Киир

Киир

Хас биирдии хаһаайка күн аайы дьиэ кэргэнин тугу астаан аһатарын толкуйдуур. Дьиэ-уот күннээҕи түбүгүн толорон эбэтэр үлэ кэннитэн кэлэн түргэн үлүгэрдик минньигэс бүлүүдэлэринэн бар дьонун күндүлүүр. Манна олус судургу рецептэр күүс-көмө буолаллар. Бастыҥ хаһаайка, асчыт бэрдэ Изольда Местникова олус минньигэс рецептэрин үллэстэр.

Минньигэс бөрүөк

clad pigog2

Тиэстэтэ: 1 бааҥка хойуннарыы үүт, ыстакаан аҥара суорат, 1 ч.нь. суода уонна бурдук.

 Туолбата: барыанньа, джем эбэтэр фрукта (тугу сөбүлүүргүнэн).

Тиэстэни мэһий уонна икки тэҥ чааска араар. Бөрүөк киэбин оҥорон баран үрдүгэр туолбатын кут. 180-200 кыраадыс сылыйбыт оһоххо саһарчы буһар.

Балыктаах бөрүөк

 baluktaaxpirog2

Тиэстэтэ: 100 г ынах арыыта, 2 ыстакаан бурдук, кымаах туус, 0,5 ч.нь. суода, 1 ыстакаан суорат уонна 2 сымыыт.

Туолбата: 300 гр үрүҥ эттээх балык, 200 гр буспут рис уонна күөх тума.

Тиэстэни мэһийэн баран икки тэҥ чааска араар. Бастакы аҥарыгар балыгы, ирииһи уонна күөх туманы

уур уонна тиэстэнэн бүрүй. Үрдүн бииккэнэн дьөлө ас. 180-200 кыраадыс сылыйбыт оһоххо саһарчы буһар.

Кыратык тууһаммыт оҕурсу

 ogyrcy2

Сибиэһэй оҕурсу, күөх тума, туус, мас эбэтэр олива арыыта уонна салаппаан мөһөөччүк.

Оҕурсуну өлүүскэнэн кырбаа уонна мөһөөччүккэ ук. Тууһу, күөх туманы, арыыны хараххынан көрөн кут. Онтон ыга баай уонна сэрэнэн сахсый. Чаас курдук  холодильникка уур.   Кыратык тууһаммыт оҕурсу бэлэм буолла.

Ыһаарыламмыт банан

 banan2

2 устуука банан, 2 ост.нь. ынах арыыта уонна саахар.

 Хобордооххо арыыны уонна саахары кутан ууллар. Бананы өлүүскэнэн кырбаа уонна икки өттүттэн ыһаарылаа. Минньигэс тоҥ үрүҥ аһы кытта сииргэ олус үчүгэй.

 

Санааҕын суруй