Киир

Киир

Кулун тутар 21 күнүгэр Булуҥ улууһун дьаһалтатын дьиэтигэр, “Кубок Льда” суола-ииһэ суох сиринэн айанныыр  массыыналарынан экстремальнай трек-квест  түмүгүн таһаарар, үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.

Ол курдук муҥутуур кыайыылаахтарынан СӨ ОДьХХ хамаандата буолла. Кинилэр “Кубок льда” кубогын уонна 1 000 000 солк туттулар.

Биһиги бу күрэхтэһиигэ эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Суол олус интэриэһинэй уонна уустук этэ. Ордук Усть-Куйгаттан Тиксиигэ диэри суол учаастага ыарахан эбит. Биһиги инникитин да бу күрэхтэһиигэ кыттар былааннаахпыт. Оттон бэйэлэрин тургутан, холонон көрүөн баҕалаахтар биһиги маршруппутунан кэлэр сылга кыттыахтарын сөп. Бу уустук айаны ааспыт хамаандалар уопсай түмүктэн тутулуга суох бары кыайыылаах буолаллар. Биһиги бирииспититтэн 170 000 солк, Булуҥ улууһугар хоруона вируһа тарҕамматын туһугар Тиксиигэ обсерватор оҥоруутугар ыытыахпытын баҕарабыт”, – диэн экипаж чилиэннэрэ Ян Чириков уонна Василий Смолин санааларын үллэһиннилэр.

yakutia24.ru/

Бүтэһик сонуннар