Нууччалар «иван чай» диэн ааттыыр отторо Арассыыйа хайа баҕарар сиригэр үүнэр. Саха сиригэр эмиэ баар. Кучуттан чэй уратыта диэн — сойбутун да кэннэ иһиллэр. Эбиитин көйөрөн баран, истэх аайы эбии ыраас ууну кута-кута, икки-үс да күн устата утах гыныахха сөп. Туһалаах дьайыытын ол тухары сүтэрбэт. Бу ханна баҕарар хото үүнэр кучу от дөлүһүөннээҕэр элбэх С битэмииннээх. Ону тэҥэ тимир, никель, алтан, магний, калий, кальций, натрий, марганец курдук микро-элэмиэннэрдээх. Иммунитеты күүһүрдэр. Эти-сиини ыраастыыр күүстээх дьайыылаах. Эмп суох түгэнигэр тэмпэрэтиирэни түһэрэргэ эмиэ туһалыыр. Искэн ыарыылаахтарга туттуллар эмп буортулаах дьайыытын намыратарга эмиэ көмөлөөх дииллэр.
Аны эр дьон «кыахтарын» өр илдьэ сылдьалларыгар көмөлөһөр. Тымныйыыны утарсар уратылааҕынан, гастриттаах, колиттаах, куртахтарыгар баастаах, истэрэ үллэн эрэйдэнэр дьоҥҥо туһалаах утах буолар. Белоктаах, ону эт-сиин үчүгэйдик иҥэринэр. Кучу оту утаҕа киһиэхэ күүс-уох эбэр. Ньиэрбинэй, долгуйумтуо, дэпириэссийэҕэ ылларымтыа дьону уоскутарынан, улахан көмөлөөх. Искэн ыарыыта үөскүүрүн эрдэттэн бохсор дииллэр. Соччото суох аһы сиэн аһааҕырдахха, эмиэ кучу чэйин иһэр ордук.
Хаһан хомуйар, хайдах хатарар ордугуй?
От ыйыттан саҕалаан атырдьах ыйа бүтүөр диэри туттумахтаһар ордук. Сибэккилээн турар кэминээҕи сэбирдэҕэ лаппа туһалаах. Кучу түүлэнэн барда да — хомуйуллубат. Кураан күҥҥэ сарсыарда эрдэ хомуйуҥ диэн сүбэлииллэр. Сэбирдэҕин үөһэттэн аллара диэки тардан хомуйар үгэс баар. Умнаһын алдьаппат буолуҥ. Кыратык сибэккититтэн эбэ түһүөххэ сөп.
Кучу оту күн көрбөтүн курдук, үрдэ сабыылаах, тыал көҥүл сылдьар сиригэр куурдар ордук.
Оттон силиһин туһанар дьон күһүн түөрэллэрэ ордук. Буорун-сыыһын ыраастаан, сууйан-сотон баран куурдуллар. Кыра гына кырбастаан баран, оһоххо эбэтэр 20 С кыраадыс сылыйбыт духуопкаҕа уган ситэри хатарыллар.
Кучу от хаппыт сэбирдэҕин кумааҕы бакыакка уган, 2 да сыл хаһааныахха сөп. Оттон силиһэ үс да сыл туттуллуон сөп.
Кучу сэбирдэҕин сууйан баран, 5 см халыҥа суох гына тэлгэтэн куурдааччылар. Сэбирдэхтэри эргитэн биэрэ-биэрэ, биир суукка куурдуохха сөп.
Сүрэҕэлдьээбэккэ, сэбирдэҕи икки ытыс ыккардыгар тутан, сүмэһинэ тахсан хараарыан икки ардыгар дьоҕус халбаһы курдук эрийэн кэбиһэр табыгастаах. Эбэтэр саарыктыы эмиэ эрийиэххэ сөп. Дьэ, бу мантан дьиҥнээх, сыта дыргыйан олорор чэй тахсар кыахтаах.
Сорохтор хатарбыт сэбирдэҕи полиэтилен хаппахтаах истикэлээҥкэҕэ кутан хаһааналлар.
Туһата төһө да элбэҕин иһин, кучу чэйин икки нэдиэлэттэн уһуннук, элбэҕи иһиллиэ суохтаах. Туохха барытыгар, орто сүрүнү, кээмэйи тутуһар ордук.
Лоһуура бэлэмнээтэ.
Сэҥээриилэр
that I actually enjoyed the usual information an individual supply for your visitors?
Is going tto be back regularly to investigate cross-check new posts
My blog post; Curtis: http://adulttravelforum.com/forums/showthread.php?24350-%D0%A0%E2%80%99%D0%A0%D1%95%D0%A0%D2%91%D0%A0%C2%B0%D0%A1%E2%80%9E%D0%A0%D1%95%D0%A0%D0%85-%D0%A0%E2%80%BA%D0%A0%C2%B0%D0%A0%E2%84%96%D0%A1%E2%80%9A&p=276961
I surprise how much attempt you place to make such a excellent informative web site.
Here is my sjte - Isabelle: http://gamecenter.Idknet.com/forum/member.php?u=236928