“Күрүлгэн” сурунаал эрэдээксийэтин, “Ситим-Медиа” тэрилтэ (сал. В.А. Павлова) уонна Арассыыйа юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын (сал. А.Н. Ким-Кимэн) тэрийиилэринэн, СӨ бар дьонун депутаттара М.Н. Христофорова, В.И. Чичигинаров уонна “Сахалыы Виктория” араадьыйа (сал. А.Д. Глотов) өйөбүллэринэн Улуу Кыайыыны уһансыбыт “Катюша” ырыа сахалыы тылбааһын толорууга аһаҕас күрэх биллэриллэр.
Күрэх Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыттар, ону сэргэ ол суостаах сылларга күүрээннээх үлэнэн кыайыыны уһансыбыттар уонна тыйыс сыллар ыардарын илэ бааччы билбит, уйбут сэрии оҕолорун үрдүк ааттарыгар, сырдык кэриэстэригэр ананар.
ИРДЭБИЛЭ
- “Кээчэ” (“Катюша”) ырыаны толоруу (Михаил Исаковскай тыла, Матвей Блантер музыката, Арчылан тылбааһа);
- толорууну устан, видео быһыытынан ыытыы;
- ыытыллар видео быһаччы устуу эбэтэр клип, слайд, баҕардар, биир-икки хаартысканы туһанан оҥоруу да буолуоҕун сөп;
- толоруу доҕуһуоллаах эбэтэр доҕуһуола да суох (а cappella) буолуоҕун сөп;
- дьиэ кэргэнинэн, ыалынан кыттыы түбэлтэтигэр ыллааччылар хас да буолан толоруохтарын сөп;
- кыттааччы “Кыым”, “Бэлэм буол+” хаһыаттар, “Күрүлгэн”, “Байдам”, “Хатан” сурунааллар инстаграмҥа сирэйдэригэр булгуччу суруйтарбыт буолуохтаах.
БОЛДЬОҔО-ХААМЫЫТА
- үлэлэри тутуу биллэрии тахсыбыт кэмиттэн саҕаланар;
- ыам ыйын 5 күнүгэр 17:00 чааска үлэлэри тутуу тохтуур;
- “Күрүлгэн” сурунаал инстаграмҥа сирэйигэр (kurulgen_jurnal) ыам ыйын 5 күнүгэр үлэлэр турбут түгэннэриттэн ыам ыйын 8 күнүгэр диэри куоластааһын ыытыллар; киирбит үлэлэр тэрийэр бөлөххө туттарыллыбыт, бэлиэтэммит нүөмэрдэрин быһыытынан тураллар.
- инстаграмҥа куоластааһын ыам ыйын 8 күнүгэр 17:00 чааска түмүктэнэр.
ТҮМҮГҮ ТАҺААРЫЫ
- түмүк ыам ыйын 9 күнүгэр биллэриллэр;
- кыайыылаахтар “Кылаан биһирэбил”, “Дьон биһирэбилэ”, “Үрдүк айылгы”, “Кэскиллээх кыттааччы” диэн тосхоллорунан хас биирдиилэрэ икки кэрдииһинэн быһаарыллаллар;
- “Үрдүк айылгы” тосхолго эмчит идэлээх толорооччулар кытталлар;
- “Кэскиллээх кыттааччы” тосхолго уһуйаан-оскуола саастаах кыттааччылар толоруулара көрүллэр;
- эбии тосхол, кэрдиис олохтонуохтарын, баар буолуохтарын сөп;
- “Дьон биһирэбилэ” тосхолго кыайыы инстаграмҥа куолас ахсаанынан быһаарыллар;
- “Кылаан биһирэбил”, “Үрдүк айылгы”, “Кэскиллээх толорооччу” тосхоллорго түмүгү идэлээх дьонтон, тэрийээччилэртэн турар тус-туһунан дьүүллүүр сүбэлэр таһаараллар.
БИҺИРЭБИЛЭ
- “Дьон биһирэбилэ”: I кэрдиис ‒ 5 000 солк. (Арассыыйа юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаата), II кэрдиис ‒ “Кыым” хаһыакка, “Күрүлгэн”, “Байдам” сурунаалларга 2020 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу (“Ситим” медиа бөлөх);
- “Кылаан биһирэбил”: I кэрдиис ‒ 5 000 солк. (Арассыыйа юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаата), II кэрдиис ‒ “Кыым” хаһыакка, “Күрүлгэн”, “Байдам” сурунаалларга 2020 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу (“Ситим” медиа бөлөх);
- “Үрдүк айылгы”: I кэрдиис ‒ 5 000 солк. (СӨ бар дьонун депутата В.И. Чичигинаров), II кэрдиис ‒ “Кыым” хаһыакка, “Күрүлгэн”, “Байдам” сурунаалларга 2020 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу (“Ситим” медиа бөлөх);
- “Кэскиллээх толорооччу”: I кэрдиис ‒ 5 000 солк. (СӨ бар дьонун депутата М.Н. Христофорова), II кэрдиис ‒ “Хатан” сурунаалга 2020 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу (“Ситим” медиа бөлөх); III кэрдиис ‒ “Бэлэм буол+” хаһыакка 2020 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу (“Ситим” медиа бөлөх).
- эбии анал биһирэбиллэр баар буолуохтарын сөп.
ҮЛЭНИ ТУТТАРЫЫ-БИЛСИИ
- күрэххэ киирэр үлэни бассаабынан (төл. 8-914-235-61-62) эбэтэр электрон почтанан (Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра.) толору ааты, сааһы, идэни, ханна олорору ыйан туран туттарыллар, бэлиэтэтиллэр;
- сиһилии туһааннаах төлөпүөн, электрон почта, инстаграмҥа сирэй нөҥүө билсиэххэ сөп.