Киир

Киир

Былыргы өбүгэлэрбит “мүөт” диэн аһы билэллэрэ эбитэ дуу суоҕа дуу, ону чуолкай билбэппит. Ол эрээри, билигин үйэ уларыйан, “саха мүөтэ” диэн ас бэрт киэҥник тарҕанан эрэр. Бэл диэтэр, улуус улуус аайы мүөттээх ыҥырыаны иитэр дьон баар буолуталаан эрэллэр.

IMG 20171107 WA0006

         Бүгүн биһиги Бэрдьигэстээх „ыҥырыаһытын“ (сылгы – сылгыһыт, сүөһү – сүөсүһүт, ыҥырыа – ыҥырыаһыт?) Анатолий Пахомовы кытта сэһэргэһэбит. Эдэр киһи былырыын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн (ТХМ) 1,5 мөлүйүөннээх граны ылан, быһайын мүөттээх ыҥырыаларынан дьарыктаммыт. Дьэ, бу салаа төһө көдьүүстээҕин, барыһы биэрэрин-биэрбэтин туһунан билсиэҕиҥ эрэ.

         – Анатолий, хаһааҥҥыттан урбаанынан дьарыктанаҕын?

         – Бэйэм тутааччы-технолог идэлээхпин, 2012 сылга үөрэхпин бүтэрбитим. Сыл кэриҥэ тутууга үлэлээн көрөн баран, наар туора дьону байыта сылдьар кэскилэ суоҕун өйдөөбүтүм. Онон дойдубар төннөн кэллим. Бастаан утаа араас быстах үлэҕэ ылсан сырыттым. Онтон аҕам доҕорун кытта кыттыһан, Аллараа Халыматтан тоҥ балык аҕалан атыылаатыбыт. Дьэ, ол кэннэ бэйэҕэ үлэлиир барыстааҕын, дохуоттааҕын амтаһыйдаҕым, биллэҕим дии. Инньэ гынан былырыын урбаанньыт буолбутум уонна ТХМ граныгар киирсибитим. Дьолго, Горнай улууһуттан 40 урбаанньыт кыттыбытыттан ала-чуо мин эрэ бырайыакпын талан үөрдүбүттэрэ. Онтон эр ылан, кынаттанан, биисинэһим саҕаланан барбыта.

         – Тоҕо чуолаан ыҥырыа биисинэһигэр ылыстыҥ?

         – Дьиҥэр, бу иннинэ перепелканан дьарыктанарым дуу дии сылдьыбытым. Онтон, дьиэ кэргэнинэн бары түмсэн сүбэлэһэн баран, „ыҥырыа мүөтэ – быдан барыстаах уонна түргэнник ороскуотун сабынар салаа буолуон сөп эбит“ диэн санааҕа кэлбиппит. Чахчыта да оннук буолан таҕыста. Быйыл күһүн 40 лиитирэ мүөтү хомуйдум. Ону улуустааҕы “Ас-үөл” дьаарбаҥкаҕа киллэрэн, 1 киилэтин 1,5 тыһ. солк. атыылаатым. Омуннаабакка эттэххэ, холбоон-илбээн 1 чаас турдум дуу, суох дуу? Дьон бөҕө тоҕуоруһа түстэ да, бука, бэйэ дойдутун мүөтүн амсайаары буолуо, мүөттээх бааҥкаларбын көрүөх бэтэрээ өттүгэр былдьаһа-тарыһа остуолтан ньылбы сотон ыллылар ээ. Оо, ону көрөн туран өссө элбэх мүөтэ суохпуттан абардым да этэ! Баара буоллар, төһөнү баҕарар батарыахха сөп курдуга.

         – Элбэҕи хомуйуоххун сөп эбит дуо?

         – Сөп эбит. Сүрүн алҕаһым – быйыл аҕыйах мүөттээх ыҥырыаны сакаастаабыт эбиппин. Иккиһинэн, онтуларым аны соҕурууттан аһара хойутаан кэлбиттэрэ. Инньэ гынан, бэс ыйын 20 күнүн кэннэ эрэ хонууга киирбитим. ¥сүһүнэн, мүөттээх сибэккилэри олордууга бириэмэм тиийбэтэҕэ. Аҥаардас айылҕаҕа эрэ эрэнэр сыыһа эбит. Тоҕо диэтэххэ, ыҥырыа үүнээйи сүмэһинигэр, нектарыгар наадыйар. Ону көрдөөн хас эмэ килэмиэтири көтүөн сөп. £скөтүн чугас эргин сибэккилээх бааһына баар буоллаҕына, мүөтү оҥоруута лаппа түргэтиир. Ити курдук бытархай алҕастар миэхэ элбэх мүөтү хомуйарбар мэһэй буоллулар. Ол да буоллар, сөптөөх салааҕа ылсыбыт эбиппин диэн сылдьабын. Алҕастарбын учуоттаан, кэлэр сылларга үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, лаппа үчүгэй барыска тахсыыһыбын.  

IMG 20171107 WA0008

         – Арай, өскөтүн эн холобургун батыһан мүөтүнэн дьарыктаныахпын баҕардахпына, туохтан саҕалыыбыный?

         – Ыҥырыа булуохха наада. Саха сиригэр мүөтүнэн дьарыктанааччы элбэх. Ыҥырыабытын, сүрүннээн, бары биир сиртэн – Алтаайтан – аҕалабыт. Манна Алтаай ыҥырыаларын Марат Залялов диэн киһи аҕалан тарҕатар. Киниэхэ эрдэттэн сакаас оҥоруохха наада. Ол киһилиин хайдах сибээстэһэр туһунан “Байдам” сурунаал ааҕааччылара миэхэ быһа таҕыстахтарына сиһилии кэпсиэҕим.

         Ыҥырыа “ыҥырыалаах бакыат” (пчелопакет) диэн анал уйаҕа угуллан кэлэр. Ол уйаҕа 10 тыһыынча мүөттээх ыҥырыа баар буолар. Биирин сыаната былырыын 10 тыһ. солк этэ. Мин 10 итинник бакыаты атыыласпытым.

         Бу салааҕа саамай үлэлээҕэ – ыҥырыа уйатын оҥоруу. Ыҥырыа бэлэм дьиэлээх кэлбэт. Онон хонууга турар уйа оҥороҕун. Бэлэми атыылаһыахха сөп эрээри, сыаната ыарахана бэрт.

         Бэйэм уһанарбын олус сөбүлүүбүн. Инньэ гынан ыҥырыаларбар бэйэм дьиэ туттум. Ыҥырыа уйата, айылҕатынан көрөн, араастаах буолар. Саха сирин усулуобуйатыгар “Дадан” диэн ааттаах барсар. Итинник уйа Нам улууһун “Күн тыкта” диэн мүөттээх хаһаайыстыбатыгар баар. Онон хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын анаан-минээн сыал-сорук оҥостон баран көрөн кэлбитим. Бэл, үтүгүннэрэн ылаары биир дьиэни чэпчэки сыанаҕа атыыласпытым.

         – Мүөттээх ыҥырыалар хайдахтарый? Тигэллэр дуо?

         – Оо, дьэ, тигэн бөҕө буоллаҕа. Бэйэлэрэ бып-бытархайдар, сахсырҕа эрэ саҕалар эрээри, тиктэхтэринэ уокка сиэппит курдук аһый гынар. Онтулара иһэн, хабыллан тахсар. Анал таҥаһа суох киирдэххинээ, таах, быстахха былдьанаҕын. Биирдэ хап-халыҥнык таҥнан, бырдахтан көмүскүүр сиэккэлээх эҥин киирбитим да, туһалаабатаҕа. Кыралара бэрт буолан, син биир ханан эрэ дьөлөҕөс булан киирэллэр эбит. Оччоҕо, дьэ, бүтэҕин. Аны, тиктэҕинэ иннэтэ туллан хаалан хаалар. Ол дьаата хааҥҥар киирэр, сүһүрдэр, аһыйан, ыалдьан барар. Оннук буолбатын туһугар, тиктэрдиҥ да ол хаалбыт иннэтин пинцетинэн сэрэнэн хостоон ылыахтааххын. Оччоҕуна улаханнык эмсэҕэлээбэккин. Ити курдук, хаста да кэһэйэн баран, ыҥырыаттан көмүскүүр анал көстүүм сакаастаан ыларга күһэллибитим.

         – Элбэх мүөтү ыларга, оччоҕо, хайыахха наада эбитий?    

         – Ыҥырыаҥ элбэх буолуохтаах. Быйыл икки төгүл элбэҕи сакаастыыр былааннаахпын. Ону таһынан, саас эрдэттэн бааһына хорутан, мүөттээх сүмэһиннээх үүнээйилэри үүннэриэхтээхпин. Холобур, кучуну, алтан оту, о.д.а. Ону таһынан үчүгэй уйалардаах буолуохтаахпын.

         – Өссө туох уустуктар баалларый?

         – Ыҥырыалар эмиэ киһи курдук ыалдьаллар. Учуонайдар уонча вирус уонна спироплазма диэн бактерия көрүҥүн араараллар. Ону сэргэ, элбэх ыарыы клещтэртэн бэриллэр. Өскөтүн ыҥырыа бүтүн “дьиэ кэргэнинэн” ыарыйдаҕына, көмөлөһөр олус уустук. Мүөтү оҥоруулара аччыыр, өлөн-сүтэн бараллар. Аны туран, онно хайдах да көмөлөһөр кыаҕыҥ суох буолан хаалар. Быһата, ытыскын соттоҕун. Ол гынан баран, ыҥырыанан дьарыктаныан баҕалаах дьону уоскутуохпун баҕарабын, билиҥҥитэ биһиэхэ мүөттээх хаһаайыстыба аҕыйах. Онон ыарыы эмиэ суоҕун кэриэтэ. Киһи киһиттэн сыстан ыалдьарын курдук, ыҥырыа эмиэ атын ыҥырыаттан, үөнтэн-көйүүртэн сыстар. Айылҕабыт ыраас буолан, ити чааһыгар турукпут үчүгэй. Ол оннугар ыҥырыа “ийэтэ” көтөн баран хаалыан сөп. Оччоҕо – хара накаас. Тоҕо диэтэххэ, кинини батыһан бары көтөн барсаллар. Ол тиийэн атын сиргэ уйаланан кэбистэхтэринэ, бүтэ тураҕын. Ол иһин эрдэ саас ыҥырыалары болҕомтолоохтук көрөн “көтүтэ” таһаараҕын.

         – Дьэ, ыҥырыаларбыт этэҥҥэ сайылаан мүөт бөҕө мустулар. Ону хайдах хомуйабын?

         – Ыҥырыа мүөтү хомуйан “сота” диэни оҥорор. Ол сотаны оҥороругар уйатыгар анал планшет уураҕын. Ону бүтүннүү мүөтүнэн толорор. Аны онтун чараас бүлүөҥкэнэн сыбыыр. Ол бүлүөҥкэ мүөтү аһарбат, куоттарбат. Бастаан планшеты хостоон таһааран баран, ол хах бүлүөҥкэни итии быһаҕынан кыһыйан ылаҕын. Мин аккумуляторынан барар анал быһахтаахпын. Ол кэннэ планшеты “медогонка” диэн тэрилгэ угабыт. Онтубут икки көрүҥнээх; электроуотунан барар уонна мэхэниичэскэй, ол аата илии киэнэ. Миэнэ – илии киэнэ. “Медогонканы” эрийэн эргитэбин, быһата, таҥас сууйар массыына таҥаһы ыгарын курдук бириинсибин туһанабын. Оччоҕо мүөт аллара сүүрэн хаалар. Ону анал иһиккэ сүүрдэн ылабыт. Салгыы сиидэлиибит уонна бааҥкаларга кутаттаан кэбиһэбит. Итинэн бүтэр. Айылҕа дьиҥнээх мүөтэ убаҕас буолар.

IMG 20171107 WA0009

         – Маннык биисинэс төһө кэскиллээҕий?

         – Кэскиллээх дии саныыбын. Саҥа, сонун салаа. Билигин мүөт номнуо күннээҕи аһылыкпыт сорҕото, ас астыырга бастыҥ эбиилик буолла. Уонна бэйэбит айылҕабыт киэнэ 100 төгүл минньигэс, иҥэмтэлээх, доруобуйаҕа туһалаах. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ хас эмэ сүүһүнэн киилэ кэлии, хайдах оҥоһуллубута, төһө бэрт хаачыстыбалааҕа биллибэт, мүөтү сиибит. Саха сиригэр ыҥырыа иитиитэ кыаллар дьыала эбит диэн түмүккэ кэллим. Үлэтэ да киһи улаханнык илистэр, эстэр-быстар үлэтэ буолбатах. Билии-көрүү, дьаныар эрэ наада. Манан элбэх киһи эбии дохуоттаныан сөп. Оттон баҕалаах дьоҥҥо, биллэн туран, уопуттаах ыҥырыа иитээччилэр ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама буолуохпутун сөп бөҕө буоллаҕа.

         – Анатолий, аһаҕас кэпсээниҥ иһин, махтал! Бэрт дьэллэм, дэлэгэй, үтүө санаалаах киһи эбиккин...

Эдэр дьон биисинэскэ ылсан, тыа сирин сэргэхситэн эрэллэриттэн киһи үөрэр. Мүөт, кырдьык, кэскиллээх салаа. Мүөт туһатын туһунан элбэҕи кэпсиир наада суох. Билиҥҥитэ Горнай мүөтэ, Нам мүөтэ, Хаҥалас мүөтэ, Бүлүү мүөтэ диэннэр бааллар, ити – мин билэрбинэн. Оттон ити курдук хас улуус, нэһилиэк аайы бэйэтэ туспа амтаннаах, туспа ааттаах-суоллаах мүөт таҕыстын? Сахабыт сирэ – киэҥ. Айылҕата, үүнээйитэ ыраас уонна араас. Онон араас дыргыл сыттаах, ураты минньигэс амтаннаах саха мүөтүн оҥорор кыахпыт, ама, суох үһү дуо, саха дьоно?!

Илья ОКОНЕШНИКОВ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар