Сайыммыт ортото буолла, тутуу, өрөмүөн ханна да үгэннээн турар. Кэлиҥҥинэн үгүс ыал Уһук Илин ипэтиэкэтин ылан, саҥа дьиэ туттар үгэнигэр сылдьар. Баҕар, эһиги, күндү ааҕааччыларбыт, эмиэ дьиэ тутта эбэтэр өрөмүөннүү сылдьар буолуоххут, онон сэргээҥ уонна туһаныҥ диэн туран, кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс киһи сэҥээритин ылбыт “Теплый пол” туһунан ыйыталаһа, билэ-көрө Тутуу ырыынагар тиийэ сырыттыбыт. Онуоха ыйытыыларбытыгар Ростислав Афанасьев хоруйдуурга сөбүлэстэ.
Ростислав, бэйэтэ билиһиннэрбитинэн, бу эйгэҕэ үлэлээбитэ икки сыл буолбут, ол саҕаттан дьон сылаас муостаны сэҥээрэр, сэргиир, туһанар эбиттэр.
“Теплый пол” таҥыытыгар туох нааданый?
Бастатан туран, коллектор, турба, пеноплекс, пенополистирол, сылааһы тэйитэр пүлүөҥкэ (фольга курдук), метализированнай скотч, 10 см армированнай сиэккэ. Өссө турбаны сиэккэҕэ туттарарга нейлоновай стяжка уонна бетон кутан баран үллэн хайа барбатын курдук, демфернэй лиэнтэ. Саамай сүрүнүн ааттаталаатым быһыылаах.
Турбата араас буолар: металлопластик, 5 араҥалаах пекс, эвох... Ону таһынан бу көрдөрүүгэ турар “Перт”, сыаната чэпчэки. Перт сылаас муостаҕа аналлаах кислороднай барьердаах турба. Эрдэ этэн аһарбытым курдук 5 араҥалаах пекскэ эмиэ кислороднай барьер баар, ол эрээри сыаната икки төгүл ыарахан. Онтон металлопластик турба сылааһын сүтэрэрэ үрдүк. Биир бэйэм, 5 араҥалаах турбаны уонна “Перди” сүбэлиэм этэ. Миэтэрэтэ 68 солк.
Муостаны хайдах бэлэмниибит?
“Теплый пол” ууруох иннинэ дьиэ муостатын үчүгэйдик бэлэмниэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, муоста бэлэмэ суох, үчүгэйдик оҥоһуллубатах буоллаҕына, сылаас тахсан барар уонна дьиэ аннын сылытан, сири ириэрэн, дьиэни хамнатыан сөп. Онон алларааҥҥы муоста 30 см-тан халыҥ буолара наада. “Теплый пол” бетон үрдүгэр ууруллар уонна үрдүттэн эмиэ бетонунан баттатыллар, тута маһы эбэтэр атын матырыйаалы уурар сатаммат.
Эрдэ тутуллубут дьиэҕэ “Теплый пол” оҥорор арыый да ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, аллараа өттүттэн да, үөһэттэн да бетон (бетоннай стяжка) кутуохха наада. Үөһээҥҥи бетон муоста халыҥа 7-9 см буолуохтаах. Онтон тутуллан бүтэн турар дьиэҕэ бетоновозтан “рукав” киллэрэн куттарар күчүмэҕэй, оттон илиинэн кыра бетономешалканан булкуйан кутар буоллахха, симиэс хатыар диэри бүтэрэр курдук, 5-6 киһи туттуон наада буолар.
Иһигэр туох кутулларый?
“Теплый пол” иһигэр уу эбэтэр дьон “незамерзайка” диэн ааттыыр “Теплый дом” диэн булкадаһыга кутуллар. Уу халлаан тымныйда да тоҥон барар буоллаҕына, “теплоноситель” пиирмэтиттэн көрөн, төһө баҕарар тымныыга диэри тулуйуон сөп. Холобур, “незамерзайкалар” -65, -70 тымныыга диэри тулуһуохтарын сөп. Онон кыһын тымныыга, оһох оттуллубакка хааллаҕына, батарыайалар тоҕо барыахтара, дьиэ тоҥуо диэн куттаммаккын. Ол уот барар түгэнигэр абыраллаах.
Куһаҕана диэн, “незамерзайка” куттаххына, истиэнэҕэ ыйанар оһоххо оҥорон таһаарааччы мэктиэ (гарантия) биэрбэт. Оттон муостаҕа турар оһохторго пиирмэтиттэн тутулуктаах, мэктиэлээх буолуон сөп. Уопсайынан, итиннэ киһи бэйэтэ болҕойуон наада.
Ханнык оһоххо барсарый?
Билигин Сахабыт сиригэр үксүбүт дьиэбитин гааһынан сылыттан олорор буоламмыт, “Теплый пол” диэни холбонооччулар эмиэ үгүстэрэ “гаас оһоххо” диэн атыылаһаллар. Ол эрээри уотунан барар эбэтэр маһынан-чоҕунан да оттуллар оһоххо холботуохха сөп, онно хааччах суох.
Арай маһынан-чоҕунан оттуллар оһоххо “Теплый пол” систиэмэтин сабыылаах оҥоруохха наада. Ол аата, туспа носуостаах, туспа “подпиткалаах” буолар. Тыа сиригэр кииннэммит систиэмэҕэ даҕаны холботуохха сөп. Киин систиэмэлээх дьиэҕэ туспа носуос туруорар көҥүллэммэт диэн буолааччы, онтон “Теплый пол” коллекторыгар бииргэ НСУ-лаах, носуостаах буолар.
“Теплый полга” сылаас уонна тымныы ууну тэҥнээн хачайдыыр носуос хайаан да наада. Үгүс киһи маннык түбэлтэҕэ: “Ыалларым уутун ылар буолбаппын дуо? Кинилэр дьиэлэрэ тымныйбат дуо?” – диэн ыйытыылаах буолааччы. Онно этиэххэ наада, бу систиэмэ бэйэтэ үс хаттыгастаах кылаапаннаах (трехходовой клапан), онон ыалларгыттан эҥин тугу да ылбаккын, дьиэҥ эрэ иһигэр эргийэр. Судургутук эттэххэ, чааһынай дьиэҕэ, кииннэммит ититиилээх систиэмэҕэ “Теплый пол” туспа “судаарыстыба” курдук бэйэтэ носуостаах буолар.
Тугун иһин сөбүлүүллэрий?
Үчүгэйэ диэн, ый аайы ороскуоттанар гаас туттуллуутун аҕыйатан, гаас төлөбүрүн кыччатар, ол барыстаах.
Биһиги дойдубутугар кыһынын олус тымныы, онон дьиэ үксэ муостатынан тымныйар, оттон маннык сылаас муосталаах дьиэҕэ ол кыһалҕаттан босхолоноҕун.
Төһө өр турарый диир буоллахха, пааспарыгар сурулларынан, 100 сыл турар диэн. Биллэн турар, хайдах туттаргыттан, көрүүтүттэн-харайыытыттан уонна бастааҥҥы оҥоһуутуттан элбэх тутулуктаах буоллаҕа. Сүрүнэ, “гребенкатын”, фильтрин кэмиттэн кэмигэр көрө, ыраастыы сылдьар наада. Алдьаныан сөптөөҕө носуос диэххэ сөп.
“Теплый пол” дьыл тымныы кэмигэр туттан баран, арааран кэбиһиэххэ эмиэ сөп. Өскөтүн уунан барар буоллаҕына, сылаанга иилэн баран, сүөкээн да кэбиһиэххэ сөп, онтон “незамерзайка” сытар, туох да буолбат. Турбатын иһэ “сшитый полиэтилен” буолан, хайа барбат, бөҕө.
Быһа холоон аахтахха...
Холобур, 7*8-таах 56 кв. м дьиэҕэ “Теплый пол” туруорар буоллахха, турба икки арда 20 см буоллаҕына, быһа холоон 300 м турба ирдэнэр. Онно турбатын 16-лаах диаметрдаах гыннаххына, 4 тахсыылаах коллектор наада, онтон 20-лээххэ 3 тахсыылаах. 20 диаметрдаах турбанан 120 м уһуҥҥа диэри тардыахха сөп, онтон 16-лааҕынан уһаабыта 80-90 м тардыллар. Онтон хат төннөн кэлэр.
Бу холобурдаабыппытынан 7*8 дьиэни 16-лаах турбанан муосталаатахха, харчытыгар 47-48 тыһ. солк. тахсар. Бу – аҥаардас “Теплый пол” сыаната, онно үлэтин төлөбүрүн уонна дьиэ аннын бэлэмнииргэ үпкүн эбэҕин.
Ыаллар кыһынын оһохторун кыраадыһын 80-ҥа туруорар буоллахтарына, бу сылаас муостаны үчүгэйдик регулировкалаатахха, 60-ҥа эҥин туруоруохха сөп, халлаан тымныытыттан көрөн.
Туохха болҕойуохха
“Теплый полу” батарыайалаах дьиэҕэ ыскаап, халадыынньык анныгар уурумуохха сөп. Өссө унитаз, баанна аннынан ыыппат ордук, кэлин, баҕар, туох эмэ уларыйар түбэлтэтигэр мэһэйдэппэт курдук. Сорох дьон утуйар хос аһара сылаас буолбатын диэн, турбатын ардын улаатыннаран, 25 см гынан биэрээччилэр.
Гарааска эҥин батарыайата суох, бэйэтин эрэ туттуохха сөп. Онно, саамай сүрүнэ, киирии аан аттынааҕы турбаны 15 см арыттаах, чугас-чугас гыныахха наада. Онтон атына 20 см буолар буоллаҕа.
Таас дьиэҕэ кыбартыыраҕа туруорар буоллахха, салайар хампаанньаттан уонна ДьУоХХ-ттан көҥүл наада буолар. Холобур, систиэмэ тэстэн дуу, хайаан дуу аллараа ыалларгын ууга ыыттаххына, сууттаһаары эҥин гыннахха, ол докумуоннар наада буолаллар.
***
“Теплый полга” интэриэс баар, саҥа дьиэ туттааччыларга “тренд” буолла диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, кэлэн ылаллар. Үксүн саҥа дьиэлээх дьон кэлэллэр диэн бэлиэтиибит.
Кэпсэттэ Мария Санникова.