Киир

Киир

Кэтэһиилээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыктара тигинээн тиийэн кэллилэр. Бу алыптаах бырааһынньыгы оҕолуун-уруулуун, улахан дьоннуун бары кэтэһэбит. Дьиэни киэргэтии, харыйа туруоруу, бэлэх көрдөөн маҕаһыыннары кэрийии, ас астааһын түбүктэрэ – бу барыта саҥа дьыл тыынын киллэрэллэр. Уонна, биллэн туран, саҥа дьыл киэһэтин хайаан да бэһиэлэйдик, эгэлгэ астаах, араас бүлүүдэлээх баай остуоллаах  көрсөргө кыһаллабыт.  

Үгүс дьон сыл ахсын саҥа дьыллааҕы биэчэргэ кэрэ көстүүлээх, кыраһыабай буолар туһугар, икки-үс нэдиэлэ инниттэн кытаанах диетаны тутуһаллар. Ол эрэн бу бириэмэ иһигэр түһэрбит үс-түөрт киилэ ыйааһыннарын саҥа дьыл түүнүгэр төттөрү төнүннэрэллэр.  Саҥа дьыллааҕы баай остуолга олороот, сатаан туттуммака, остуолга баар аһы ыгыччы олорон барытын аһыыллар.  Бу кэннэ доруобуйалара мөлтүүр, санаалара түһэр. Оннук буолбатын туһугар, эһиэхэ анаан тэттик сүбэлэрбитин үллэстэбит:

  • Бырааһынньыктааҕы остуолга олоруох иннинэ аччык сылдьымаҥ. Күн устата кыра-кыралаан аһыы сылдьыҥ. Элбэхтик уута иһиҥ. Доруобай аһылыгы тутуһуҥ. 
  • Бырааһынньыктааҕы остуолгутун тупсаҕай гына киэргэтиҥ. Кыраһыабай иһиттэри сервировкалаан ууруҥ.  Оҕуруот аһын, фруктаны араастык быһан бүлүүдэлэргэ эбэн, остуолгутугар тупсаҕай гына ууруҥ. Бу туһалаах эрэ буолбакка, бырааһынньык остуолун киэргэтэр.
  • Аскытын кыра иһиттэргэ уураргыт ордук. Оччоҕуна аһыыр порцияҕыт кыччыыр. Киһи бэйэтин миэрэтинэн сөпкө аһыыр. Куйаар ситимиттэн араас табыгастаах идиэйэлэри көрөн үтүктүҥ. Салфетканан, оҕуруонан, бантиктарынан тупсаҕайдык киэргэтэн биэриҥ. 
  • Сөптөөх аһылыгы тутуһуҥ. Ол курдук, кыра сыалаах үрүҥ ас, ууга буспут эт, балык, муора бородуукталара, сыр, эриэхэ, оҕуруот аһа, фрукта, куурусса этэ, онтон да атын бородуукталар эһиги бырааһынньыктааҕы остуолгутугар хайаан да баар буолалларын ситиһиҥ. Арыылаах-сыалаах бүлүүдэттэн аккаастаныҥ. Кыһыл балыктан, оҕуруот аһыттан араас канапелары, фруктаттан салаттары оҥорун. Майонез оннугар оливка арыытын, сүөгэйи туттуҥ.  
  • Бу сүбэлэри тутуһан бырааһынньыктааҕы остуолгутун киэргэтэн, сөптөөх астары астанан саҥа дьылы көрүстэххитинэ, эбии ыйааһын эбиэххит суоҕа, доруобуйдык, үөрэ-көтө көрсүөххүт диэн сүбэлиибит! Чэгиэн сылдьыҥ!  

Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай турук уонна мэдиссиинискэй сэрэтии киинэ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар