ. Сылаас күн туран олохтоохтор кыра оҕолорун сиэппитинэн эбэҕэ киирэн сүрүн ыалдьааччы буоллулар.
“Байанайдаах булчут” күрэхтэһиигэ алта кыттааччы кытынна. Түһүмэхтэргэ бэйэни билиһиннэрии, түөрэйи ыраахха быраҕыы, тоҥуу хаарынан сүүрүү, сыал ытыыта, мүнүүтэҕэ ойбон алларыы, куйуурдааһын, саамай элбэх балыктаах, саамай улахан собо, боппуруоска эппиэттээһин көрүҥнэрэ киирдилэр. Кырачааннар сыырга дуоһуйа оонньоотулар, обургу оҕолор хаарга күөлэһийэн ойуу-дьарҕаа түһэрдилэр. Ыал да ийэлэрэ хаалсыбатылар, үрдүттэн астаан, сылабаарга чэй оргутан, бурдук аһы тардан тэрээһини өссө тупсардылар. Дьоммут-сэргэбит күнү быһа ыраас салгынынан тыынан дуоһуйа сынньаннылар.
Көхтөөх киирсии түмүгүнэн бастакы миэстэни тимир ууһа Андреев Григорий Григорьевич уолунаан Ньурбатааҕы техлицей 6 кылааһын үөрэнээччитэ Даниллыын ыллылар. Атыттар араас номинацияҕа тиксэн бары илии тутуурдаах тарҕастылар. Маннык ураты тэрээһини тэрийбит аҕалар түмсүүлэригэр, оскуола кэлэктиибигэр, нэһилиэк дьаһалтатыгар махталларын, астыммыттарын туһунан дьон социальнай ситим нөҥүө биллэрдилэр.
Маргарита Николаева, https://ulus.media/