Саха эстрадатын биир саамай чаҕылхай ырыаһыта Олимпия, ыллыырын-туойарын таһынан ас астыырын олус сөбүлүүр. Дьиэ кэргэнин куруук судургу эрээри ураты уонна олус минньигэс бүлүүдэлэринэн күндүлүүр. Кини саамай минньигэс рецептэрин үөрэ-көтө үллэстэр.
Халыыпка буспут омлет
Ирдэнэр: Сымыыт, халбаһыы, сыыр, помидор, болгарскай биэрэс, укуруоп, үүт.
Халбаһыыны, сыыры, помидору, болгарскай биэрэһи, укуруобу кыра гына кырбаан баран сымыыты кытта холбуубут. Сымнаҕас буоллун диэн үүттүүбүт уонна амсайан көрөн туустаан, тумалаан биэрэбит. Силиконовай халыыбы мас арыытынан сотон баран онно кутаталыыбыт. 180 С сылыйбыт духуопкаҕа 15-20 мүн буһарабыт. Олус тотоойу сарсыардааҥы аһылык буолар.
“Креветкэлээх паста”
Ирдэнэр: Мокоруон, креветкэ, 20-25% сүөгэй, сыыр, чеснок.
Бастаан мокоруону буһаран бэлэмниибит. Хобордооххо мас арыытыгар кыра гына кырбаммыт чесногу ыһаарылыыбыт. Ол үрдүгэр креветкэлэри кутан туустаан, тумалаан баран 4-5 мүн туруорабыт. Онтон сүөгэйи кутан 3-4 мүн туруорабыт уонна теркаламмыт сыыры кутабыт. Сыыр үчүгэйдик ууллубутун кэннэ мокоруону кытта холбуубут.
«Сааскы» салаат
Ирдэнэр: Оҕурсу, помидор, буспут куурусса түөһүн этэ, сыыр, сымыыт, сүөгэй, укуруоп.
Оҕурсуну, помидору, буспут куурусса түөһүн этин, сыыры, сымыыты, укуруобу кыра гына кырбаан баран сүөгэй кутабыт. Амсайан көрөн туус, тума кутан булкуйабыт. Судургу эрээри олус минньигэс салаат бэлэм.
Бэйэ буһарбыт пиццата
Тиэстэтэ: Ыстакаан аҥара үүт, 1 ч нь саахар, 1,5 ч нь туус, 2 ч нь олива арыыта, 1 ч нь доруоһа (быһа холоон), бурдук.
Ирдэнэр: Майонез, кетчуп, помидор, халбаһыы, сыыр.
Тиэстэни аһара кытаанах буолуор диэри мэһийбэккэ арыый сымнаҕас оҥорор үчүгэй. 1-1,5 чаас “сынньатан” баран тэнитэбит. Бастаан майонеһы уонна кетчубу холбоон соус оҥорон тиэстэни сыбыыбыт. Онтон помидору, халбаһыыны кырбаан тэнитэбит. 180 с сылыйбыт духуопкаҕа 15 мүн буһарабыт. Буһуутун саҕана теркаламмыт сыыры кутан баран төттөрү угабыт. Остуолга ууруох иннинэ укуруобунан киэргэтэбит.
Кабачоктан икра
Ирдэнэр: 2 луук, 2 моркуоп, 3 помидор, 2-3 орто кабачок.
Улахан миискэҕэ астыыр ордук. Бастаан луугу ыһаарылаан баран моркуоптары, кабачоктары кырбаан кутабыт. Уонна уу эбэн биэрэбит. Онтон помидордары хаҕыттан ыраастаан баран кутабыт уонна амсайан көрөн туустуубут, тумалыыбыт. 20 мүн буспутун кэннэ хаппаҕын арыйан туруора түһэбит. Сойбутун кэннэ блендерынан ньыһыйан икра оҥоробут. Ньуоска турар гына хоп-хойуу буолуохтаах.
Запеканка
Ирдэнэр: Хортуоска, куурусса этэ, луук, биэрэс, моркуоп, помидор, олива арыыта, сыыр, 10-20% сүөгэй, укуруоп.
Улахан иһиккэ хортуосканы, куурусса этин, луугу, биэрэһи, моркуобу кырбаан кутабыт уонна туустаан, тумалаан баран олива арыытын таммалатабыт. Үчүгэйдик булкуйан баран духуопка лииһигэр тэлгэтэбит уонна үрдүгэр сүөгэйтэн кутабыт. Фальганан бүрүйэн баран 220 С сылыйбыт духуопкаҕа 35-40 мүн буһарабыт. Буспутун кэннэ фальгатын ылан үрдүгэр помидор кырбаан уурталыыбыт уонна 10-15 мүн туруорабыт. Саамай бүтэһик теркаламмыт сыыры кутабыт, остуолка укуруобунан киэргэтэн баран ууруохха сөп.
“Искушение” салаат
Ирдэнэр: Ыыһаммыт куурусса этэ, 3 сымыыт, пачка аҥара тоҥ өҥнөөх хаппыыста, 1 баҥка тэллэй, майонез.
Сымыыты, өҥнөөх хаппыыстаны буһарабыт, тэллэйи ыһаарылыыбыт уонна барытын кыра гына кырбыыбыт. Ыыһаммыт куурусса этин кытта холбоон баран майонез, туус, тума кутан булкуйабыт.
“Сайралаах” миин
Ирдэнэр: 1 баҥка “сайра”, хортуоска, луук, моркуоп, вермишель, укуруоп.
Оргуйбут ууга бастаан хортуосканы онтон аҕыйах мүнүүтэ тура түспүтүн кэннэ “сайраны” кутабыт. Бу кэмҥэ луугу уонна моркуобу ыһаарылаан кутабыт. Буһарын саҕана вермишель кутуллар. Остуолга ууруох иннинэ укуруобунан киэргэтиэххэ сөп.
Фарштаах биэрэс
Ирдэнэр: Ынах этиттэн фарш, биэрэс, хортуоска, луук, моркуоп, помидор, сыыр, томатнай паста.
Үгүс дьон фарштаах биэрэһи духуопкаҕа буһарар. Оттон мин улахан миискэҕэ буһарарбын ордоробун. Луугу, моркуобу, помидору томатнай пастаны кытта ыһаарылаан баран, биэрэспит буһуо 10 мүн иннинэ холбуубут. Хортуосканы туспа буһарабыт.
Кальмардаах салаат
Ирдэнэр: Кальмар, тэллэй, луук, сымыыт, тууһаммыт оҕурсу, майонез, лимон.
Кальмары буһаран баран төгүрүк гына кырбыыбыт. Тэллэйи уонна луугу тус туһунан ыһаарылыыбыт. Сымыыты, туустаах оҕурсуну кыра гына кырбыыбыт. Барытын холбоон баран майонезтыыбыт уонна лимон уутуттан кыратык таммалатабыт. Амсайан көрөн туустаан, тумалан биэрэбит.
Минньигэстик аһааҥ!