Болҕойуҥ!!! Кулун тутар 14 күнүгэр 10.00 чаастан “Улуу Тоҕой” комплеска, “Кубок Льда – 2020” (Дьокуускай – Тиксии) диэн суола-ииһэ суох сиринэн айанныыр массыыналарынан экстремальнай трек-квест стартын үөрүүлээх ыытыы буолар.
Ону таһынан, бу күн “Улуу Тоҕойго” “Вкус Арктики” диэн эрэгийиэннээҕи Арктика күнүгэр анаммыт балык миинин өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкурус-бэстибээлэ ыытыллар.
Тэрийээччилэр: “Якутская Арктика” полярниктар ассоциацияларын Саха сиринээҕи салаата, “Улуу Тоҕой” этнокултуурунай комплекс, СӨ урбаанын, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ.
Айан маршрута Дьокуускайтан саҕаланан Тиксии бөһүөлэгэр Ледовитай акыйаан биэрэгэр түмүктэниэ. Ол курдук туундаранан, суола-ииһэ суох сирдэринэн айанныахтара. Кыттааччылар уопсайа 5574 км айанныахтара. Ол ыккардыларыгар бэлиэлэри хаалларыахтара. Хас биирдии кыттааччы этаптар ыккардыларыгар маршрутун бэйэтэ оҥостор уонна хонтуруоллуур туочукаларга бэлиэлэри хаалларар. Араспысаанньа, кыттааччылар туһунан сиһилии иһитиннэрии уонна быһа биэрии RNA24.ru туур саайтыгар баар буолуоҕа.
Хамаандалар 1.000.000 солк уонна “Кубок Льда” ылар иһин күрэхтэһиэхтэрэ.
Балык миинин өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ туспа бырагыраамманан ыытыллар. Хоту сытар улуустар уонна Дьокуускай куорат эрэстэрээннэрэ сайаапкаларын биэрдилэр. Бэстибээл кыайыылаахтара “Северная мозаика” резиденнэриттэн бириистэри тутуохтара.
Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кулун тутар 14 күнүгэр “Улуу Тоҕой” комплеска күүтэбит. Бу ураты тэрээһиннэри көтүтүмэҥ! Хас биирдии ыалдьыты балык миининэн күндүлүөхтэрэ.
Билсэр төл.: 34-01-64, 8-922-222-08-76